Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын уратыта - эйэни түстүүр, уһун тускулу туругурдар идиэйэ - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын уратыта - эйэни түстүүр, уһун тускулу туругурдар идиэйэ

Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын уратыта — эйэни түстүүр, уһун тускулу туругурдар идиэйэ

Олоҥхо ыһыаҕа быйыл аммаҕа буолар. Бу ыһыах кэнсиэпсийэтин сүрүн идиэйэлэрин  Клара Кириллина кэпсээтэ:

мискэ Күөрэлэ алааска сымара тааска олоҥхоһут Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотуттан “Саҥарар саҥам сабаҕатын санаан, этэр тылым эгэлгэтин эрдьиэстээн” диэн кэнчээри ыччакка кэриэс-хомуруос тыллара Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн санаата буолар.

Биир дойдулаахпыт, биллиилээх публицист, уопсастыбанньык Олег Гаврильевич Сидоров 2016 сыллаахха Платон Алексеевич Ойуунускай туһунан “Жизнь замечательных людей” диэн серияҕа бэчээттэппит кинигэтигэр “Олоҥхо – якутский супер текст” диэн суруйбутун болҕомтоҕо ыллыбыт.

Олоҥхоҕо этиллэрин курдук, атааннаах-мөҥүөннээх уустук кэмҥэ үктэннибит. Саха дьоно ханнык да кэмҥэ уһун тускуну, эйэлээх олоҕу туругурдар идэлээх. Күннүк Уурастыырап Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турар кэмигэр Бырабыыталыстыбаҕа киирэн: “Үлэһит дьон санааларын көтөҕөн ыһыахтыаҕыҥ”, — диэбитин ылынаннар, Эйэ ыһыаҕын, Кыайыы ыһыаҕын тэрийбиттэрэ. Олоҥхо тиэкиһин үөрэтэн көрдөххө, тыл барыта икки өрүттээх (дуализм). Айылҕа туһунан “алла турар быйаҥнаах” диэн этэн-тыынан баран, аны иккис абзаһыгар аҕалан, “уолан баранар уулардаах, охтон баранар мастардаах” диир. Аммалар бастакынан маһы кэрдиини, леспромхоз тутуутун, ууну хачайдааһыны утараннар, Саха сирин бүтүннүүтүн хамсаппыт общественнай хамсааһыны саҕалаабыттара.

Олоҥхо сэбиэскэй былаас саҕана 20-с үйэ саҕаланыыта сценаҕа тахсар. Тас көстүү, декорация улахан оруолу ылар гынан баран, син биир эпическэй уратытын ыһыктыбат. Аан бастаан Айыы Умсуур удаҕан ырыатын саха күөрэгэйэ Екатерина Захарова ыллаабыт эбит. Режиссер Федот Федотович Потапов үстэ туруора сылдьыбыт. Сүрүн оруоллары, партиялары Матвей уонна Федор Лобановтар, Нина Чигирева – барыта биһиги дьоммут, амалар, толорбуттар.

Онон Амма олоҥхоҕо каноннары олохтообут дойду буолар диэн биһиги өрөспүүбүлүкэ общественноһыгар биллэрэбит, киэн тутта этэбит. 

Улуустааҕы Олоҥхо ассоциация салайааччыта Нюргуяна Ивановна Илларионова  “Амгинский культурный код” диэн өйдөбүлү киллэрбитэ. Ону кылгастык быһаардахха, этиһии-охсуһуу, атаан-мөҥүөн буолаары гыннаҕына, аммалар наар эйэни түстүүр, кыайыыны ыраланар, айылҕаны харыстыыр диэн өйдөбүллээх. Ол иһин биһиги ити идея тула түмсэммит, бэйэбитин дьоһуннаахтык сананан тураммыт, атын улуустары хатылаабакка, арыый сонуну оҥоруоҕуҥ диэн, биһиги ыһыахпыт эйэни түстүүр, уһун тускулу туругурдар буолуоҕар бары турунуоҕуҥ, — диэн Клара Романовна Олоҥхо ыһыаҕын концепциятын сүрүн санааларын сырдатта.

Поделитесь этой страницей