Саҥалыы тыыннаммыт олоҥхо
Тохсунньу томороон тымныыта түһэн турдаҕына, Өктөм орто оскуолатыгар бэрт сонун, бэл соһутар да диэххэ сөп, тэрээһин буолан ааста.
Сиһилии кэпсээтэххэ, ситэрэн эттэххэ, оскуола оҕолоро Олоҥхо тыйаатырын көмөтүнэн Н.К. Шамаев — Чопчухаан «Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхотунтуруоран, хайдах курдук талааннаахтарын, баҕалаахтарын көрдөрдүлэр.
Олоҥхо олоҕурбут ньыманан буолбакка, билиҥҥи ыччаты, оҕону тардар гына аныгылыы туруоруллубут. Сырдык уонна хараҥа күүстэр күөн көрсүүлэрэ хара уонна маҥан улахан саардарынан көрдөрүллэн, испэктиээк сүрүн идиэйэтин бэлиэтииллэр.
Олоҥхоҕо баар үс дойду олохтоохторо таҥастарынан-саптарынан, тыастарынан-уустарынан, ураты көстүүлэринэн, хамсаныыларынан олоҥхону бу билиҥҥи олоххо баар көстүү оҥорон, былыргыны уонна аныгыны ситимнээн, дьон болҕомтотун тартылар, турукка киллэрдилэр.
Оҕолорбут олоҥхону үрдүк таһымҥа көрдөрөн, хас биирдии олоҥхо дьоруойа бэйэтин оруолун ис иһиттэн арыллан, сөбүлээн, хараҕа уоттанан туран толорбута – бу буолар туруорааччы киһи ситиһиитэ. Олоҥхо туруоруутугар тыас-уус, сахалыы тыыннаах муусука сүрүн оруолу ыларын биһиги оҕолорбут тыыннаах доҕуһуоллара итэҕэттэ, кинилэр олоҥхо дьоруойдарын, олоҥхо сүрүн тыынын биэрбиттэрэ барыбытын сөхтөрдө.
Оҕо барыта талааннааҕын бу олоҥхону көрөн олорон өссө биирдэ итэҕэйэҕин. Бэйэтин идэтин дьиҥнээхтик баһылаабыт, идэтин, оҕолору ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр, көрөөччүлэри убаастыыр эрэ туруорааччы маннык үрдүк таһымнаах айыньыны туруоруон сөп. Туруорааччылар — Олоҥхо тыйаатырын артыыстара — саастарынан да оҕолорго чугас буолан, кинилэр тугу интэриэһиргииллэрин, туохха баҕаралларын олус сөпкө өйдөөн, аныгы оҕо олоҥхону олох атын хараҕынан көрөрүн, олоҥхону билэрин, ону толорорго баҕатын уһугуннарбыта – улахан хамсааһын буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Режиссерунан Лена Оленова, туруорааччы режиссерунан Наталья Слепцова, режиссер көмөлөһөөччүтүнэн Венера Колесова, көстүүм худуоһунньугунан Зинаида Максимова, уот-күөс худуоһунньугунан Сахаян Петров, звукорежиссерунан Александр Степанов үлэлээтилэр. Сынаарыйы Татьяна Давыдова суруйбут, үҥкүүлэри Сахая Яковлева туруорбут.
Сүрүн оруолларга Олоҥхоһут уонна Күөрэгэйчээн Куону Алина Осипова, Дьорҕостой Бэргэни Саша Никифоров, Абааһы уолун Максим Сергеев, Абааһы кыыһын Настя Атласова, Алыпчаан Удаҕаны Алина Жукова, Дьоруо Хоҥор аты Роман Чувашов олус табыллан, арыллан толордулар.
Бу дьоро киэһэҕэ ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, геокультурнай сайдыы институтун салайааччыта, Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов, Олоҥхо тыйаатырын салайааччыта Мария Турантаева. Ыалдьыттарбыт оҕолору, туруорааччылары хайҕаатылар, оҕолор талааннарын сөхтүлэр: “Атын оҕолорго холобур буолар гына элбэх сиргэ олоҥхоҕутун көрдөрүҥ, өссө да сайда – үүнэ туруҥ”- диэн баҕа санааларын эттилэр. Бу дьоро киэһэҕэ Олоҥхо тыйаатыра уонна П.И.Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолата үөрүүлээх быһыыга-майгыга бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Олоҥхону туруорарга этии киллэрбит, бары кыһамньытын уурбут киһинэн Өктөм орто оскуолатын дириэктэрэ Калиста Афанасьева буолар. Төрөөбүт тылы оҕолорго иҥэрэргэ, оҕо ис кыаҕын, талаанын арыйарга маннык кыһаллар салайааччы баарыттан олус үөрэбит, киэн туттабыт. Төрөпүттэр оҕолорун туох баардарынан өйөөн, күүс-көмө буолбуттара атыттарга эмиэ холобур буолуон сөп.
Уопсайынан, бу олоҥхо туруоруутугар бүтүн оскуола коллектива биир киһи курдук түмүллэн, таҥас-сап тигэн, төрөппүттэри кытта ыкса ситимнэһэн үлэлээбитин бэлиэтиибит. Оскуола муусукаҕа учуутала Татьяна Давыдова уонна тэрийээччи-педагог Анна Яковлева оҕолору олоҥхо тылын үөрэтэллэригэр күүс-көмө буолан, сахалыы тыыннарын уһугуннаран, өбүгэ ситимигэр киллэрбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.
Сахабыт сиригэр Оҕо саас, Хаҥалас улууһугар бастакы Өктөм оскуолата аһыллыбыта 150 сылларыгар анаан маннык чаҕылхай Олоҥхо турбута барыбыт сүргэтин көтөхтө, инникигэ эрэли сахта.
Федора Фомина,
Хаҥалас