Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу кыайыылаахтара -Лукиннар - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Исполнение / Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу кыайыылаахтара -Лукиннар

Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу кыайыылаахтара -Лукиннар

Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим”  күрэх кыайыылаахтара – Уус Тааттаттан Лукиннар.

Олорор бэрээдэктэринэн билиһиннэрдэххэ, сэһэнньит – уоллара Никита Лукин. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар  биирдиилээн толорууга оҕолорго II миэстэ буолбута уонна “Истээччи биһирэбилэ” ааты ылбыта.

Эбээлэрэ Христина Михайловна Лукина сааһын тухары сүөһү көрүүтүгэр үлэлээтэ. Куоластаах мааныта. Улуус уус-уран самодеятельноһын бастыҥ ырыаһыта.

Үһүс олорооччу – Лукиннар кыыстара Анастасия.

Аҕалара Федот Лукин  — Таатта улууһун “Ырыа Бэргэнэ”.  Кини аттыгар сиэнэ Диана Рязанская.

Ыал ийэтэ Надежда Гаврильевна култуура үөрэхтээх, үҥкүүгэ уһуйааччы. Киниэхэ сэргэстэһэ олорор уоллара  Андрей.

Үс көлүөнэ Лукиннар Бүөтүр Оҕотоойоп «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур» олоҥхону толороллорун истиҥ.

Поделитесь этой страницей