Ытык Таатта Ытык Күөлүгэр
Бу “Олоҥхолоох айан: ноо!” бырайыак идиэйэтин Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ көҕүлээбитэ, ону СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Олоҥхо ассоциацията өйөөн, былырыын 2022 сыллаахха Бүлүү бөлөх түөрт улууһунан сылдьан, олоҥхону толорооччуларын киинэҕэ устубуттара, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр эдэр олоҥхоһуттарын ырыаларын-тойуктарын иһитиннэрбиттэрэ.
Быйыл бу бырайыак Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар кыайан, аны Таатта уонна Амма улуустарынан сылдьар кыах тосхойдо.
Дэлэгээссийэни Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр көрүстүлэр, тыйаатыры көрдөрдүлэр.
АГИКИ-лар бу сырыыттан икки куобаҕы өлөрдүлэр: фольклор салаатын устудьуоннара, олоҥхолорун толорон, маастарыстыбалырын кырыылаатылар. Этэргэ дылы, туһугар кинилэргэ ол быраактыка буолла. Итини таһынан АГИКИ проректора Зоя Андреевна Стрекаловская салайыытынан Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар сылдьан, оҕолорго үөрэхтэрин кыһаларын сырдаттылар, үөрэххэ туттарсыы туһунан кэпсээтилэр.
Биэс устуу
Олоҥхо ыһыаҕар үс кэнники сылга кылаан чыпчаал аатын таатталар ыллылар: Александр Багардынов, Афанасий Попов, Алексей Николаев.
Итинник улахан олоҥхоһуттаах сиргэ олоҥхону толоруу таһыма үрдүгэ чахчыта сэрэйиллэр.
Бу бырайыак чэрчитинэн биэс устууну оҥордубут. Харбалаах нэһилиэгиттэн дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга 2020, 2022 сс. Гран-при ааты ылбыт, Арассыыйатааҕы этно-куонкуруска муҥутуур кыайыыны ситиспит, “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус II истиэпэннээх лаурета Иван Иванович Слепцов, Ытык Күөл “Таатта удьурҕайдара” бөлөҕө (сал. Мария Тарабукина), Таатта олоҥхоһута Туһалыыр Дарыбыан кыыһа, норуот маастара, тойуксут Клара Илларионовна Читаева “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон, быйыл Өймөкөөҥҥө саҥа саҕалааччыларга “Кылыһахтаах ырыалаах олоҥхоһут” анал ааты ылбыт Татьяна Егоровна Слепцова эһиил төрөөбүтэ 160 сылын туолар олоҥхоһут, саха дьахталларыттан бастакы учуонай Мария Ионова-Андросова “Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара” олоҥхотуттан, Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөппүт кыыһа Розалия Петровна Докторова аҕатын “Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай” олоҥхотуттан толордулар.
Бу уһуллубуттара барыта СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин “Олоҥхо” саайтыгар таҥыллан киирэр, электроннай пуонда быһыытынан үйэ саас хараллар.
“Ноо”-луур киэһэҕэ
“Олоҥхолоох айан: ноо!” бырайыак олоҥхоһуттарын истэр дьоро киэһэ Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр буолла. Бу тэрилтэ үлэһитэ Марина Николаевна Федорова тэрээһини үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытта. Десант кыттыылаахтарын Олоҥхо ассоциация Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Александровна Сивцева кэлэн эҕэрдэлээтэ.
Балаҕан быһыылаах фойены толору мустубут дьоҥҥо Станислав Иванов, Марфа Аммосова, Кондратий Герасимов олоҥхолоон, Илья Дугашовпут “Атынах мэргэн” эпоһын, топшууругар оонньуу-оонньуу, хабарҕатынан ыллаан иһитиннэрдилэр.
Дьоро киэһэ түмүктэниитигэр Розалия Петровна Докторова эдэр дьон олоҥхолорун истэн дуоһуйбутун эттэ, Зоя Лукинична Санникова олоҥхону сэҥээрбэт эрдэхтэринэ оҕолорго уһуйбутун аҕынна, Прасковья Николаевна Петрова уһуйааҥҥа кэлэн олоҥхолоон барбыттарыгар махтанна.
Оттон биһиги махтанабыт олоҥхолоох айанньыттар Тааттаҕа көрсүһүүлэрин сүрүннээбит Майя Гаврильевна Егороваҕа. Кини тыаралаһалары, чөркөөхтөрү кытта ситими тутан олорон тэрийсибит буолан, ханна да олоҥхобут дьоро киэһэлэрэ, устуубут даҕаны тэрээһиннээхтик барда. Маны сэргэ махтанабыт Олоҥхо ассоциация Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ И.А. Сивцеваҕа, улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылиҥҥа, солбуйааччыта Р.Р. Петроваҕа, сүрүн үлэһит М.Н. Федороваҕа, “Алгыс” балаҕан дириэктэрэ М.Г. Сунхалыроваҕа, “Чуораанчык” уонна “Сулусчаан” дьыссаат, Алампа аатынан оскуола кэлэктииптэригэр.