Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр - Сайт Олонхо
Главная / События / Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Бу кэлэр сыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Онно 21 эбийиэк тутуллуохтаах.

В.Яроев «Уран» дизайн-устуудьуйата Аал Луук маһы тутан саҕалаабыт. Моҕол ураһа, олоҥхоһут оҕолорго аналлаах балаҕан, көрөөччү тырыбыната, күнү көрсөр, уустар, күрэхтэри ыытар түһүлгэлэр, кымыс иһиитин сиэрин-туомун ытык сэргэтэ, ытык дуоҕа анньыллар олоҕо, кутаа оттор холумтан, о.д.а. оҥоһуллуохтаах.

Нэһилиэктэр бары олоҥхонон испэктээк туруора, ситии хата, олбох тигэ сылдьаллар. Холобура, Иккис Чакырга бэлэмнэнии хайдах бара турарын Амма олохтоох тэлэбиидэнньэтин сюжетыттан көрүҥ.

Поделитесь этой страницей