Оҕолор олоҥхо туһунан элбэҕи билиэхтэрэ
Сэтинньи 20 күнүттэн Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар «Олоҥхо — саха норуотун киэн туттуута» нэдиэлэ саҕаланна.
Бу нэдиэлэҕэ үөрэнээччилэр кылаас чаастарыгар олоҥхо туһунан кэпсэтиэхтэрэ, олоҥхо дьыктаанын суруйуохтара, биктэриинэҕэ кыттан олоҥхо туһунан билиилэрин тургутуохтара.
Бу нэдиэлэ чэрчитинэн «Олоҥхо эйгэтин абылаҥа» диэн сэминээр буолла. Оҕо ускуустубатын оскуолатын учуутала Варвара Алексеевна Парфенова, үһүс кылаас учуутала Татьяна Семеновна Севастьянова үөрэтэр, уһуйар оҕолорунуун, төрөппүттэрдиин тэрийдилэр.
Сэминээри үөрүүлээхтик арыйыы, алгыс сиэрэ-туома толорулунна. Үһүс кылаастарга «Олоҥхо баай аһа-үөлэ» тиэмэҕэ олус бэрт уруок буолла. Алтыс кылаастарга «Олоҥхо дойдутун талба-мааны таҥаһа, киэргэлэ-симэҕэ» тиэмэҕэ уруок киэҥ далааһыннаахтык ааста, санаа атастаһыыта буолла.
Ыаллыы сытар оскуолаларбыт учууталлара кэрэни кэрэхсии, үтүөнү сэҥээрэ сэминээргэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Оҕолор олоҥхону бөлөҕүнэн толороллорун истэн олус хайҕаатылар.Саҥа сонун көрүүлэри истэн, баай уопуттан үллэстэн сүөм үрдээн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Валентина КРИВОШАПКИНА, Харбалаах, Таатта