Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйэн
Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыла уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ быйыл Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылын биллэрбитинэн, аммалар биир дойдулаахтара Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотунан музыкальнай-хореографическай испэктээктэрин Дьокуускайга көрдөрдүлэр.
Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйүү — ураты көстүү. Хамсаныыларынан да киһи тиэрдиэн сөп эбит. биллэн турар, ону ырыа-тойук ситэрэн, киэргэтэн биэрдэ.
Бу испэктээги былырыын премьералаабыттара. Онтон В.Г. Короленко аатынан Амма 1-кы №-дээх орто оскуола үбүлүөйүгэр күһүн көрдөрбүттэрэ. Онон бу оскуола үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара, итиэннэ «Сир симэҕэ» норуодунай ансаамбыл уһуйуллааччылара оонньоотулар. Кыттыгас бырайыактара буолар.
Туруорааччы-режиссер, худуоһунньук — Марианна Ефимова. Бырайыак ааптара — Ньургустаана Тылбыкова.
Быйыл Аммаҕа Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллар, онно бу испэктээх Ыһыаҕы киэргэтиэ, тэрээһин биир кэрэ түгэнинэн буолуо.
Ыччакка олоҥхону маннык араас ньыманан билиһиннэрэр, кытыннарар, тарҕатар хайҕаллаах дьыала буолар.