«Илгэлээх Орто дойду» быыстапкаҕа сылдьыҥ
Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн норуот уус-уран оҥоһуктарын “Симэх” национальнай киинигэр “Илгэлээх Орто дойду” («Благодать Срединного мира») диэн быыстапкаҕа ыҥырабыт.
Бу быыстапканы “Симэх” галереяны кытта Муусука уонна фольклор мусуойа, Олоҥхо тыйаатыра тэрийдилэр.
Көрдөрүүгэ араас көлүөнэ маастардара тигэн, өрөн, чочуйан, кыһан, таптайан, кутан оҥорбут сиэдэрэй оҥоһуктара уурулуннулар. Бу экспонаттар саха төрүт култуурата баайын, дириҥин, уратытын кэрэһилииллэр, кэпсииллэр.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар ыалдьыттары “Симэх” киин норуот оҥоһуктарыгар салаатын сүрүннүүр Д.К. Осипов уонна Олоҥхо тыйаатырын артыыһа В.Г. Исаков эҕэрдэлээтилэр.
Култуура кэллиэһин устудьуоннара Ершова Аэлита, Сокольникова Виолетта хомустаатылар, АГИКтан Васильева Сайаана тойуктаата.
Экскурсияны норуот маастара Татьяна Николаевна Шишигина ыытта, хас биирдии экспонат туһунан сиһилии сэһэргээтэ.
Быыстапканы ахсынньы 1 күнүгэр диэри “Симэх” галереяҕа тиийэн көрүөххүтүн сөп.