«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхонон остуол оонньуута
Академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы»
эдэр чинчийээччилэр күрэхтэрэ иккис күнэ буола турар. Культурология салаатыгар уопсайа 38 үлэ баар, онтон биирдэстэрин сырдатыам.
Айтал Жирков — Горнай улууһун Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Кини чинчийбит тиэмэтэ: «Настольная игра на основе «Мир олонхо: Ньургун Боотур стремительный» диэн.
«Билиҥҥи кэмҥэ остуол оонньууллара оҕолорго, эдэр ыччакка, улахан дьоҥҥо олус умсугутуулаах бириэмэни атаарааhын буолар. Бу оонньуулар киhи өйүн-санаатын, киhи айар дьоҕурун сайыннараллар, көлүөнэлэр чугасыhалларыгар көмөлөhөр, аныгы гаджеттартан аралдьытар. Оҕолорго олоҥхону киэнник тарҕатыы уус-уран айымньы эйгэтигэр сыhыарар. Бу оонньууну ханнык баҕар саастаах киhи үлүhүйэн оонньуон сеп», – диэн Айтал Жирков биһигини кытта үллэстэр.
Дьүүллүүр сүбэ араас интэриэһинэй үлэлэри көрдө, кыттааччылар боппуруостарга эппиэттээтилэр, дьүүллүүр сүбэ баҕа санааларын иһиттилэр. Манан иккис күн түмүктэннэ.
Саяра Скрябина,
« Кэскил» эдэр кэрэспэдьиэнэ,
В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ