Түүр тыллаахтары түмэн... - Сайт Олонхо
Главная / События / Түүр тыллаахтары түмэн...

Түүр тыллаахтары түмэн…

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков “Аан дойду норуоттарын эпостара” норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация солбуйар бэрэсидьиэнэ уонна Олоҥхо 10 сылын тэрийэр национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буолар. Кини эпическэй айымньылар нөҥүө норуоттары сомоҕолуур соруктаах үтүмэн үлэни киэҥ далааһыннаахтык ыытар.

         Төрөөбүт норуотун уонна түүр тыллаах омуктар култуураларын, төрүт үгэстэрин, фольклордарын сөргүтэр уонна харыстыыр сыалтан Александр Жирков 2010 сыллаахха “Бичик” (билиҥҥи “Айар”) кинигэ национальнай кыһатын кытта “Аан дойду норуоттарын эпическэй пааматынньыктара” диэн сиэрийэни олохтообута.

Ити сиэрийэн 2014 с. киргиистэр “Манаас”, 2017 с. алтаайдар “Маадай Хара”, 2019 с. баскыырдар “Ураал Баатыр”, 2021 с. тыбаалар “Кунан Хара” эпостара сахалыы тылбаастанан бэчээттэммиттэрэ.

Александр Николаевич хас биирдии тиэкиһи сыныйан көрөрүн, хонтуруоллуурун таһынан, кини өссө бэртээхэй тылбаасчыт. “Кунан Хараны” М.Б. Кунгаа подстрочнигыттан бэйэтэ тылбаастаабыта.

“Манааһы” сахалыы саҥардыыга п.н.к. Тамара Петрова, «Күрүлгэн» литературнай альманах редактора Афанасий Гуринов-Арчылан, Сунтаар улууһун Кутана фольклорнай-литературнай музей-дьиэ үлэһитэ Трофим Кириллин кини салалтатынан үлэлэспиттэрэ. “Маадай Хараны” Ю.В. Васильев-Дьаргыстай тылбаастаан саҕалаабытын, ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун тылбааска салаата ситэрбитэ.Балар өссө “Ураал Баатырга” үлэлэспиттэрэ.

Билигин хакаастар эпостарын сахалыы тылбаастыы сылдьаллар. Казахтар эпостарын тылбаастыырга олук ууруллубут. 

Оттон бу «Мэҥэ тойук» диэн кыргыыс, алтаай, башкир, тыбаа  норуоттарын эпостарын сахалыы тылбааһын хомуурунньуга буолар.

Былыргы дьыллар тыыннарын ааҕааччыга тиэрдэр, ааҕааччы түҥ былыргы түүр хаанын уһугуннарар күүстээх кинигэни Александр Жирков «Аан дойду норуоттарын эпостара» норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциацияны төрүттээбит доҕоро Бексултан Жакиев кэриэһигэр анаан таһааттарда. Кини быһаччы туруорсуутунан, Бишкек куорат килбэйэр киинигэр Максим Аммосовка пааматынньык туруорбуттара.

— Арассыыйаҕа түүр омуктар эпостарын тарҕаныылара бэрт бытаан. Ол иһин тылбааһы кыайа-хото тутуохтаахпыт. аахпыт. Олоҥхо туһунан этэр буоллахха, урут эспэдииссийэлэр сылдьан ааспыт сирдэригэр эрэ түбэспит олоҥхолор нууччалыы тылбаастаммыттара. Онтон атыттар тылбаастаныахтааҕар буолуох бэчээттэнэ да иликтэр. Архыыпка да буолбатах, Гуманитарнай чинчийии институтугар хараллан сыталлар. Бу федеральнай тэрилтэ буолан, билигин ол олоҥхолору улахан харчыга эрэ көрдөрөллөр, онон олоҥхону тарҕатыыга көмө буолуохтааҕар атахтыы сыталлар диэн санаалаахпын, — Александр Николаевич  санаатын үллэстэр.

«Мэҥэ тойук» — түүр тыллаах хаан уруу дьоммутун кытта ситимниир  далаһа буолар. Инникитин турок, татаар, туркмен, азербайджан уо.д.а. түүр омуктар эпостарын сахалыы саҥардар сорук турар. Эпостары итинник хардарыта тылбаастааһын олоҥхобут аан дойдуга өссө киэҥник тарҕанарыгар кыаҕы биэрэр.   

Поделитесь этой страницей