«Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхоттон Розалия Докторова - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Исполнение / «Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхоттон Розалия Докторова

«Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхоттон Розалия Докторова

Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Сүүрэр сулус сырыыта сырыылаах Сыыйылла Хара Сүүрүк аттаах, аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхотуттан толорор Розалия Докторова (Ытык Күөл, Таатта улууһа).

Розалия Петровна ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр төрөппүт кыыһа буолар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри эмтиир эйгэҕэ үлэлээбитэ. Таатта улууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот уус-уран айымньытын, Саха Сиригэр идэлээх сойуустар хамсааһыннарын, СӨ идэлээх сойуустарын федерациятын, Таатта улууһун доруобуйатын харыстабылын сайыннарыыга кылаатын иһин анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Аҕыйах сылтан бэттэх олоҥхону толоруунан утумнаахтык дьарыктанан эрэр. Л.Цой салайар «Дьолуо» этно-бөлөҕөр сылдьар. 2022 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар саҥа саҕалааччыларга бастаабыта, былырыын Өймөкөөҥҥө анал аакка тиксибитэ. Кини тойуга былыргылыы матыыптааҕынан уратылаах.

Олонхо Петра Решетникова «Милосердный Богатырь Айи Джюрагастай» (фрагмент). Исполняет Розалия Докторова, с.Ытык-Кюель, Таттинский улус.

Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Поделитесь этой страницей