Оһуордаах олоҥхо түһүлгэтэ
Зинаида Алексеевна Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо киинигэр “Оһуордаах олоҥхо түһүлгэтэ” диэн декадата иһинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ уопсайа 156 оҕо кыттыыны ылла.
Ол курдук, сахалыы алаадьынан күндүлээн, күөх буруо сытынан дыргытан, алгыстаах дэйбииринэн ыраастаан, алгыстаан, “Мин сахалыы куттаахпын” диэн улуустааҕы норуот уус-уран айымньытын толорууга күрэхтэһии кыттыылаахтарын көрүстүбүт. Күрэх сыала-соруга: төрүт өбүгэ үгэстэрин уһуйар уонна сахалыы сиэри-туому тарҕатааччы уһуйааннары кытары инникитин биир былааннаахтык үлэлиири ситиһии уонна үлэ уопутун атастаһыы.
Күрэххэ уһуйааччы үөрэнээччилэрин кытары бэлэмнэнэн кэлэн, норуот уус-уран айымньытыттан олоҥхо, тойук, чабырҕах, хомус, хоһоон, норуот ырыатын талан толордулар. Харантыынынан сибээстээн сорохтор куйаар ситиминэн кытыннылар. Уопсайа 5 уһуйаан, 3 оскуола, 2 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн барыта 46 оҕо, 10 уһуйааччы.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Маркова Елена Константиновна, төрүт өбүгэ үгэстэрин пропагандалааччы, Иван Семенович Гаврильев аатынан Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола фольклорга уһуйааччыта; Парникова Екатерина Васильевна, ырыа айааччылар түмсүүлэрин чилиэнэ, “Түөлбэ” оҕо киинин төрөппүт кэмитиэтин солбуйааччыта; Соловьева Мария Владимировна, ырыа айааччылар түмсүүлэрин чилиэнэ, өбүгэ үгэстэрин тарҕатааччы; Иванов Владимир Владимирович “Түөлбэ” оҕо киинин педагога; Гундарева Айлина, “Дьырылы” фольклорнай куруһуоктан, Граф Биэрэгин IX кылааһын үөрэнээччитэ. Күрэҕи “Дьырылы” фольклорнай куруһуок оҕолоро Старостина Алина, Протопопов Алеша, И. С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола IX кылааһын үөрэнээччилэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн Модут агрооскуолатын үөрэнээччилэрэ биир дойдулаахтара Екатерина Лукинова – Сэргээнэ “Агрооскуола кыһата” хоһоонун ааҕаннар (уһуйааччы Петрова Т.В), Хатырыктааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаан иитиллээччилэрэ (уһуйааччы Дьяконова Т.Г), Партизааннааҕы “Кустук” уһуйаан кыра бөлөҕө (уһуйааччы Григорьева У.С.), Намнааҕы 10 №-дээх “Теремок” уһуйаан иитиллээччилэрэ (уһуйааччылар Макарова Е.Г., Винокурова Н.В) чабырҕахтаан чоргуйаннар, «Үгэ – хоһоон илдьитэ, сытыы тыллаах чабырҕах» номинацияҕа кыайыылаахтарынан ааттаннылар .
«Оллоонноон олорон олоҥхолуох» номинацияҕа кыайыылааҕынан Партизааннааҕы “Кустук” уһуйаан иитиллээччилэрэ (уһуйааччы Мордосова С.И), Таастаах орто оскуолатын иккис кылааһын үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Борисова М.И) таҕыстылар.
«Сахам ырыата» номинацияҕа Намнааҕы З.П. Винокуров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын “Дьүрүскэн” фольклорнай бөлөҕүн оҕолоро (уһуйааччы Колодезникова С.В.) норуот уонна дэгэрэн ырыаларынан, “Төрүт дорҕоон” номинацияҕа “Түөлбэ” оҕо киинин “Дьырылы” фольклорнай куруһуок үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Уваровская Т.С.), И.С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1 нүөмэрдээх орто оскуола 9 «г» кылааһыттан ( кылаас сал. Говорова М.Н.) хомуска оонньоон кыайдылар.
Кэлэн кыттыыны ылбыт уһуйаан, оскуола, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларыгар махталбытын биллэрэбит!
Тамара Уваровская, “Түөлбэ” оҕо Киинин “Дьырылы” фольклорнай куруһуок салайааччыта