Ааптар Станислав Иванов толоруутугар «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхо - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Исполнение / Ааптар Станислав Иванов толоруутугар «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхо

Ааптар Станислав Иванов толоруутугар «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхо

“Олоҥхо-баттл” телевизионнай күрэх кыайыылааҕа Станислав Иванов бэйэтэ айбыт-суруйбут “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан толорорун сэргээн истиҥ.

 Бу олоҥхотун СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ аудио сыһыарыылаах электроннай кинигэ быһыытынан таһаарда. Олоҥхо тиэкиһин онлайн ааҕаргытыгар https://new.nlrs.ru/open/101838, оттон ааптар толорорун истэргитигэр  https://new.nlrs.ru/open/101832 сигэлэринэн киирэҕит. Ааҕааччы билиэтэ суохтар, бастаан бибилэтиэкэ саайтыгар https://new.nlrs.ru\ регистрацияны ааһаҕыт.

Станислав бэйэтэ Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх.  Икки өттүттэн эһээлэрэ Харлампьев Дмитрий Михайлович уонна Иванов Платон Васильевич дойдуларыгар биллэр оһуохайдьыттар эбит. Ону утумнаабыт буолуохтаах диэн сэрэйэн, кырачаан уолу Дария Егоровна Алексеева ырыаҕа-тойукка уһуйбут.

Оскуола кэнниттэн Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн бүтэрэн, ыал буолан, билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олохсуйан олорор, култуура уонна духуобунай сайдыы улуустааҕы салалтатыгар методиһынан үлэлиир. Станислав дьарыга элбэх. Оһуохайдьыт быһыытынан эмиэ сүҥкэн ситиһиилээх, “Дархан этээччи” диэн үрдүк ааты ылбыта.

Оттон бу “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотун 2017 сылтан суруйан саҕалаабыт.

-Бастаан тутулун, туох уратылаах буолуохтааҕын торумнаабытым. Суруйан истэҕим аайы ол толкуйдарым харахпар көстөн кэлэн испиттэрэ. Оннук бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнэһэн, сааһыланан барбыттара. Олоҥхом хас биирдии түгэнин таайтарыылаах, киһиэхэ сырдык санааны саҕар кистэлэҥнээх гына суруйа сатаатым. Дьоруойдарым ааттарын толкуйдуур уустук этэ. Тылын-өһүн хос-хос ааҕа-ааҕа, хаста да көннөрбүтүм, хас сырыы ахсын тупсаран испитим. Кэлин түмүктээн баран ааҕарбар, тус олохпор буолбут үөрүүлэр уонна хомолтолор суруллан тахсыбыт курдуктар эбит, — диэн санаатын үллэстэр Станислав Иванов.

Олонхо о храбром Хатан Боотуре.

Исполняет автор Станислав Иванов, Мегино-Кангаласский улус.

Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Поделитесь этой страницей