Тыараһаҕа олоҥхо дьоро киэһэтэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Тыараһаҕа олоҥхо дьоро киэһэтэ

Тыараһаҕа олоҥхо дьоро киэһэтэ

Олоҥхолоох айан: ноо!” бастакы тохтобула олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит сирдэригэр Кыйыга буолла.

-Тыараһаҕа 26 олоҥхоһут баар буола сылдьыбытын быһаарбыттара. Олоҥхо педагогикатын үөрэтэр Екатерина Петровна Чехордуна бу маннааҕы. Кини 90-c сылларга улууска бастакынан биһиги оскуолабытын олоҥхоҕо туһаайбыта, олоҥхо оҥкулунан үлэни сүрүннээбитэ. Оччолорго биһиги үөрэнээччилэр буоллахпыт дии. Улаханнык өйдөөбөтөрбүт даҕаны, олоҥхону толорор этибит. Ол дьарыкпыт киһи быһыытынан сайдыыбытыгар сүҥкэн сабыдыаллааҕа кэлин билиннэ: сахалыы тыыҥҥа, олоҥхо эйгэтигэр улааппыт буоламмыт, дойдубутугар бэриниилээх буолуубут күүстээх быһыылаах. Ол курдук, биһиги көлүөнэ ыччаттан билигин Таатта улууһугар элбэх киһи салайар үлэҕэ үлэлии сылдьар, — диэн билиһиннэрдэ баһылык Прокопий Прокопьевич Турнин.

Дьэ, ити курдук олоҥхону өрө туппут тыараһаларга “Олоҥхолоох айан” эдэр толорооччулара Мира Егорова Э.Эристиин «Буура Дохсун», Нарыйаана Шамаева С.Каратаев-Ырыа Дыгыйар «Сүүлэлдьин Боотур», быйыл Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕын ыччакка муҥутуур кыайыылааҕа Марфа Аммосова Н.Степанов-Ноорой «Күн Эрили», «Муҥха олоҥхото» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыт Кондратий Герасимов эһэтэ Тойтуун Уйбаан «Хаан Дьааһын» олоҥхолоруттан быһа тардан толорон иһитиннэрдилэр. Оҕолор Алтаайтан кэлэн үөрэнэ сылдьар Илья Дугашов ураты толоруутун, хабарҕа ырыатын ордук сэргээтилэр.

Бу бырайыак билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын үйэтитэр соруктаах тэриллэр. Онон “Кылыһах” норуодунай бөлөх “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 5-c ырыатын уонна алгысчыт, кыраайы үөрэтээччи Сергей Федорович Кладкин биир дойдулааҕа, тыыннааҕар алтыспыт уонна истибит олоҥхоһута Сэмэн Собакин-Сэмэтэй “Оҕо Ньургун” олоҥхотуттан толорорун уһуллулар.

Бу матырыйаал барыта СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин “Олоҥхо” саайтыгар тахсыаҕа, электроннай бибилэтиэкэ пуондатыгар хараллыаҕа.

Үөрбүппүт диэн, тэрилтэ салайааччылара — Тыараһа баһылыга П.П. Турнин, оскуола дириэктэрэ П.В. Полускин — ыччакка холобур буолан, бэйэлэринэн олоҥхолууллар эбит.

Олоҥхолоох ыччат салгыы “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйбут Ойуунускай, ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр дойдуларыгар Чөркөөххө айаннаатылар.

Поделитесь этой страницей