"Тойтой Боотур" - олоҥхонон ойуулук - Сайт Олонхо
Главная / События / "Тойтой Боотур" - олоҥхонон ойуулук

«Тойтой Боотур» — олоҥхонон ойуулук

Оҕо саас сылынан олоҥхоҕо олоҕурбут “Тойтой Боотур” диэн 8 сиэрийэлээх, уу сахалыы тыллаах анимационнай киинэ “Саха” НКИХ интэриниэт-былаһааккатыгар тахсара былааннанар.

Бу ойуулукка Тойтой диэн уол боотур буолуон баҕарарын туһунан кэпсэнэр. Кырачаан бухатыыр дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ элбэх үтүөнү оҥорон, сир үрдүгэр дьол-соргу тосхойор.

Тылы чинчийэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр үнүстүүт научнай үлэһитэ, эпосовед Айталина Кузьмина бэлиэтииринэн, бу курдук аныгы араас ньымалары туһаннахпытына эрэ төрүт култуурабытыгар, фольклорбут көрүҥнэригэр билиҥҥи үйэ оҕолорун сыһыарар, умсугутар кыахтаахпыт.

Бырайыак салайааччыта Дарья Ермолаева бу мультигы таҥан оҥоруу өссө 2021 сылтан саҕаламмытын кэпсээтэ. Ил Дархан гранын үбүгэр оҥоһулла турар эбит. Сценарийын драматург суруйааччы, кинематографист Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр суруйбут. Режиссер — Альберт Габышев.

Табылыннаҕына, аны нууччалыы уонна омуктуу тылынан устар санаалаахтар.

Поделитесь этой страницей