Уус Алдаҥҥа - "Мүлдьү Бөҕө" - Сайт Олонхо
Главная / События / Уус Алдаҥҥа - "Мүлдьү Бөҕө"

Уус Алдаҥҥа — «Мүлдьү Бөҕө»

Быйыл биллиилээх олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сыла. Онон Уус Алданнааҕы «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай киин көҕүлээһининэн «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо дьүһүйүүтэ сыанаҕа турда.

Манна кыттыыны ыллылар Тумуллааҕы «Айыллан» народнай театр артыыстара, Олоҥхо дьиэтин, «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара. Дьүһүйүүнү Тумул, Бэйдиҥэ, Бороҕон көрөөччүлэрэ биһирии, астына көрдүлэр.

“Мүлдьү Бөҕө” олонхо сүрүн идиэйэтэ – орто дойдуга олохтоох айыы аймаҕын туһугар туруулаһан охсуһуу, кинини араҥаччылыырга ыҥырыы. Бу сыаннастары оҕолого тиэрдии — биһиги сүрүн сорукпут. Дьүһүйүүгэ үксэ оҕо-аймах сылдьан сэргээн көрдө-иһиттэ.

Мүлдьү Бөҕө театрализованнай дьүһүйүү сыалын-соругун ситистэ. Көрөөччүлэр астынан-дуоһуйан махтал, үтүө тыллары этэн тарҕастылар.

Поделитесь этой страницей