Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Олоҥхолоох айан: ноо!» диэн кыттыгас бырайыактарын чэрчитинэн ыччат десана Таатта, Амма улуустарынан сылдьан кэллэ.
Нэһилиэнньэҕэ олоҥхону көҕүлүүр, дьоҥҥо-сэргэҕэ толорон иһитиннэрэр уонна улуус олохтоох олоҥхоһуттарын устан үйэтитэр соруктаах маннык сырыы 2022 сыл сааһыгар бастакытын тэриллибитэ. Онно Бүлүү бөлөх улуустарын кэрийбиттэрэ.
Быйыл бу бырайыагынан Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар кыттан кыайан, ахсынньы 11-16 күннэригэр Тыараһанан, Чөркөөҕүнэн, Кыйынан, Амманан, Бөтүҥүнэн олоҥхо дьоро киэһэлэрин бэлэхтээтэ, Национальнай бибилэтиэкэ “Олоҥхо” саайтыгар матырыйаал хомуйдубут.
Ол курдук, таарыйан ааспыт 5 нэһилиэкпитигэр «Олоҥхо-баттл» телевизионнай куонкуруска бастаабыт Станислав Иванов бэйэтэ айбыт «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур», быйыл Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын ыччакка кылаан чыпчаалын ылбыт Марфа Аммосова Н.Степанов-Ноорой «Күн Эрили», ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муҥха олоҥхото» күрэҕин 2022 с. кыайыылааҕа Прасковья Лебедева П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр», ити күөн күрэскэ ситиһиилээхтик кыттыбыт Кондратий Герасимов эһэтэ Тойтуун Уйбаан «Хаан Дьааһын», үөрэнээччилэргэ аналлаах “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” I миэстэлээҕэ Мира Егорова Э.Эристиин «Буура Дохсун» уонна күрэхтэһии кыттыылааҕа Нарыйаана Шамаева С.Каратаев-Ырыа Дыгыйар «Сүүлэлдьин Боотур» олоҥхолоруттан быһа тардан толордулар. Кинилэри кытта кэлин улахан түһүлгэлэри киэргэтэр кыахтаах Уйгууна Халыева уонна Алтаайтан кэлэн үөрэнэ сылдьар Илья Дугашов сырыттылар. Илья уол, топшууругар оонньуу-оонньуу, “Атынах Мэргэн” диэн төрүт эпоһын хабарҕатынан ыллыырын бэркэ сэргээтилэр.
Буц айар бөлөҕү АГИКИ проректора Зоя Андреевна Стрекаловская салайан илдьэ сылдьыбыт буолан, тиийбит сирбитин ахсын үрдүкү кылаастарга идэҕэ туһаайар профориентационнай бэсиэдэлэри ыыттылар, бэйэлэрин үөрэхтэрин кыһаларыгар быйылгы абитуриеннары ыҥырар презетанциялары көрдөрдүлэр. Онон биир эрэ буолбакка, хас да куобаҕы тэҥинэн өлөрөр сырыы буолла диэххэ эмиэ сөп.
Тыараһаҕа
-Кыйыга 26 олоҥхоһут баар буола сылдьыбытын туһунан олоҥхону чинчийэр учуонай Е.П. Чехордуна суруйар. Кини салайыытынан, 90-c сылларга биһиги оскуолабыт олоҥхо педагогикатынан үлэлиир буолбута. Оччолорго улаханнык өйдөөбөтөрбүт даҕаны, оҕо барыта олоҥхону толорор этибит. Ол дьарыкпыт киһи быһыытынан сайдыыбытыгар сүҥкэн сабыдыаллааҕын кэлин өйдөөтүбүт: сахалыы тыыҥҥа, олоҥхо эйгэтигэр улааппыт буоламмыт, тыаралаһар дойдубутугар бэриниилээх буолуубут олус күүстээх эбит: биһиги көлүөнэ ыччаттан билигин Таатта улууһугар элбэх киһи салайар үлэҕэ үлэлии сылдьара ону туоһулуур, — диэн сырдатта нэһилиэк баһылыга Прокопий Турнин дэлэгээссийэни көрсөрүгэр.
Тыараһаҕа “Кылыһах” норуодунай бөлөҕү уонна С.Ф. Кладкины уһуллубут. Сергей Федорович сааһын тухары сопхуоска үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Унаар Уйбааҥҥа алгыстыырга бастаан уһуйуллубут, онтон 70-ун туолуута букатын да олоҥхолуур буолбут. “Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы”, — диэн сэмэйдэнэр эрээри, баары батарбатыҥ чахчы буоллаҕа эбээт.
Үөрбүппүт диэн, тэрилтэ салайааччылара — баһылык П.П. Турнин уонна оскуола дириэктэрэ П.В. Полускин — иккиэн олоҥхону куолаан толорууга кытталлар эбит. Бэйэлэринэн ыччакка холобур хайҕаллаах.
Чөркөөххө
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону отут суол араас олоҥхоттон таҥан суруйан, олоҥхо канонун оҥорбут улуу убайбыт Ойуунускай, Ийэ олоҥхоһут аатын ылбыт Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр, саха олоҥхотун оччугуй сылдьан Парижка толорбут, ЮНЕСКО салалтатыгар иһитиннэрбит Мира Самырова төрөөбүт дойдуларыгар – Чөркөөххө – “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана ахсынньы 12 күнүгэр ыалдьыттаата.
Оруобуна РФ Төрүт сокуонун күнэ буолан, Судаарыстыбаннас түмэлин көрдүлэр. Мусуой үлэһитэ Марианна Барахова экскурсовод быһыытынан барытын сиһилии кэпсээн, ыччат олоҥхоһуттар билбэтэхтэрин биллилэр.
Уһуллуу эмиэ манна буолла: “Күбэйэ” бөлөх (сал. Р.Н. Филатова) биир дойдулаахтара Көһөҥө Бүөтүр “Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардан толордулар.
Сэбиэскэй кэмҥэ Арассыыйаҕа бастакынан олоҥхо испэктээги көрдөрбүт оҕолортон биирдэстэрэ Р.В. Таппырова, “Далбар” эбээлэр фольклорнай түмсүүлэрин салайар Д.А. Сивцева, Чөркөөхтөөҕү норуодунай тыйаатыр режиссера М.П. Яковлева, Мира Самырованы олоҥхоҕо уһуйбут учуутала А.И. Аржакова эдэр олоҥхоһуттарбытын истэн баран, баҕа санааларын уонна сүбэ-соргу тылларын эттилэр.
Ытык Күөлгэ
“Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана Тааттаҕа сырыытын Ытык Күөлүнэн түмүктээтэ.
Оҕону олоҥхо педагогикатынан иитэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн, олоҥхолоох айанньыттарбыт “Сулусчаан” уонна “Чуораанчык” дьыссааттарга сырыттылар.
-“Сулусчаан” оҕо уһуйаана олох сахалыы тыыннаах буолан биэрдэ. Иитээччилэрэ бары кэриэтэ ааптарыскай методикалаахтар, онно анаммыт кинигэлэрдээхтэр. Олоҥхону оҥкул оҥостон үлэлииллэрин биһирээтим. Релакс хоско оҕоҕо олоҥхо ойуутунан голограмманы, ойуулуктары (мультиктары), роликтары көрдөрөн, налытар, уоскутар, сынньатар, холкутутар эбиттэр. Олоҥхону бөлөҕүнэн куолаан толорууга ылсан саҕалаабыттар. Онуоха сүдү эпическэй айымньы ис хоһоонун оҕо өйдүүрүн курдук илдьиритэн кэпсиир буоланнар, 4-5 саастаах оҕолор олоҥхо дьоруойдарын билэллэрэ, үс дойдуттан ханныгар олороллорун бэркэ араараллара сөхтөрдө. Физкультураны биэрэр уһуйааччы, олоҥхо боотурун курдук эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылаах ыччаты иитэн таһаарар соруктан, сахалыы ньымаларынан эрчийэрин сэҥээрдим. “Дыгын оонньууларын” курдук, национальнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии ыытар эбит. Оттон логопедтара олоҥхонон тылы эрчийэр, дорҕооннору сөпкө саҥардар босуобуйалаах.
Бу “Сулусчааҥҥа” саамай астыммытым – олоҥхону истии култууратын оҕоҕо кыратыттан иҥэрэллэрэ. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин олоҥхону тулуйан, сэҥээрэн истэр киһи ахсааннаах. Оттон бу оҕолор биһиги толорорбутун хамсаабакка да олорон болҕойон иһиттилэр. Маныаха ити үөрүйэҕи ньээҥкэлэрэ иҥэрбит: күнүс сахалыы остуоруйа эбэтэр олоҥхо ааҕан утутар эбит.
Уопсайынан, бу дьыссаат дьиэтигэр киирдэххинэ, киһини сахалыы эйгэ кууһа түһэр. Саахыматтарын фигуралара кытта олоҥхо персонажтарынан оҥоһуллубут. Роботехникаҕа легонан Аал Луук маһы, балаҕаны хомуйаллар. Аһылыктарын менютун көрдөххө, эмиэ төрүт аспытыттан-үөлбүтүттэн бүлүүдэлэр. Арчы дьиэтин курдук кэбиниэттээхтэр – саха итэҕэлигэр, сиэригэр-туомугар, төрүт култуураҕа уһуйар сирдэрэ. Нэдиэлэ биир күнүгэр, сэрэдэҕэ, хайаан да сахалыы таҥнан кэлэр үгэһи олохтообуттар. Кэнчээри ыччат кэскилин санаан, саха оҕотун сахалыы иитэр уһуйаан үлэһиттэригэр махтанабын! – диэн астына-дуоһуйа кэпсээн баран, Прасковья Лебедева: “Мин оҕобун итинник дьыссаакка биэриэм этэ!” – диэн түмүктээтэ.
Олоҥхо ыһыаҕар үс кэнники сылга кылаан чыпчаал аатын таатталар ылбыттарын билэҕит: Александр Багардынов (Өлүөхүмэ, 2021), Афанасий Попов (Үөһээ Бүлүү, 2022), Алексей Николаев (Өймөкөөн, 2023). Маннык улахан олоҥхоһуттаах сиргэ олоҥхону толоруу таһыма үрдүгэ чахчыта сэрэйиллэрэ. Онон Ытык Күөлгэ хас да киһиттэн талыллан уһулуннулар: Харбалаах нэһилиэгиттэн дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга 2020, 2022 сс. Гран-при ааты ылбыт, Арассыыйатааҕы этно-куонкуруска муҥутуур кыайыыны ситиспит, “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус II истиэпэннээх лауреата Иван Слепцов, “Таатта удьурҕайдара” бөлөх (сал. Мария Тарабукина), Таатта олоҥхоһута Туһалыыр Дарыбыан кыыһа, норуот маастара, тойуксут Клара Читаева, быйыл Өймөкөөҥҥө саҥа саҕалааччыларга “Кылыһахтаах ырыалаах олоҥхоһут” анал ааты ылбыт Татьяна Слепцова, Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөппүт кыыһа Розалия Докторова.
Киэһэтин “Олоҥхолоох айан” толорооччуларын истэ, Норуот айымньытын дьиэтин фойетыгар киһи лыык курдук мустубута үөртэ. Олоҥхо ассоциация улуустааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ И.А. Сивцева кэлэн эҕэрдэлээтэ.
Тааттаҕа былааннаабыппыт курдук барыта табыллыбытыгар, анарааттан тэрээһиннэри сүрүннэспит М.Г. Егороваҕа (Ытык Күөл), Г.И. Полускинаҕа (кыйы). П.Ф. Татариноваҕа (Чөркөөх) махтанабыт.
Аммаҕа
Олоҥхолоох ыччат айанын суола Тааттаттан Аммаҕа тыргыллан, ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы балаҕаныгар дэлэгээссийэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо ассоциациятын Амматааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Илларионованы кытта култуура салалтата көрүстэ.
Үйэлээҕи үксэтэ, үтүөнү үөдүтэ сылдьар ырыаһыт ыллам ыччаты Айыы балаҕанын дириэктэрэ Василий Кочаткин арчылаата, сырыылара сатанарыгар аман тылынан алҕаата.
Ньургуйаана Ивановна 2024 сыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ бара турарын, барыта 21 эбийиэк тутуллуохтааҕын эттэ. “Хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ билигин бары олоҥхонон тыынан олорор. Ол курдук, олбох тигэллэр, ситии хаталлар, испэктээк туруоруутугар күрэхтэһэллэр”. – диэтэ.
Чахчыта да, Т.В. Захаров-Чээбий, Е.Е. Иванова, Күннүк Уурастыырап, Үстүүн Нохсоороп курдук, Саха Сиригэр киэҥник биллибит олоҥхоһуттар дойдуларыгар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара икки бүк эппиэтинэстээх, ураты суолталаах.
Манна Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар искусствоведение наукатын кандидата Викторитя Георгиевна Григорьева үлэлиир: концертмейстердыыр даҕаны, фортепионаҕа да уһуйар, дириэктэри методическай чааска да солбуйар. Аны туран, олоҥхону наука таһымыгар дьаныһан-хасыһан үөрэтэн, «Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г. Нохсорова» диэн тиэмэҕэ диссертациятын көмүскээбит. Ити үлэтин сүнньүнэн “Олоҥхоһуттар Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” диэн аһаҕас уруогу биэрдэ. “Олоҥхолоох айан” кыттыылаахтара онно сырыттылар, операторбыт М.Эверстов СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин “Олоҥхо” саайтыгар анаан барытын уһулла, ону фольклор куруһуогун учууталлара үлэлэригэр туһаныахтарын сөп.
Бу айан хардарыта байытыһарга, санаа атастаһарга тоҕоостоох сырыы буолла. Ол курдук, десант кыттыылаахтара олоҥхону толорууга бэйэлэрэ эмиэ маастар-кылаас ыыттылар. Холобура, Станислав Иванов бэйэтэ салайар бөлөхтөөх, Прасковья Лебедева Табаҕаҕа музыкальнай оскуолаҕа үлэлиир, Марфа Аммосова “Одун” ансаамбылга фольклору үөрэтэр. Онон уһуйар ньымаларын билиһиннэрдилэр, оҕону олоҥхолоторго тус уопуттарыттан үллэһиннилэр.
Аммаҕа олоҥхонон Бөтүҥ оскуолата утумнаахтык дьарыктанар. Манна Анисия Даниловна Софронова диэн үтүөкэннээх уһуйааччы 1998 сыллаахха “Оллоон” диэн оҕону олоҥхонон уһуйуу утумун төрүттээбит эбит. 20-тэн тахса сыл салҕыбакка дьарыктаан, Амматтан элбэх ыллыыр-туойар ыччаты такайан таһаарбыт. Олортон биирдэстэрэ Анна Кириллина биһигини арыаллыы сырытта. Кини бу күһүн “Олоҥхо-баттлга” көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.
Билигин “Оллоону” А.Д. Софронова үөрэнээччитэ София Олеговна Егорова салайар. Биһиги тиийбиппитигэр, икки үөрэнээччитэ Дьокуускайга олоҥхоһут оҕолор лааҕырдарыгар барбыт этилэрэ. Ол да буоллар, алта толорууну уһуллубут.
-Сылын аайы “Олоҥхо дойдутун оҕотобун”, “Олоҥхо-kids”, “Бриллиантовые нотки” курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Билигин Олоҥхо ыһыаҕар анаан аммалардыы оһуохайы үөрэтэ сылдьабыт, — дииллэр Карина Непомнящая, Айыллаана Иванова.
Оттон Аммаҕа бэйэтигэр “Күөгэйээнэ” бөлөҕү уүуллубут. Биир дойдулаахтара Екатерина Иванова «Айдаарыкы араҕас аттаах Аландаайы-Куландаайы бухатыыр” олоҥхотун куолаан толордулар. Салайааччылара Александра Ивановна Артемьева – СӨ үтүөлээх учуутала, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Амма улууһун уонна нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина:
-Бэйэм Сунтаар Күүкэйиттэн төрүттээхпин. Норуот ырыаһыта Дария Павловна Федорова кыыһа буоламмын, кырабыттан ыллаан-туойан улааппытым. Аммаҕа кийиит буолан сүктэн кэлэн олохсуйбутум 47 сыл буолла. Итинтэн 45 сылын оскуолаҕа үлэлээтим. Дьиҥэр, нуучча тылын учууталабын. Ол эрээри 90-с сылларга үөрэх тиһигэр национальнай кэнсиэпсийэ киирээтин кытта, хааммар ырыа-тойук иҥмит киһитэ тута төрүт култуураҕа көһөн хаалбытым. Уолаттары олоҥхолоторум. Олох төрдүс кылаастан уон биириһи бүтэриэхтэригэр диэри дьарыктаммыттара. Олортон култуура хайысхатынан Николай Баттаахап барда, төрүт үстүрүөмэннэргэ оҕолору уһуйар.
Саҥа үйэҕэ үктэнэн баран, ийэлэр оҕолорун сахалыы тыыҥҥа ииттиннэр диэн, 2003 сыллаахха аны улахан дьоҥҥо бу “Күөгэйээнэбин” тэрийэбин. Хаһан да сыанаҕа да тахсыбат дьахталлар билигин фольклор бары жанрдарын толорор кыахтаахтар.
Тоҕо эрэ, мин маннык санаалаахпын: дьахтар бөлөҕө кыыс бухатыыр туһунан эбэтэр дьахтар суруйбут олоҥхотун толоруохтаах диэн. Ол иһин бастаан Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыаттатын”, билигин Е.Е. Иванова “Аландаайы-Куландаайытын” толоробут. Уонча сыллааҕыта бу Е.Иванова бэчээттэммит олоҥхото да суоҕа. Ону саха салаатын бүтэрбит Владимир Слепцов диэн уол, дипломнай үлэтин суруйарыгар анаан, үнүстүүттэн 300-чэкэ страница рукопиһы куоппуйалаабытын тута сылдьарын көрөн, ону уларсан үөрэтэн саҕалаабыппыт. Иванова бэйэтэ бааһынай буолан, нууччалыы тылы наһаа туттарын бэлиэтээтим. Ситиһиибит диэн, Үөһээ Бүлүүгэ буолбат Олоҥхо ыһыаҕар анал аакка тиксибиппит, итиэннэ М.Андросова-Ионова аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ иккистээбиппит. Быйыл Олоҥхо ыһыаҕар булгуччу кыттабыт.
Бу айаҥҥа сылдьан саамай сэҥээрбит киһим – Егор Трофимович Никифоров. Бөтүҥ оскуолатын историк учуутала. Кини Дьокуускай куоракка улааппыт, 13 сааһыгар диэри сахалыы ончу саҥарбатах. Ол дьыл таайдарыгар Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр сайылыы тиийэн баран, Чап уустарыттан утумнаах удьуор хаана уһуктан, күһүн уу саха буолан төннүбүт үһү.
Маныаха эбээтэ Александра Макаровна Никифорова сабыдыала улахан. Кини уһуйуутунан кыратыттан хомус тарда үөрэммит. Ахсыска үөрэнэ сылдьан, Альбина Дягтерева “Айархаан” бөлөҕө тэрийбит 10 хонуктаах дьарыгар уһуйуллаат, барытын түргэнник ылынар дьоҕурдаах уол, Дубайга тиийэн, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска Гран-при буолбут. Ытыс саҕа ымыыта кинини аны олоҥхоҕо сирдээбит. 2021 с. Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар хомустуу тиийэн баран, Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыры кытта билсэн, кини салайар “Күн сандаар” бөлөҕөр киирэн, аны олоҥхону толоруу абылаҥар куустарбыт.
“Олоҥхолуур буолуохпуттан ыла бэйэбин буллум. Урут наар туох эрэ тиийбэт, туохха эрэ ыксыыр курдугум. Билигин холкубун, бэйэм сыалбын-сорукпун чопчу билэбин”, — диир Егор Трофимович.
Кини электроннай пуондаҕа анаан Үөһээ Бүлүү олоҥхоһута Ынта Микиитэ “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ. Урукку олоҥхоһуттар курдук, Егор Никифоров, олоҕурбут ирдэбили тутуспакка, бэйэтэ баҕарбытынан ыллыыр-туойар, матыыбын хайдах саныырынан дьиэрэтэр, уһатар-кэҥэтэр, умнаары гыннаҕына, тылын уларытан-тупсаран биэрэр эбит. Биир бэйэм Егор көҥүл тыыннаах, ис-иһиттэн иэйэр-куойар ураты толоруутун олус сэргээтим.
Кэнтик бастакы кинээһэ Боччойо сыдьаана Егор Никифоров, баардаах баара өтөн, талаана өссө тахса туруо диэн эрэнэбин. Дэйбиирин кытта бэйэтэ оҥосторун истэн хайҕаатым. Ити курдук дэгиттэр дьоҕура арыллан истин!
Оттон күндү ааҕааччыларга санатабыт, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 19-21 күннэригэр, күн саамай уһаабыт кэмигэр, буолар диэн бигэргэппиттэр. Онон Кыыс Амма кытылыгар көрсүөххэ диэри!
Анисия Иевлева,
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ