Олоҥхо дьиэтигэр интерактивнай хос аһылынна
РФ култуурунай көҕүлээһинин пуондатын куонкуруһугар култуура салалтатын «Интерактивное творческое пространство «Кэскил биһигэ – колыбель будущего» бырайыага кыайан, бүгүн Олоҥхо дьиэтэ этно-култуурунай кииҥҥэ оҕолорго аналлаах “Кэскил биһигэ – олохпут түсчүтэ” аныгылыы интерактивнай хос үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Пуонда күрэҕэр Саха сириттэн 180 сайаапка кыттыбытыттан, бу бырайыак 15 бастыҥнарга киирсэн, күн бүгүн үлэлээн саҕалаата.
Бырайыак сүрүн сыалынан – эдэр төрөппүттэр куруһуоктарга, араас тэрээһиннэргэ сылдьан кыттар кэмнэригэр оҕолорун бу интерактивнай хоско хаалларан дьарыктыыллара буолар. Онон кэскиллээх бырайыакпыт үлэлээн, элбэх оҕо, төрөппүт сылдьыа, дьарыктаныа, аралдьыйыа дии саныыбыт.
Бу хоско сахалыы сиэргэ-майгыга үөрэтэр сыаллаах оонньуурдар, сахалыы мультиктар, араас видеолар баар буолаллар.
Ону таһынан оҕолору фольклорга, олоҥхоҕо, хомуска, оһуохайга дьарыктыыр программалар бааллара олус үөрдэр.
Бу интерактивнай хоско олохтоох маастардар балаҕан барылын, симии оһоҕу, туос түннүктэри, сахалыы иһити-хомуоһу, оонньуурдары, остуолу, олоппоһу, ыскамыайканы, музыкальнай инструменнары оҥордулар.
2024 сыл Арассыыйа президенин уурааҕынан Дьиэ кэргэн сылынан биллэрилиннэ, Саха сиригэр Ил Дархан уурааҕынан Оҕо саас сыла буолла.
Онон Олоҥхо дьиэтигэр оҕолорго аналлаах аныгылыы интерактивнай эйгэ хоһо 2024 сылы көрсө арыллыбыта олус тоҕоостоох. Үөрүүлээх аһыллыыга оҕолор, төрөппүттэр сылдьан, кырачааннарга аналлаах хос аһыллыбытыттан астыммыттарын биллэрдилэр.
Елизавета Данилова,
«Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай киин уус-уран салайааччыта