“Төрүт ситим” кыайыылаахтара – Лукиннар
Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим” күрэх кыайыылаахтара – Уус Тааттаттан Лукиннар.
Турар бэрээдэктэринэн билиһиннэрдэххэ, сэһэнньит – уоллара Никита Лукин. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар биирдиилээн толорууга оҕолорго II миэстэ буолбута уонна “Истээччи биһирэбилэ” ааты ылбыта.
Эбээлэрэ Христина Михайловна Лукина сааһын тухары сүөһү көрүүтүгэр ыанньыксытынан үлэлээтэ. Куоластаах мааныта. Улуус уус-уран самодеятельноһын бастыҥ ырыаһыта.
Үһүс олорооччу – Лукиннар кыыстара Анастасия.
Аҕалара Федот Лукин — Таатта улууһун “Ырыа Бэргэнэ”. Култуура үөрэхтээх, билигин фермердиир. Кини аттыгар — сиэнэ Диана Рязанская.
Ыал ийэтэ Надежда Гаврильевна — үҥкүүгэ уһуйар хореограф. Киниэхэ сэргэстэһэ олорор уоллара Андрей — оскуола үөрэнээччитэ.
Үс көлүөнэ Лукиннар Бүөтүр Оҕотоойоп «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур» олоҥхотуттан быһа тардан толороллорун истиҥ.