«Таас Буурай бухатыыр» олоҥхону дьиэ кэргэнинэн аахтылар
Сунтаар улууһугар олоҥхону дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үтүө үгэскэ кубулуйан, быйыл иккис сылын Төрөөбүт төрүт тыл сылын чэрчитинэн, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут С.А.Зверев — Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылын көрсө ыытыллар.
И.И.Макарова-Толоон Туорааҕа «Таас Буурай бухатыыр» олоҥхотун дьиэ кэргэнинэн уус-уран ааҕыы күрэһин бастакы кыттааччылара Федоровтар ийэ ууһун сыдьааннара, Григорьевтар дьиэ кэргэн, аймахтарын кытта саха балаҕаныгар, көмүлүөк оһох тула олорон ааҕан иһитиннэрдилэр
Сандалы тула үүттээх итии чэйи иһэ-иһэ, сахабыт төрүт астарыттан, арыылаах саламааты, дьэдьэннээх күөрчэҕи, баахыланы, үрүмэни, итиилии алаадьы, эмис убаһа ойоҕоһун амсайдыбыт. Маннык дьиҥ сахалыы эйгэҕэ истээччилэр бухатыыр атын ахсым айанын, айыы бухатыырын хорсун сырыытын илэ-бааччы көрбүттүү сананнылар. Олоҥхо күнүн дириҥ ис хоһоонноохтук тэрийсибит балаҕан хаһаайыттарыгар Карл, Валентина Григорьевтарга улахан махталбытын тиэрдэбит.
Санатан эттэххэ, аны сааска диэри нэһилиэктэн түөрт ыал ааҕара күүтүллэр.
Кириэстээх библиотеката