“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо – Мэҥэ Алдаҥҥа
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан Мэҥэ Алдаҥҥа олоҥхо дьоро киэһэтэ буолла.
Фойеҕа урукку туруорбут олоҥхолорун хаартыскалара, көстүүмнэрэ быыстапкаҕа туруоруллубуттар. Онон көрөөччү кулуупка киирээт, олоҥхо алыптаах эйгэтигэр куустарар.
Егор Неймохов аатынан литэрэтиирэни уонна кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ А.П. Ефремова быыстапка экспонаттарын кэпсиирин иһиттилэр. Өссө түмэл үлэһиттэрэ М.Г. Комиссарова, А.П. Ефремова, Д.Н. Кривошапкина ”Дьулуруйар Ньургун Боотур – Мэҥэ Алдан сыанатыгар” диэн бэртээхэй документальнай киинэ таҥан оҥорбуттар.
Быыстапка хаартыскалара, уруһуйдара олус тупсаҕайдар. Манна Туйара Стручкова, Софья Бурнашова аныгылыы компьютернай графиканан оҥорбут уруһуйдара олохпут сайдан иһэрин кэрэһэлииллэр, сахалар аныгы технологиялары тутталларын туоһута буолла. Тэрийээччилэр ис сүрэхтэриттэн кыһаллыбыттар.
Т.И. Колодезникова кылынан олоҥхо тиэмэтигэр оҥорбут ”Олоҥхо эйгэтэ” экспозицията дьон болҕомтотун тарта. Бу экспозиция соторутааҕыта ”Олоҥхо-ART” өрөспүүбүлүкэтээҕи айар дьоҕурдаахтар күрэхтэригэр 191 киһи кыттыбытаттан муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта.
Быыстапкаттан көрдөххө, Мэҥэ Алданнар наар П.А. Ойуунускай ”Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун туруораллар эбит.
Маҥнай 1956 сыллаахха олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Николай Иванович Колодезников туруорбут. Ол олоҥхону суруйааччы Егор Неймохов 6 саастааҕар көрбүтүн, сөхпүтүн туһунан суруйан турар. Ол олоҥхо кини суруйааччы буоларыгар бастакы кыымы сахпыт буолуохтаах диэн саныыбын.
Олоҥхо диэн уус-уран айымньы кылаан чыпчаала, уран тыл сүмэтэ диэн ылынабыт. Ол иһин даҕаны былыргы олоҥхолору, номохтору туһаныллыбыт айымньылар саха литэрэтиирэтигэр уһулуччу үчүгэйдэрин, дириҥ санааны саҕалларын, уран тыллаахтарын биһириибит. Ол курдук норуодунай суруйааччы Далан үһүйээннэргэ олоҕурбут “Тыгын Дарханын”, “Тулаайах оҕотун”, о.д.а. норуот истиҥник ылынар, аныгы кэми ойуулуур суруйууларыттан чорботор.
Ускуустуба атын да жанрдарыгар ити көстүү баар. Холобура, былыргы уустар чороонноро, тэриллэрэ, иистэнньэҥнэр оһуордара, таҥастара олох уратылар, ордук нарыннара, ымпыгар-чымпыгар тиийэ чопчулаан, кэрэтик, ураннык оҥорбуттара киһини сөхтөрөр. Аныгылар үтүктэр эрэ курдукпут. Оччолорго көмүлүөк оһох имик- амык уотугар, аныгылыы үчүгэй туттар сэп, станок, иннэ, сап, иистэнэр массыына суоҕар, кэмчитигэр сүрдээҕин да ураннык уһаналлар, иистэнэллэр эбит.
1956 сыллаахха турбут олоҥхо 4 сыл устата барбыт. Оройуон ыччатын бэстибээлигэр 1957 с. лауреат үрдүк аатын ылбыттар.
Ньургун Боотуру Колодезников Семен Егорович, Туйаарыма Куону Ефимова Клавдия Николаевна, Үрүҥ Уоланы Насыров Семен Степанович, Уот Уһутаакыны Комиссаров Николай Филиппович , Айыы Умсуур Удаҕаны Колодезникова Акулина Харлампьевна оонньообуттар. Хаартыскалары көрдөххө, сүрдээҕин бэлэмнэммиттэр. Таҥастара-саптара наһаа үчүгэй. Барахсаттар көрүҥнэрэ да үчүгэйэ, эдэрдэрэ сыттаҕа. “Мисс Якутия” Наталья Колодезникова эһэтэ Семен Колодезников Ньургун Боотур буолбута, чахчы, үчүгэй көстүү буолуохтаах диэн эрэнэбин. Николай Комиссаровы, маҥнай кийиит буолан тиийээт, ыһыаҕы ыытарын истэн турабын. Олох дьиҥнээх диктор курдук чөллөркөй куоластаах уруйдуу-айхаллыы чоргуйара, сүр энергетикалаахтык саҥарара кулгаахпар билиҥҥэ диэри иһиллэргэ дылы. Уот Уһутаакыта да ол тэҥэ темпераменнаах буолуохтаах диэн сэрэйэбин.
Библиотекарь Николай Иванович Колодезников олоҥхону кыайа-хото туруордаҕа. Бэйэтэ да бөдөҥ-садаҥ сырдык хааннаах кыраһыабай киһи этэ. Уопсайынан да, Мэҥэ Алдан бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ нэһилиэк култуурунай олоҕор баһылыыр- көһүлүүр оруоллаахтар, оччоттон баччаҕа.
Үйэтин тухары бибилэтиэкэҕэ үлэлээбит Галина Васильевна Никифорова эмиэ испэктээҕи туруорара. Егор Неймохов ”Сайсары күөлгэ түбэлтэтин” туруорбутун өйдүүбүн. Силиэдэбэтэл Элиэнэп оруолун Андрей Ефимов бэркэ да оонньообута. Галина Васильевна бэйэтэ дэгиттэр талааннаах, үчүгэй иистэнньэҥ, тойуктуур, үҥкүүлүүр. Билигин ”Алгыс” ансаамбылы салайар.
Кинилэр суолларын утумнаан, библиотекарь Мария Валерьевна Чирикова олоҥхону туруорарга биир сүрүн тэрийээччи.
1956 сыл кэннэ сэбиэскэй былаас муҥутуур сайдан турдаҕына иһийии буолбут.
Дьэ, онтон 2001 с. иккиһин Ньургун Боотуру Оҕо ускуустубатын кэлэктиибэ иилээн-саҕалаан туруорбут. Режиссерунан Гоголева Вера Романовна, муусуканан киэргэтиитэ Колодезников Петр Петрович, ырыалары Комиссарова Мария Николаевна бэлэмнээбитэ, уруһуйунан киэргэтиитэ Ефимов Роман Романович, үҥкүүлэри Аммосова Елена Пантелеймоновна, Тарасова Оксана Кэнчэриевна туруорбуттара, көстүүмнэри Сыромятникова Людмила Егоровна тикпитэ. Ньургун Боотуру Бурнашев Николай, Туйаарыма Куону Эльбядова Анна, Үрүҥ Уоланы Сивцев Алексей, Уот Уһутаакыны Березин Александр, Кыыс Кыскыйдааны Комиссарова Азия, Аан Алахчын Хотуну Павлова Надежда, Айыы Умсуур Удаҕаны Ефремова Саргылаана, Сорук Боллуру Тырахинов Роман оонньообуттара. Бу испэктээх 2001 с. Дьокуускай куоракка Эпоһы толорооччулар аан дойдутааҕы бэстибээллэригэр дипломунан наҕараадаламмыта. Онно ”Оруолу чаҕылхайдык толоруу” номинацияҕа Азия Комиссарова (Кыыс Кыскыйдаан), Роман Тырахинов (Сорук Боллур) тиксибиттэрэ, көстүүмү айбыт Людмила Егоровна Сыромятникова бэлиэтэммитэ, хайҕаммыта.
Үһүстээн 2008 сыллаахха учуутал Винокурова Елена Кимовна V кылаас оҕолоругар туруорбута. Ньургун Боотуру Степанов Роман, Туйаарыма Куону Степанова Сардаана, Үрүҥ Уоланы Колодезников Евгений, Уот Уһутаакыны Дарбасов Семен, Кыыс Кыскыйдааны Ефимова Варвара оонньообуттара.
Быйыл төрдүс төгүлүн ”Дьулуруйар Ньургун Боотуру” туруораллар. Иннигэр эппитим курдук, фойеттан саҕалаан көрөөччү олоҥхо эйгэтигэр киирэр.
Сыанаҕа аан маҥнай Ньургун Боотуру оонньообут Семен Колодезников төрөппүт кыыһа Альбина Семеновна Мэҥэ Алдантан төрүттээх олоҥхоһут Михаил Колодезников-Алаадьы Мэхээлэ туһунан слайдары көрдөрө- көрдөрө бэрт иһирэхтик кэпсээтэ. Алаадьы Мэхээлэ дэгиттэр талааннаах киһи этэ. Олоҥхоһутун, тойуксутун таһынан, маһы ыллатар уус, тиэхиньикэн кытта өрөмүөннүүр, сүөһү ыарыйдаҕына эмтиир, сатаабатаҕа диэн суох эбит. Онно үрдүк уҥуоҕун, бухатыырдыы көрүҥүн, үчүгэй дьүһүнүн эбэн кэбис. Хас да оҕолооҕо, олортон Уйбаан, Бүөтүр Колодезниковтар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр геройдуу охсуспуттара, иккиэн сержант буолбуттара. Иккиэн ырыаһыт бэртэрэ, хормуоскаҕа оонньууллара.
Уйбаан кэргэнэ САССР үтүөлээх артыыһа опера ырыаһыта Марфа Васильева, уоллаах кыыһа Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияны бүтэрэннэр, кыыһа ырыаһыт, уола музыкант буолбуттара. Сиэнэ Мария Колодезникова «Мисс Якутия” аатын ылбыта. Бүөтүр оҕолоро эмиэ музыканнар, уола Петр Петрович Мэҥэ Алдаҥҥа Оҕо ускуустубатын оскуолатын тэрийбитэ, онто билигин кини аатын сүгэр, бэйэтэ кэнсиэртэргэ солбуллубат баянист этэ, сиэнэ СӨ үтүөлээх артыыһа, С.Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрын бас куоластаах солиһа Егор Петрович Колодезников. Театрга ”Ньургун Боотур” операҕа Уот Уһутаакы партиятын ыллаабыта. Бүөтүр үйэтин тухары Уус Тааттаҕа олорбута. Хара кителин түөһүгэр мэтээллэрин иилинэн, будьурхай баттаҕа өрүкүйэн, таатталар кэнсиэртэригэр наар ыллыыра.
Алаадьы Мэхээлэ куоракка уолугар Уйбааҥҥа кэлэ сырыттаҕына, олоҥхотун магнитофоҥҥа устаары гыммыттар, арааһа, радиокомитеттар буолуо. Ону: ”Таптал туһунан туойаргыттан быс”,- диэбиттэрин сөбүлэспэтэх. ”Таптал – олох төрдө”,- диэбит. Инньэ гынан хаарыан түгэни мүччү туттахпыт. Ол устуу баара буоллар, билигин Алаадьы Мэхээлэ олоҥхотун истиэхпит, тылын-өһүн, ис хоһоонун сурукка тиһиэхпит хааллаҕа. Итиннэ даҕатан эттэххэ, 1980 сыллаахха быһыылааҕа, Дьокуускайтан айар ыччат дэлэгээссийэтэ Италияҕа, Мальтаҕа комсомол линиятынан күүлэйдии барбыттара. Онно артыыстар, худуоһунньуктар, суруйааччылар бааллара. Егор Неймохов барса сылдьыбыта. Мальтаҕа кэнсиэр оҥорбуттар. Ырыаһыттар ыллыыллар, үҥкүүһүттэр үҥкүүлүүллэр. Артыыс Гаврил Колесов “Ньургун Боотур” олоҥхотун толоруохтаах. Онтон хантан быһа тардан толорорун мунаахсыйбыт. Онуоха Дьөгүөр сүбэлээбит: “Бу кэрчиги ыл”, – диэн. Ол Уот Уһутаакы Ньургун Боотурга эппит: “Туйаарыма Куону былдьаһан охсуһан эрэйдэнимиэх, аҥаардаһыах. Эн, үчүгэй киһи, үөһээ өттүн ыл, мин, абааһы уола, аллараа өттүн ылыым”,- диэбит кэрчигэ. Омуктарга тылбаастаан биэрбиттэригэр, бэркэ үөрбүттэр-көппүттэр, күлбүттэр- салбыттар үһү. Дьээбэҕэ, юморга омугуттан тутулуга суох бары да тиллэр буоллахпыт. Онтон ыла Гаврил Колесов кэнсиэртэргэ наар ити кэрчиги толорор буолбут.
Өссө онно илии баттаһыыга күрэхтэспиттэр. Эр-биир киирсии буолбут. Биһиэннэрэ итальянецтары киһилээбэтэхтэр. Онуоха сарсыныгар Мальта арыыны сынньаммакка харбаан эргийэр ууһут спортсмены, чемпионнарын аҕалбыттар. Дьэ, чахчы, күүстээх, былчыҥнара бөлтөрүҥнээн дьулаан бухатыыр киһи эбитэ үһү. Биһиэннэрин киһилээбэтэх, ыксал буолбут. Онуоха Дьөгүөр доҕорун өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр кылыыһыты, кэлин улахан салайааччы буолбут Иван Иванович Гороховы тылыгар киллэрэн киирсиһиннэрбит. Дьоммут ”ыалдьан” ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрбиттэр. Итальянец кытара-кытара баттыы сатаабыт, Уйбааммыт холкутук олорор үһү. Дьэ, онтон Уйбаан баттаары гыммытыгар, омукпут ыксаан, илиитин эһэ тардан ылан тахсар ааны былдьаспыт, сааттаахтык куоппут. Биһиэннэрэ өрөгөй бөҕө буолбуттар. Өссө эбиитин: ”Биһиги, сахалар, тустууга үс олимпийскай чемпионнаахпыт, бу спорка олох да сыһыана суох искусство дьоно сылдьабыт”, – диэн итальянецтары улаханнык салытыннарбыттар.
Алаадьы Мэхээлэ биир сиэнэ, мин үөлээннээҕим Мария Павловна Татаринова, кини кыыһа – Үүнэр көлүөнэ театрын сүрүн артыыската Изабелла Егорова.
Алаадьы Мэхээлэ кыыһа Мария Михайловна Егор Неймохов таайын Миитэрэй Кынтояров кэргэнэ этэ. Иистэнньэҥ, унтуу тигэрэ, онтун өссө бэйэтэ улларара. Мария Михайловна кэпсиир: “Дьон бөҕө кэргэн кэпсэтэр, ыйыттарар, ону аккаастыыбын. Онтон Миитэрэй ыйыттарбытыгар налыйан хааллым”, – диэн.
Алаадьы Мэхээлэ туһунан иһитиннэрии кэннэ түмэл дириэктэрэ Комиссарова Мотрена Германовна Мэҥэ Алдаҥҥа олоҥхо туруутун туһунан кэпсээтэ, сыанаҕа урут да, билигин да үлэлэспит дьону ыҥыртаата. Улуус култуураҕа управлениетын салайааччыта Бодруг Ирина Михайловна Махтал сурук туттартаата.
Ситим баарын биир сүрүн, бэлиэ чахчытынан Колодезникова Татьяна Иннокентьевна ”Олоҥхо эйгэтэ” үлэтэ муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыта буолар. Татьяна Иннокентьевна аатырбыт ат баайааччы Иннокентий Свинобоев-Тыыннаахап төрөппүт кыыһа, Егор Неймохов оҕо эрдэҕинээҕи доҕоро Колодезников Николай Тимофеевич огдообото буолар. Николай барахсан доҕоро Дьөгүөр олохтон эмискэ барбытыгар наһаа да уйадыйбыта, аһыйбыта. Ол кэннэ бэйэтэ да уһаабатаҕа… Билигин баара буоллар, Татьянатын ситиһиититтэн төһө эрэ үөрэр, дьоллонор этэ. Ити кыл матырыйаалы баҕас толору хааччыйыа этэ.
Ситинник барыта ситимнэһэн тахсан иһэр. Олохтоох нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр, нэһилиэк дьаһалтата, Култуура дьиэтин үлэһиттэрэ: дириэктэр Степанова Елена Геннадьевна, уус-уран салайааччы Тырахинов Роман Егорович – тус дьулуурдарынан бэртээхэй олоҥхо дьоро киэһэтэ буолла.
Олоҥхо саҕаланна. Муусука оннугар күпсүүр, хомус тыыннаах тыас-уус доҕуһуолунан испэктээх барбыта саха киһитэ ордук чугастык ылынарыгар үчүгэй олук буолла. Ол тыаһы таһаарааччылар Оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ Валентина Калачева, орто оскуола учуутала Елена Малышева, кулууп үлэhитэ Мария Максимова слух да, тэтим-ритмика да баар дьоно.
Билигин көстүүмнэри, сыана киэргэтиитин оҥорорго матырыйаал да, таҥас да арааһа дэлэй. Былыргы курдук чэй көмүһүн мунньан куйах оҥостубаккын.
Улахан театрдарга сыаналара эргийэр, онон хайа баҕарар орто дойдуга, аллараа дойдуга баар буола түһэҕин. Мэҥэ алданнар сыана ортотугар алларанан көлүөһэлээх Аал Луук Мас оҥорбуттар, онтуларын быанан эргитэллэр. Биир өттө Аал Луук Мас – Орто дойду, иккис өттө хаспах – Аллараа дойду. Бэркэ толкуйдаабыттар. Кэннигэр сыана кэтэҕэр үөһэнэн түүл быыс кэннигэр Айыыһыттар (Иван, Валерий Чириковтар) уо.д.а. тойуктууллар.
Ити курдук тыа кулуубун дьоҕус сыанатыгар улуу олоҥхо сүрүн түгэннэрэ ааһаллар.
Ньургун Боотуру Александр Юмшанов диэн спортивнай саала үлэһитэ, Туйаарыма Куону оскуола үлэһитэ Сардаана Степанова, Үрүҥ Уоланы сылгыһыт Колодезниковтар сыдьаайдара Баһылай Посельскай, Уот Уһутаакыны фермер Байдам Манасытов, Кыыс Кыскыйдааны ускуустуба оскуолатын учуутала Азия Комиссарова, Аан Алахчын Хотуну Оҕо уһуйаанын иитээччитэ Варвара Яковлева, Айыы Умсуур Удаҕаны ускуустуба оскуолатын учуутала Александра Захарова, Сорук Боллур уолаттары Роман Тырахинов, Юрий Хоноехов, Анатолий Захаров, Никита Иванов толордулар. Олоҥхоһут Алексей Ефимов буолла.
Артыыстар бары да бэркэ туойаллар. Ону биһирээтим. Оонньооччулар бары эдэрдэр, кинилэри туойарга быйыл саҥа ананан үлэлии кэлбит, фольклору бүтэрбит, Уус Тааттаттан төрүттээх Мария Максимова диэн эдэркээн кыыс үөрэппит эбит. Сатаан туойбат дьону туойарга үөрэтии манан дьыала буолбатах буолуохтаах, ону кыысчаан кыайа туппут. Инники айар үлэтигэр ситиһиини баҕарыаҕыҥ.
Сүрүн артыыстар урут оҕо сылдьан оонньообуттар уонна бастакы туруоруу артыыстарын сыдьааннара буолла. Холобура, Азия Комиссарова бастакы Уот Уһутаакы Николай Филиппович Комиссаров сиэнэ, бэйэтэ 2001 сыллаахха оҕо сылдьан Кыыс Кыскыйдааны оонньообут, билигин өссө уопутурдаҕа, баараҕадыйдаҕа. Дьэ, кыыс да кыыс! Маҥнай Үрүҥ Уоланы иирдэ киирбитэ бэйэтэ хатыламмат хартыына. Халадаай ырбаахылаах, чэ, быһа имнэнэн-иҥээҥнээн, имэҥирэн сүрдээх. Онтон халадаайын быраҕан, буолан-хаалан турда ээ. Күпсүүр, тимир тыаһынан доҕуһуоллатан, эмискэ уларыйарыттан соһуйан, ходьох гынныбыт. Абааһы кыыһа да буоллар, мин көрүүбэр, наһаа ис киирбэх, сүрдээх шармнаах, олох стерва кыыс оҕото, илэ чахчы илиэһэй кыыһа.
Уот Уһутаакы эчи бөдөҥө, таҥаһа да сүрдээх, тыҥыраҕа, муоһа тыраадыйан: ”Биэрдэргит да ылыам, биэрбэтэргит да ылыам”, – диэн, Туйаарыма Куо эрэйдээҕи сарылаппытынан сүгэн илдьэ барар.
Туйаарыма Куо, чахчы, олоҥхоҕо ойууламмытын курдук кэрэ бэйэлээх. Кыраһыабай дьүһүннээх, нарын-намчы быһыылаах-таһаалаах, эппиккэ дылы, эт бүтэй силиитэ көстөргө дылы. Ханнык баҕарар улахан театрга кинини кыбыстыбакка оонньотуохха сөп. Аны ырыата үчүгэйэ, эһэтэ тойуксут үһү. Олоҥхону 2008 сыллаах туруорууга кыра сылдьан эмиэ Туйаарыма Куо буолбут эбит.
Режиссербут Роман Тырахинов урут 2001 с. Сорук Боллур уол буолбут. Билигин эмиэ Сорук Боллур.
Дьэ, ити курдук Мэҥэ Алдаҥҥа ”Дьулуруйар Ньургун Боотур” 67 сыл тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, сайдан, ситимнэнэн күн бүгүнүгэр дылы кэллэҕэ. Ол олоҥхо туруоруутун өссө биир үтүө чахчыта баар.
Егор Неймохов олоҥхону оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүрэ. Онно эһэтэ Мэхээлэ сүрүн оруоллаах. Урут тахсыбыт олоҥхолору наар киниэхэ аахтаран истэр эбит. Араадьыйанан олоҥхо кэллэҕинэ, эһэтэ Мэхээлэ кыракый сиэнинээн Гошалыын сөбүлээн истэллэрэ үһү. Ол иһин университекка киирээт, олоҥхо куруһуогар дьарыктаммыт. Онно бииргэ үөрэнэр табаарыһа Вася Илларионову кучуйан, бииргэ дьарыктаммыттар. Гоша Мэҥэ Алдаҥҥа ”Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону туруорбуттарын кэпсээбитигэр, салайааччыта доцент Д.С. Макаров наһаа үөрбүтэ үһү уонна ол туһунан хайҕаан хаһыакка суруйбут. Ити курдук мэҥэ алданнар олоҥхолоро Василий Васильевич Илларионову номуука дуоктара, бэрэпиэссэр, олоҥхо улахан учуонайа буоларыгар олук уурбуттара диир кыахтаахпыт. В.В. Илларионов мэҥэ алданнарга, доҕоругар Е.П. Неймоховка истиҥник махтанар. Ити курдук өссө биир ситим тахсан кэлэр.
Мин биир бэйэм, хомойуох иһин, олоҥхону соччо сэҥээрбэт этим. Ол биһиги көлүөнэ үөрэнэрбитигэр олоҥхо биһирэммэт кэмэ буолан буолуо. Ордук нуучча, омук литэрэтиирэтин умсугуйан туран ааҕарбыт. Оннук иитиллибиппит. Оттон бу олоҥхону көрө олорон, олох иһигэр киирэн, Ньургун Боотуру кытта тэҥҥэ Уот Уһутаакылыын охсуһар курдукпун. Ол, туох да диэбит иһин, биһиэхэ, сахаларга, олоҥхо эппитигэр-хааммытыгар баарыттан буолуо. Ону уһугуннарбыт Мэҥэ Алдан култууратын дьиэтин айар кэлэктиибигэр, артыыстарга, олохтоохторго дириҥ махталбын тиэрдэбин.
Элбэх сыраттан тахсыбыт үлэ. Бары биир киһи курдук көхтөөхтүк үлэлээбиттэрин үтүө түмүгэ диэн сыаналыыбын.
Олохтоох улуус хаһыатыгар олоҥхоҕо бэлэмнэнии туһунан маннык суруйбуттар: “Оҕуруонан симэхтэри Готовцева Светлана Пантелеймоновна, Тырахинова Анна Егоровна (маастар), Протопопова Мария Гаврильевна, Тырахинова Розаина Кимична, Саввина Евдокия Егоровна, Мария Валерьевна (салайааччы) тиспиттэр. Холобур, Аан Алахчын Хотун симэҕин икки нэдиэлэ күнүстэри-түүннэри дьаныһан олорон, хас биирдии оҕуруотун тиспиттэр. Таҥас-сап, көстүүм тигиллиитин сүрүн эппиэтинэстээҕэ — Степанова Матрёна Александровна. Кини көмөлөһөөччүтэ — Чирикова Мария Валерьевна, Бурцева Саргылана Петровна.
Аммосова Елена Пантелеймоновна удаҕаннар, эрэкэ-дьэрэкэ кыргыттар үҥкүүлэрин үөрэтэр, Василий Посельскай декорацияны оҥорууга эппиэтинэстээх, Вера Иванова кумаахы үлэтин толорор, Мария Максимова тыыннаах доҕуһуолу, ырыаны-тойугу дьаһайар, Афанасий Колодезников муусуканы таҥмыта, уоту-күөһү холбуур, киниэхэ Эрхан Саввин көмөлөспүт. Ону таһынан, 10 киһилээх «Туой Кут» фольклор бөлөҕө, алта киһилээх «Иэйии» хомус ансаамбыла, Петр Петрович Колодезников аатынан оҕо ускуустуба оскуолатын үҥкүү кылааhын 12 кыыс оҕото кыттыахтара”. Чэ, быһата, турар-турбат бары кыттыбыт. 53 киһи испэктээххэ кытынна диэтилэр.
Тэрийээччилэр үп- харчы тыырыытыгар көмөлөөх улуус баһылыгар Яков Иннокентьевич Степановка, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы бэйэлэрин уолларыгар Степан Александрович Кривошапкиҥҥа, Култуура управлениетын начаалынньыгар, эмиэ бэйэлэрин кыыстара Ирина Михайловна Бодругка, нэһилиэк баһылыгар Юрий Юрьевич Комиссаровка, кини солбуйааччыта Олимпиада Афанасьевна Колодезниковаҕа уонна көх-нэм, күүс-көмө буолбут тэрилтэлэр салайааччыларыгар, олохтоохторго махтаныахтарын махтаналлар. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ! Олоҥхо ситиһиитэ – барыларын ситиһиитэ!
Бүтэһик финальнай сыана норуот өрөгөйүнэн, уохтаах кымыстаах чороону көтөҕүүнэн, Үрүҥ Уолан уонна Туйаарыма Куо уруутунан, Уруй- Айхал тылынан түмүктэннэ!
Уйгу-быйаҥ буолла!
Мария Неймохова.
10.12.2023 с.