Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сугулаан
Дьокуускайга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Пути возрождения и сохранения эпического наследия и сказительства» диэн научнай-практическай форум буолла.
Манна Казахстантан, Киргизияттан, Алтайтан, Башкирияттан уонна Хакасияттан норуот уус-уран айымньытын исписэлиистэрэ кэлэн кытыннылар.
«Бу форум биһиги бырайыаэпыт чэрчитинэн ыытылла турар. Мэҥэ Хаҥалас Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын гранын сүүйбүппүт. Быйыл Олоҥхобут дьиэтэ үлэлээбитэ оруобуна 10 сыла, онон үбүлүөйдээх сылбытыгар бачча далааһыннаах тэрээһини ыыппыппыт икки бүк үөрүүлээх. 2019 сылтан эпостаах бырааттыы норуоттарбытын кытта ситимнээхтик үлэлээтибит. Быйыл кинилэри Сахабыт Сиригэр ыҥыран, эпическэй нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа, үйэтитиигэ, тарҕатыыга, сайыннарыыга баар кыһалҕалары аһаҕастык этэр уонна ону быһаарар, туоратар кэпсэтиигэ кытыннарбыппыт үтүө түмүктээх буолуоҕа дии саныыбын», — диэн кэпсээтэ дириэктэр Евдокия Иванова.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олоҥхону сөргүтүүгэ утумнаах үлэ ыытыллар. Олоҥхоһуттарбытыгар Ил Дархан истипиэндьийэтэ кытта олохтоммута», — диэн сырдатта култуура миниистирэ Афанасий Ноев.
Алтайтан «Эре-Чуй» ансаамбыл салайааччыта Евгений Алчинов: «Мин куолай ырыатын туһунан дакылааттаах кэллим. Сүрүн соругум — уопут атастаһыыта уонна атыттары истээри. Аныгы кэмҥэ эпос бэйэтин миэстэтин булла — норуоттары сомоҕолуур аналлаах».
Форум кэмигэр Саха тыйаатыра национальнай таҥаспытын көрдөрөр быыстапканы тэрийдэ. Санаа атастаһар былаһааккаларга учуонайдар, чинчийээччилэр, фольклорнай кэлэктиип салайааччылара, куруһуок уһуйааччылара норуоттар култуураларын хардарыта сайыннарыы туһунан кэпсэтиигэ кытыннылар.
Фото: Саина Титова