Саха күүтэр ыһыаҕы…
Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар былааннаахтык бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ыраас ууга сөтүөлүү таарыйа киһи бөҕө тиийэрэ чахчы. Чугаһа да бэрт. Оннооҕор ыраах Өймөкөөҥҥө улуустар бары кэриэтэ тиийбиттэрэ.
Ол үтүө күннэри санаан, Томторго ыһыллыбыт ыһыах ыалдьыттара санааларын үллэстибиттэрин Михаил Эверстов устубутун көрүҥ.
Быйыл эмиэ бу курдук дьон дуоһуйар ыһыаҕын аммалар тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Хас да эбийиэктээх, Аал Луук мастаах түһүлгэни тутуу үлэтэ номнуо саҕаламмыта. Аны аҕыйах ыйынан онно тоҕуоруһа мустуохпут.
Поделитесь этой страницей