«Хаҥалас Боотур» олоҥхо сыанаҕа турда
Олус бэрт. Үс улуус — Горнай, Чурапчы, Хаҥалас — олоҥхолорун үйэтиппит биир дойдулаахпыт Егор Лукин-Түммүт Дьөгүөр айымньыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Павел Харитонов-Ойуку либреттотынан биэс көстүүлээх турда.
Самодеятельнай артыыстар Улахан Аантан, Ойтон, Өктөмтөн, Покровскайтан олоҥхо курдук уустук жанры баһылаабыттара көһүннэ. Элбэх тэтимнээх үҥкүүлэрдээх, уотунан-күөһүнэн толорон биэриилээх, сахалыы ырыалаах-тойуктаах олоҥхобут көрөөччү биһирэбилин ылла.
Бырайыак ааптара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лидия Харитонова айымньы туруоруутун кэннэ кыттыбыт, оонньообут артыыстарыгар, олоҥхону билсэ кэлбит дьоҥҥо махтанна.
Людмила Аммосова, «Хаҥалас» хаһыат.
Поделитесь этой страницей