“Олоҥхо-баттл” кыайыылааҕа Станислав Иванов олоҥхото ураты киэбинэн таҥыллан таҕыста
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ электроннай издательстволаах. Бу бырайыак чэрчитинэн Станислав Иванов “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхото аудио сыһыарыылаах электроннай кинигэ быһыытынан таҕыста.
“Ол аата хайдах киэптээх кинигэний?” – диэн сэҥээрдэргит, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин new.nlrs.ru саайтыгар киирэн, бу https://new.nlrs.ru/open/101838 сигэнэн олоҥхо тиэкиһин ааҕыаххытын, биитэр https://new.nlrs.ru/open/101832 сигэнэн ааптар бэйэтэ толорорун истиэххитин сөп. Маныаха, биллэн турар, ааҕааччы билиэттээх буолуохтааххыт. Оттон онтукаҕыт суох буоллаҕына, регистрацияны тута онлайн ааһыаххытын сөп.
Станислав Иванову өрөспүүбүлүкэ дьоно чуолаан быйыл ордук үчүгэйдик билбит буолуохтаахтар. Ол курдук, кини бу ааспыт ыйга “Саха” НКИХ ханаалыгар ыытыллыбыт “Олоҥхо-баттл” диэн телевизионнай күрэххэ муҥутуур кыайыылаах буолбута уонна 500 000 солкуобай суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта.
Ол үөрүүтүн үксэтэн, аны электроннай бибилэтиэкэбит пуондата кини “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотунан хаҥаата.
-Бу олоҥхону 2017 сылтан суруйан саҕалаабытым. Бастаан тутулун, туох уратылаах буолуохтааҕын торумнаабытым. Суруйан истэҕим аайы ол толкуйдарым харахпар көстөн кэлэн испиттэрэ. Оннук бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнэһэн, сааһыланан барбыттара.
Олоҥхобуттан ааҕааччыларым тугу эмэ сонуну, суолталааҕы бэйэлэригэр ылынныннар диэн, хас биирдии түгэни туох эрэ кистэлэҥнээх, киһиэхэ сырдык санааны саҕар гына суруйа сатаабытым.
Дьоруойдарым ааттарын толкуйдуур ордук уустук этэ. Бастаан ааттара суох суруйа сылдьыбытым. Онтон олоҥхом ис хоһоонуттан, олоҕум түгэннэриттэн персонажтарым ааттара бэйэлэрэ айыллан тахсыбыттара. Холобура, сүрүн боотурум аатыгар Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр үлэлээн ааспыт олоҕум кэрчик кэмэ сабыдыаллаабыта. Мандар Уус өрүү туттар уонна кыһатыгар суруллан турар “Тимир уһаарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ буолар” диэн кынаттаах этиитин өйдүү биэрэн, Хатан диэн ааттаабытым.
Олоҥхобун хос-хос ааҕан көрдөҕүм ахсын, тылын-өһүн чочуйан, тупсаран испитим. Кэлин силигэ ситэн, түмүктээн баран ааҕарбар, тус олохпор буолбут үөрүүлэр уонна хомолтолор суруллан тахсыбыт курдуктар эбит дии санаабытым, — Станислв Иванов санаатын үллэстэр.
Станислав бэйэтэ Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх. Икки өттүттэн эһээлэрэ Харлампьев Дмитрий Михайлович уонна Иванов Платон Васильевич дойдуларыгар биллэр оһуохайдьыттар эбит. Ону утумнаабыт буолуохтаах диэн, кырачаан уолу Дария Егоровна Алексеева уһуйан, Станислав ырыа-тойук аргыстаах улааппыт. Оскуола кэнниттэн Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн бүтэрэн, ыал буолан, билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олорор, култуура уонна духуобунай сайдыы улуустааҕы салалтатыгар методиһынан үлэлиир.
“Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхо аудио киэбигэр С.В. Макарова хомустаабыт дьүрүскэнэ, итиэннэ audiohunter.ru саайтан “Саха үҥкүүтэ” доҕуһуол туһаныллыбыттар. Электроннай кинигэтин ойуутун АГИКИ живописька уонна графикаҕа кафедратын устудьуона Лилия Ушницкая уруһуйдаабыт.
Билиҥҥи кэм эдэр олоҥхоһутун бастакы эпическэй айымньытын ааҕыҥ, истиҥ, сэргээҥ!