«Оҕо Дьулаах бухатыыр» олоҥхону астына көрдүбүт
Ньурба оройуонун ускуустубатын уонна култууратын уораҕайыгар «Оҕо Дьулаах бухатыыр» олоҥхону астына-дуоһуйа көрдүбүт!
Бырайыак ааптара Аар Дархан оһуокайдьыт, култуура департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова буолар. Бастатан туран, бу айымньы тыыннаахтыы үрдүк сценаҕа оонньоммутугар үлэлэспит дьоммутугар, режиссердарга, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарыгар муҥура суох барҕа махтал!
Мин онно-манна сырыттым ини, сылдьыбатым ини. Ол тухары сир-дойду үһүйээннэрин истэрбин, ол тула кэпсэтэрбин олуһун сөбүлүүбүн. Дойду-дойду хайаан да туспа суоллаах-иистээх буолар. Ол эрээри, бүгүҥҥү олоҥхону көрөн баран: «Сахалар бары биирбит, биир сиэрдээх-туомнаах эбиппит» диэн өйдөбүлү бэйэм бэйэбэр өссө бигэргэттим. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, Зверев үҥкүүтүгэр кэпсэнэр сүктэр кыыс үҥкүүтүн бүгүн Чыычаах олоҥхотугар сиһилии оонньоон көрдөрдүлэр. Бу урут Уус Алдан улууһугар баай киһи кыыһа сулумах сылдьан өлбүтүттэн, кыыһын ыал буолуу тугун билбэтэ диэн, Кыыс ыһыаҕын тэрийиититтэн тарҕаммыта диэн баар суол… Сиһилии суруйдахпына бүппэппин. Маны таһынан биһиги эҥэр дойду оҕонньотторо, сир түннүгэ кырдьаҕастар уруут-урут, былыыр-былыр саха норуота сүппэтин, эстэн-симэлийэн хаалбатын диэн тоҕус ойуун, 18 удаҕан көрүүлэнэн баран, Бүтэй Бүлүү диэн ааттаах дойдуга, ол дойду устун талба талааннаахтарын, бастыҥнарыҥ, хомуһуннаах убайдары, эдьиийдэри олохсута ыыталаабыттар үһү диэн кэпсиир буолаллара… Баҕар онтон буолуо, бу маннык сиэр-туом Ньурба олоҥхотугар, Бүлүү бөлөх ырыатыгар-тойугугар көстөн кэлэр
Кэллиэгэлэрим уонна Ньурба олохтоохторо олох хаама сылдьар талааннаргыт! Аҥардас иис-уус өттүн ылан көрдөхпүтүнэ, көстүүмэнэрэ, маллара-саллара, оннооҕор быычыкаайык атрибуттара хас биирдии оҕуруотугар тиийэ кичэллээхтик тигиллибитэ биллэр, көстөр. Ити буоллаҕа, кыһаллыы диэн. Кыл кылыһахтар, тыыннаах дорҕооннор олоҥхо алыбыгар, эйгэтигэр быһаччы киллэрдигит. Олохтоох дьон оруоллары бэркэ да оонньоотугут!
Инникитин Ньурба төрүт дорҕоонунан, бастыҥ норуот ырыаһыттарын, оһуокайдьыттарын ураты эйгэлээх матыыптарынан, хамсаныыларынан өссө улахан айымньыны тобулан айан-тутан таһааран аан дойдуга тэлэһитэргит буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!
Түгэни туһанан, Чуукаар нэһилиэгин баһылыгар Артур Федоровка, оскуола дириэктэригэр Июлия Федороваҕа массыынанан хааччыйан маннык сүдү тэрээһиҥҥэ аҕам саастаахтарбытын босхо таспыккытыгар махтанабыт, эрэллээх суоппардарбытыгар Изабелла Иннокентьеваҕа уонна Никита Иннокентьевка улахан да улахан махтал!
Сэргэн Лэкээрин.