«Оллоон» олоҥхоһут оҕолоро Ороһуоспа «сулустара» буолан сандаардылар - Сайт Олонхо
Главная / События / «Оллоон» олоҥхоһут оҕолоро Ороһуоспа «сулустара» буолан сандаардылар

«Оллоон» олоҥхоһут оҕолоро Ороһуоспа «сулустара» буолан сандаардылар

Москуба куоракка XXIV төгүлүн ыытыллыбыт «Ороһуоспа сулустара – 2024» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх бөлөҕө 1-кы истиэпэннээх лауреат буолан кэллэ.

Москуба куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы “Ороһуоспа сулустара” бэстибээлгэ Амма улууһун А.А. Черемных аатынан Оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээчилэрэ — «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай бөлөҕө — Артемьева Арина, Иванова Айылаана, Степанова Лена, Обутова Нарыйаана, Яковлева Сайнаара, Назарова Настя, Борисова Айсена, Борисова Нарияна кыттаннар, лауреат үрдүк аатын ылан кэллилэр.


Бэстибээл Москуба куоракка тохсунньу 4 — 8 күннэригэр ыытылынна, араас регионнартан 2000 кэриҥэ кыттааччы кэлбит.

Тэрээһин туһунан оҕолор санааларын билиэҕиҥ. Назарова Настя, Борисова Айсена, Яковлева Сайнаара: «Москубаҕа «Космос» гостиницаҕа түспүппүт. Бастакы күммүтүгэр олорор сирбитин кытта билсиһэн, иккис күммүтүгэр «Москвариум»-ҥа сырытыннарбыттара, киэһэ оҕолорго бал уонна дискотека буолбута. Бэстибээл күрэҕэ тохсунньу 6 күнүгэр блоктарынан арахсан буолбута, биһиги кыттыбыт бастакы блокпутугар 33 нүөмэр баара. Нүөмэрдэр бүтээттэрин кытта, наҕараадалааһын саҕаламмыта. Лауреат буолан олус үөрбүппүт. Москуба элбэх да элбэх кэлиилээх-барыылаах олус улахан куорат эбит. Метронан сылдьан, Кыһыл болуоссатынан күүлэйдээн астынныбыт».
Борисова Нарияна: «Биһигини бу фестивальга 8 оҕону салайааччыбыт Софья Олеговна уонна аҕабыт Павел Егорович Борисов арыаллаан илдьэ сырыттылар. Эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ биһиги аҕабыт өйөөн, сөбүлэһэн, чэпчэтиилээх билиэккэ түбэһэммит, биир дьиэттэн үһүө буолан баран кэллибит. Аҕабыт өр кэмҥэ көрсүбэтэх бииргэ үөрэммит доҕорун, билигин Москуба олохтооҕо Егоров Петру көрсөн, кини биһигини арыаллаан, бэрт элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Аҕабытыгар наһаа махтанабыт».


«Күрэх кэннэ салайааччылары төгүрүк остуолга ыҥырбыттара, хас биирдии нүөмэри ырыппыттара. Биһигини Владимир Михайлович Шкуровский хайҕаабыта: «Саха сириттэн элбэх нүөмэр кэлбититтэн, тоҕо эрэ, эһиги нүөмэргитин сэргии көрдүм, инструменнаргыт тыаһын, оҕолор куоластарын дуоһуйа иһиттим, ол алыбар уйдаран, киһи дууһатын кылын таарыйардыы толордугут. Төһө да саха тылын билбэтэрбин даҕаны, эһиги нүөмэргитин олус астынным» диэбитэ. Туох итэҕэһи эппэтэҕиттэн испэр үөрэ санаатым».

Бу сырыыбыт оҕолорго умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Россия тэбэр сүрэҕин көрөн сөҕөн, маннык улахан таһымнаах, үгүс көрөөччүлээх тыҥааһыннаах күрэххэ чиэстээхтик кыттан, Аммабыт аатын ааттатан, саха буолалларынан киэн туттан, 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылан, сүргэбит көтөҕүллэн кэллибит.
Тэрээһиҥҥэ сүбэлээн-амалаан ыыппыт Бөтүҥ оскуолатыгар, А.А. Черемных аатынан Оҕо искусствотын кыһатыгар уонна «Бриллиантовые нотки» бэстибээл комитетын үлэһитэ Александра Климоваҕа, күүс-көмө буолбут төрөппүттэрбэр, аэропорка көрсүбүт, Москубаҕа сирдээбит биир дойдулаахтарбыт Петр Прокопьевич Егоровка, Иван Иванович Неустроевка улахан махталбын тириэрдэбин олоххут суола куруук сырдык буоллун, чэгиэн сылдьыҥ»— диэн кэпсээнин түмүктээтэ салайааччы Софья Олеговна Иванова.

Иванова Нарыйа, Иванов Айдын, 

Бөтүҥ орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччилэрэ.

Поделитесь этой страницей