«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон толорор «Кылыһах» норуодунай ансаамбыл
“Кылыһах” норуодунай фольклорнай ансаамбыл 1987 сыллаахха тэриллибит. Оччолортон фольклор бары көрүҥнэригэр холоноллор: олоҥхоҕо, тойукка, хомуска, чабырҕахха, норуот ырыатыгар, оһуохайга.
Ансаамбылы Сунхалырова Екатерина Николаевна төрүттээбит. Онтон 28 сыл устата (1988-2016 сс.) СӨ култууратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Кэнчээри Ивановна Собакина салайан үлэлэппит. 2019 сылтан бөлөҕү Марина Федоровна Говорова салайар.
«Кылыһахтар» олоҥхону куолаан толоруунан 2018 сылтан ыла утумнаахтык дьарыктаналлар. Хайҕаллааҕа диэн, нэһилиэк салайааччылара, ыччакка бэйэлэринэн холобур буолан, көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо бэһис ырыатыттан быһан тардан толороллорун устарбытыгар, нэһилиэк баһылыга Турнин Прокопий Прокопьевич Кырынаас, оттон оскуола дириэктэрэ Полускин Петр Васильевич Бохсоҕоллой Боотур оруолларын ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр. Сэһэнньит – Полускина Галина Ивановна, Л.Н.Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Ньургун Боотур – Белин Игнат Игнатьевич, НАДь оператора, Айталыына Куо – Сабарайкина Гея Сергеевна, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын психолог-педагога, Эмээхсин – Иванова Анна Евстафьевна, Оҕонньор – Собакин Степан Тарасович (иккиэн «Кылыһах» солистара). Бу олоҥхолорунан сайын Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Олоҥхо тылын ууһа” анал ааты ылбыттар.
Ситиһиилэрэ итинэн эрэ бүппэт, 2019 сыллаахха Аан дойдутааҕы фольклориадаҕа анаммыт “Соблюдая народные традиции – сохраним культуру и историю народа!” бэстибээлгэ, “Дайыла алгыстаах аартыга” улуустааҕы күрэххэ, Нам Хатырыгар ыытыллыбыт “Олоҥхо уобарастарын арыйыы” аһаҕас куонкуруска кыттыбыттар, сэртипикээттэринэн бэлиэтэммиттэр.
П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүр “Айыы Дьураҕастай бухатыыр” олоҥхотун үөрэтэн, Ийэ олоҥхоһут төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт 5 түһүмэхтээх “Үс саха олоҥхото, тойуга сайыннын..!” күөн күрэскэ бастаабыттар. Мария Андросова-Ионова төрөөбүтэ 155 сылыгар анаммыт “Ондуруоһап эмээхсин курдук онолуйа туойдахпына…” күрэххэ үһүстээбиттэр. Онно Галина Полускина “Түөлбэ олоҥхотун салҕааччы” анал ааты ылбыт, оттон Өлүөхүмэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар «Истээччи биһирэбилэ» буолбут.
Пятая глава олонхо Платона Ойунского «Нюргун Боотур Стремительный» (фрагмент). Исполняет народный ансамбль «Кылысах», Кыйы, Таттинский улус. Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.
Исполнители: Галина Полускина (Сэһэнньит) Игнат Белин (Ньургун Боотур) Анна Иванова (Эмээхсин) Степан Собакин (Оҕонньор) Прокопий Турнин ( Кырынаас) Петр Полускин (Бохсоҕоллой Боотур) Гея Сабарайкина (Айталыын Куо).