Ыччат олоҥхолоох айана: Таатта-Амма
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» бырайыак иккис сырыытын Таатта, Амма улуустарыгар аныыр.
«Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» тэрээһин буолар күнэ, ыытыллар сирэ:
- Ахсынньы 11 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгин Л.Н. Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтигэр 15.00 чаастан.
- Ахсынньы 12 күнүгэр Чөркөөххө Судаарыстыбаннас түмэлин балаҕаныгар 15.30 чаастан.
- Ахсынньы 13 күнүгэр Ытык Күөл П.А. Ойуунускай аатынан тыйаатырыгар 16.00 чаастан.
- Ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы дьиэтигэр 16.00 чаастан.
Тутан олорон, эт кулгааххытынан истиэххит тэлэбиисэр нөҥүө көрөр олоҥхоһут ыччаппытын: «Олоҥхо-баттл» өрөспүүбүлүкэтээҕи телевизионнай куонкурус кыайыылааҕа Станислав Иванову (С.Иванов «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхо), Олоҥхо 2023 сыллаахха Өймөкөөҥҥө ыһыллыбыт ыһыаҕын ыччакка муҥутуур кыайыылааҕа Марфа Аммосованы (Н.Степанов-Ноорой «Күн Эрили»), «Муҥха олоҥхото-2022» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр бастаабыт Прасковья Лебедеваны (П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр»), онно ситиһиилээхтик кыттыбыт Кондратий Герасимовы (Тойтуун Уйбаан «Хаан Дьааһын»), Олоҥхо дойдутун оҕотобун» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс кыайыылаахтара Диана Петухованы (П.Оҕотоойоп «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур»), Мира Егорованы (Э.Эристиин «Буура Дохсун»), итиэннэ кыттыылааҕа Нарыйаана Шамаеваны (С.Каратаев-Ырыа Дыгыйар «Сүүлэлдьин Боотур»).
Сахалар ахсынньы аам-даам тымныыларыгар, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ, балаҕаннарыгар олорон, олоҥхо истэн сэргэхсийэр үтүө үгэстэрин аныгы дьон умнумуоххайыҥ, ырыаһыт ыллам ыччаппыт ырыатын-тойугун, олоҥхотун сэргиэххэйиҥ!
Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыта, өбүгэбит туох баар сүбэтэ-соргута, мындыр толкуйа, кэс тыла кистэммит кылаата, фольклорбут бары көрүҥүн илдьэ сылдьар үйэлээх баайбыт, саха омук олоҕун оҥоһуллуутун ойуулуур оҥкулбут – олоҥхобут – кэлэр кэмнэргэ да кэрэхсэнэ турдун, кэнчээри ыччакка суолдьут сулус буоллун!
Тустаах бырайыак Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн оҥоһуллар.
Бырайыак сонуннарын olonkho.nlrs.ru саайка күннэтэ ааҕар буолуҥ!