Олоҥхо дьоро киэһэлэригэр ыҥырабыт
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» диэн кыттыгас бырайыактарын чэрчитинэн Таатта, Амма улуустарын айаҥҥа турунар.
Олоҥхо дьоро киэһэлэрэ буолуохтара:
Ахсынньы 11 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгин Л.Н. Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтигэр 15.00 чаастан.
Ахсынньы 12 күнүгэр Чөркөөххө Судаарыстыбаннас түмэлин балаҕаныгар 15.30 чаастан.
Ахсынньы 13 күнүгэр Ытык Күөл П.А. Ойуунускай аатынан тыйаатырыгар 16.00 чаастан.
Ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы дьиэтигэр 16.00 чаастан.
Ол курдук, «Олоҥхо-баттл» өрөспүүбүлүкэтээҕи телевизионнай куонкурус кыайыылааҕа Станислав Иванов бэйэтэ айбыт «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур», быйыл Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕын ыччакка муҥутуур кыайыылааҕа Марфа Аммосова Н.Степанов-Ноорой «Күн Эрили», «Муҥха олоҥхото» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр 2022 с. бастаабыт Прасковья Лебедева П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр», ити күөн күрэскэ ситиһиилээхтик кыттыбыт Кондратий Герасимов Тойтуун Уйбаан «Хаан Дьааһын», “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” кыайыылааҕа Мира Егорова (Э.Эристиин «Буура Дохсун»), ити куонкурус кыттыылааҕа Нарыйаана Шамаева С.Каратаев-Ырыа Дыгыйар «Сүүлэлдьин Боотур» олоҥхолоруттан быһа тардан толоруохтара. Кинилэри кытта олоҥхону сэҥээрэр уонна кэлин улахан түһүлгэлэри киэргэтэр кыахтаах Уйгууна Халыева уонна Алтаайтан кэлэн үөрэнэ сылдьар, төрүт омугун эпоһын киэҥ эйгэҕэ таһаарар ыра санаалаах Илья Дугашов десаҥҥа сылдьыһыахтара.
Айар бөлөҕү Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн проректора, культурология наукатын кандидата, култуура туйгуна Зоя Андреевна Стрекаловская уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Саха Сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын сыыппараҕа үйэтитэр салаатын сүрүннүүр библиографа, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин уонна СӨ бэчээтин туйгуна Анисия Михайловна Иевлева салайан илдьэ сылдьыахтара.
Өбүгэбит туох баар сүбэтэ-соргута, мындыр толкуйа, кэс тыла кистэммит кылаата, фольклорбут бары көрүҥүн илдьэ сылдьар үйэлээх баайбыт, киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыта – саха омук олоҕун оҥкула оҥоһуллуутун ойуулуур олоҥхобут – кэлэр кэмнэргэ да кэрэхсэнэ турдун, кэнчээри ыччакка суолдьут сулус буоллун диэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр, тарҕатар уонна сыыппара эйгэтигэр, куйаар ситимигэр үйэтитэр соруктаах тэриллибит “Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!” бырайыак Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн ыытыллар.
Былаан быһыытынан, Таатта улууһугар “Кылыһах”, Чөркөөххө “Күбэйэ”, “Көһөҥө ситимэ”, “Удьурҕай” фольклорнай бөлөхтөр, Раиса Маркова, Розалия Докторова, Татьяна Слепцова, Иван Слепцов, Амма улууһугар Вера, Зинаида Бураева, Анна Кириллина олоҥхолорун, В.Г. Григорьева олоҥхону толорууга уһуйар дьарыгын, Бөтүҥҥэ ыытыллар олоҥхо күрэҕин кыттыылаахтарыттан көрөн устуохтара.
Уһуллубут уонна хомуллубут матырыйааллар барыта СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин https://olonkho.nlrs.ru саайтыгар үйэтитиллиэхтэрэ. Оттон айан-сырыы сонуннара күннэтэ https://vk.ru/eposolonkho социальнай ситимҥэ тиһигин быспакка сырдатылла туруохтара.
Сахалар ахсынньы аам-даам тымныыларыгар, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ, балаҕаннарыгар олорон, олоҥхо истэн сэргэхсийэр үтүө үгэстэрин аныгы дьон умнумуоххайыҥ, ырыаһыт ыллам ыччаппыт ырыатын-тойугун, олоҥхотун сэргиэххэйиҥ!