Чөркөөххө олоҥхолоох ыччат ыалдьыттаата
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону отут суол араас олоҥхоттон таҥан суруйан, олоҥхо канонун оҥорбут улуу убайбыт Ойуунускай, Ийэ олоҥхоһут аатын ылбыт Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр, саха олоҥхотун оччугуй сылдьан Парижка толорбут, ЮНЕСКО салалтатыгар иһитиннэрбит Мира Самырова төрөөбүт дойдуларыгар Чөркөөххө “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана ахсынньы 12 күнүгэр сырытта.
Манна ырыа ындыылаах ыалдьыттары Н.Н. Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Прасковья Татаринова көрүстэ. Кини бэйэтэ “Саха” НКИХ Тааттатааҕы филиалыгар үлэлээбит буолан, устар усулуобуйаны бэркэ толкуйдаан, Судаарыстыбаннас түмэлигэр уһуллуу буолла.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклорнай XVIII бэстибээл, Намҥа “Улуу Бэдьээлэ аата үйэлэргэ дуорайдын!” куонкурус, кэтэхтэн ыытыллыбыт “Добун түһүлгэ”, сылын аайы тэриллэр “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” XVII күрэх кыттыылааҕа “Күбэйэ” бөлөх (сал. Р.Н. Филатова) биир дойдулаахтара Көһөҥө Бүөтүр “Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардан толордулар.
Ити кэмҥэ Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн бүтэрбиттэр уонна устудьуоннара проректор Зоя Андреевна Стрекаловскаялыын Чөркөөх оскуолатын үөрэнээччилэригэр үөрэхтэрин кыһаларын билиһиннэрэр, үөрэххэ ыҥырар сыаллаах профориентационнай бэсиэдэни ыыттылар.
Манна даҕатан эттэххэ, Чөркөөхтөн бу үнүстүүтү бүтэрбит Роман Дорофеев Саха тыйаатырыгар артыыс да, режиссер да быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар, оттон Гаврил Вырдылин Тааттаҕа норуот айымньытын улуустааҕы дьиэтин дириэктэрэ.
Оруобуна бу күн РФ Төрүт сокуонун күнэ этэ. Онон ыччат десана Судаарыстыбаннас түмэлин көрдө. Мусуой үлэһитэ Марианна Барахова экскурсовод быһыытынан барытын сиһилии кэпсээтэ, ыччат олоҥхоһуттар билбэтэхтэрин биллилэр.
Олоҥхо дьоро киэһэтигэр “Олоҥхо-баттл” кыайыылааҕа Станислав Иванов бэйэтэ суруйбут, быйыл СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин издательскай киинигэр аудио сыһыарыылаах электроннай кинигэнэн тахсыбыт “Хорсун-хоодуот Хатан боотур” олоҥхотун чаастан ордук бириэмэҕэ толору толордо.
«Муҥха олоҥхото» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр 2022 с. бастаабыт, наһаа үчүгэй кылыһахтаах ырыалаах-тойуктаах Прасковья Лебедева П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр», АГИКИ устудьуоннара Мира Егорова Э.Эристиин «Буура Дохсун», Кондратий Герасимов эһэтэ Тойтуун Уйбаан «Хаан Дьааһын» олоҥхолоруттан быһа тардан толордулар. Алтаай уола Илья Дугашов “Атынах мэргэн” эпоһын хабарҕа ырыатын олус сэргээтилэр.
Истээччилэрбит санааларын үллэһиннилэр. Р.В.Таппырова оҕо сылдьан Г.Колесовы илэ истиэҕиттэн ыла олоҥхону сэргиир буолбутун, Арассыыйа таһымнаах күрэххэ олоҥхону Чөркөөх үөрэнээччилэрэ аан бастаан таһаарбыттарын аҕынна, Д.А.Сивцева салайар “Далбар” эбээлэр түмсүүлэрэ фольклор бары көрүҥэр холоноллорун, ол иһин сэҥээрэн истибиттэрин, М.П. Яковлева режиссер хараҕыттан көрөн, оруоллары толорууга болҕомтотун уурбутун, А.И. Аржакова 1987 сылтан олоҥхону кэнчээри ыччакка уһуйарын, олортон 1993 сыллаахха Мира Самырова “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” оҕолортон аан бастаан толорон, Францияҕа тиийэ олоҥхолообутун бэлиэтээн туран, эдэр олоҥхоһуттарга сүбэ-соргу тылларын туһаайан эттилэр.
“Олоҥхолоох айан: ноо!” бырайыак үлэтэ Чөркөөххө былаан быһыытынан барбытыгар баһылык солбуйааччыта А.В. Вырдылинаҕа, социальнай үлэһит Е.А. Филатоваҕа, оскуола дириэктэрэ Е.В. Лебедевкэ, иитэр үлэҕэ солбуйааччы М.В. Лукачевскаяҕа, Судаарыстыбаннас түмэлин дириэктэрэ М.Г. Аржаковка, научнай үлэһит М.Е. Бараховаҕа, норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ П.Ф. Татариноваҕа, “Далбар” түмсүү салайааччыта Д.А. Сивцеваҕа, “Күбэйэ” фольклорнай бөлөххө (сал. Р.Н. Филатова) махталбытын тиэрдэбит.