Олоҥхоһут Бүөтүр Куолаһабы үйэтиппитэ
Суруйуунан, кыраайы үөрэтиинэн дьарыктанар дьоҥҥо, син биирдэ эмэтэ да буоллар, үөрүүлээх-көтүүлээх, кыратык эмэтик үйэлээх үтүөнү оҥорбут курдук сананар кэмнэриҥ баар буолаллар. Миэхэ оннук түгэн биллиилээх этнограф, бүтүн саха норуотугар тугунан да сыаналаммат сүдү бэлэҕи хаалларбыт Гавриил Васильевич Ксенофонтов кинигэтин бэчээккэ таһаарыым этэ.
СГУ-га үөрэнэр кэмнэрбэр кини билиҥҥи Горнай улууһун сиригэр-уотугар төрөөн-олорон ааспыт Бүөтүр Куолаһап диэн 45 олоҥхону билэр киһи баарын туһунан суруйбутун аахпытым. Г.У.Эргис о.д.а. фольклористар бэйэлэрин үлэлэригэр, бу улуу олоҥхоһуту холобурдаан суруйууларын ааҕыталаабытым.
Онтон, дьэ, хайдах эмэ гынан, тугу эмэ буларга сананан, Наукалар академияларн Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи научнай Киинин архыыбыгар Г.В.Ксенофонтов дьыалаларын хаһыспытым, үөрэппитим. Колесовы кытта үлэлээбитигэр сыһыаннаах биир паапка баара көстүбүтэ. Гаврил Васильевич биир дойдулаахпыт алта олоҥхотун сүрүн сюжеттарын, ситимин быспакка эрэ суруйбут.
Кини бириэмэтэ кылгаһынан, бу саха норуотун улуу олоҥхоһутун биир эмэ олоҥхотун толору суруйбатаҕын кэлин кэмсинэрэ. Ол туһунан 1936 с. Тыл уонна культура научнай-чинчийэр институтун учуонай-секретарыгар А.Е.Мординовка маннык суруйбута: “…Вообще, этот Петр Колесов, по моему мнению, был одним из выдающихся сказителей, и я очень сожалею, что по недостатку времени не записал с его уст полный текст былины (к сожалению, он уже умер). Былины Колесова придется переводить текстуально (как записаны), а остальные пересказанные прозой, переводить с сокращениями”.
Г.В. Ксенофонтов эппитин курдук, архыыбыгар “Саха Саарын тойонун, Айыы Сандыл хотунун” нууччалыы тылбаастаабыта баар. Бу иннинэ биһиги, Колесов биир дойдулаахтара, кини 45 олоҥхотун ааттарын эрэ билэр буоллахпытына, архыыбы көрөн, чинчийэн аҕыйах олоҥхолорун сүрүн сюжеттарын, өссө нууччалыы тылбаастаммытын кытта ааҕар, үөрэтэр кыахтаах эбиппит. Онон бу архыыпка баар олоҥхолортон быһа тардыылары учуонай-этнограф хайдах суруйбутунан бэчээккэ таһаарарга быһаарыммыппыт.
Уонна табыгастаах түгэн көстүбүтүнэн, Бэрдьигэстээххэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан 2010 с. Г.В.Ксенофонтов “Улуу олоҥхоһут Бүөтүр Куолаһап” диэн 88 страницалаах кинигэни, 1000 ахсаанынан бэчээттэтэн ыһыахха кэлбит ыалдьыттар нөҥүө, Саха сирин үгүс оройуоннарыгар тарҕаппыппыт.
Чинчийээччилэр этэллэринэн, РНАСС Саха сиринээҕи Научнай киинин архыыбыгар Г.В.Ксенофонтов 16 тыһыынчаттан тахса илиистээх үлэтэ харалла сытар. Бу харалла сытар үлэлэртэн, бэрийэн бэчээккэ Гавриил Васильевич бэйэтин аатынан таһаарыы, кини хааннаах репрессияҕа түбэһэн суорума суолламмытын кэннэ, биир бастакы дииллэр этэ. Онон кини суруйан хаалларбыт олус баай, араас өрүттээх үлэлэрин, сэдэхтик көстөр этнографическай булумньуларын арыйыы, норуокка тириэрдии, ыччаттарбытыгар биллэрии күүскэ барыан наада дии саныыбын.
Гавриил Васильевич ити күн сирин көрбүт кинигэтэ, чугас балтыгар, үөрэнээччилэр тапталлаах учууталлара Зоя Ивановна Ксенофонтоваҕа тиксибит үөрүүтүн үллэстибитэ, миэхэ олус долгутуулаах этэ. Ол бу суруктан көстөр.
Гавриил Ксенофонтов эрэйэ тиллиэ, баҕа санаата туолуо этэ
Үтүө күнүнэн ытыктабыллаах Василий Ильич,
Бу суругу Хаҥаластан Ксенофонтова Зоя Ивановна диэн, Эн Г.В.Ксенофонтов аатынан бэчээттэппит кинигэҕин тутан баран, үөрүүбүн уонна улахан махталбын биллэрэн суруйан эрэбин. Кырдьаҕас киһи быһыытынан, арыый бытааран, хойутаан суруйарбын бырастыы гынаргар көрдөһөбүн.
Сурукпун кытары. “Г.В.Ксенофонтов” диэн бэлэх кинигэни ыытаары, сурукпун уһаттым диэн, билиниэхпин баҕарабын.
Эн улууһуҥ чулуу дьонун үйэтитэргэр Гавриил Васильевич дьаныардаах үлэтэ көмө буолбута, миигин олус үөрдэр уонна Эн Ксенофонтов сыралаах үлэтин үйэтитэргэ, “кыракый утах буоллун” диэн булбут материалгын кини аатынан бэчээттэппиккин олус астынабын уонна махтанабын.
Мин сааспынан төһө да кырдьаҕаһым иһин (82-им), Гаврил Васильевиһы кытта алтыспатах, олох көрбөтөх, кэпсэппэтэх киһибин. Ол гынан баран үөрэхтээхтэр туоһулуулларынан даҕаны, кини көстүбүт үлэлэринэн даҕаны, чахчы киэҥ билиилээх, бэйэтин дьыалатыгар бэриниилээх киһи эбит дии саныыбын.
Кини ханнык да ыараханнартан саллыбакка (материальнай, моральнай, суол-иис да өттүнэн), сыаллаахтык, туохтан да толлубакка, бэйэтин баҕатынан, күүһүнэн, этнографическай, археологическай уонна саха норуотун остуоруйатын, фольклорун сырдатар материалы хомуйа сылдьыбыт.
Ол туһунан бу кини аҕата Пекарскайга суруйбут суруга да туоһулуур. Хомойуох иһин, бу суругу кэнники булбуттар быһыылаах, ол иһин кинигэҕэ киирбэтэх.
Кини суруйбут материалын ким да дьаарыстаан ыраҥалаабакка, таах архыып буолан сытар дииллэр. Мин быстах санаабар, бэйэлэригэр тустаах тиэмэлэргэ Эн курдук туһалаах матырыйаалы булан, туһаҕа таһаараллара буоллар, кини эрэйэ тиллиэ, баҕа санаата туолуо этэ дии саныыбын.
Чэ, манан мин суруйарым бүтэр. Эн дьаныардаах үлэҕэр ситиһиини, дьолу-соргуну, тус бэйэҕэр туох баар үчүгэйи баҕара хаалабын.
Зоя Ивановна Ксенофонтова
Олунньу, 2011 с.
Зоя Ивановна, буруйа суох эрээри сууттанан, 10 сыл Беломорканал тутуутугар үлэлээбит, 1991 с. реабилитацияламмыт Иван Васильевич Ксенофонтов кыыһа. Кини 1928 с. сэтинньи 14 күнүгэр төрөөбүтэ. Уһун кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. 1975-1986 сс. Покровскай к. 2 №-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала.
Мин санаабар, ураты ыарахан дьылҕалаах Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын үөрэтии, чинчийии ханнык да общественнай тутултан иҥнибэккэ, кэлин да ыытыллыа турдаҕа. Өрдөөҕүтэ былыргы хаһыаттары хасыһа сылдьан, үөрэнээччи Зоя Ксенофонтова “Эдэр Большевик” хаһыакка 1941 с. тохсунньу 21 күнүгэр суруйбут ыстатыйатын булан ууруммут эбиппин. Хараҕым биллэр араспаанньаҕа хатаннаҕа. Тугу санаабыппын сэрэйдэххит. Ону ааҕыаҕыҥ.
“Туйгуннук үөрэнэбинё
Владимир Ильич! Бу күндүттэн күндү аат. Владимир Ильич Ленин тылын толоруу, кини үөрэммитин курдук үөрэнии биһиги сорукпут.
Дьаныардаахтык уонна улахан кыһамньылаахтык үөрэннэххэ эрэ, туйгуннук үөрэниэххэ сөп. Мин иккис кылаастан ыла мэлдьи туйгуннук үөрэнэбин. Быйылгы үөрэх дьылын маҥнайгы чиэппэригэр 10 предметтэргэ туйгуннук уонна икки предметтэргэ үчүгэй сыаналары ылары ситиспитим.
Мин үөрэхтэригэр мөлтөх табаарыстарбар куруутун көмөлөһөбүн, ол кэннэ хайдах уруоктарын үөрэтиэхтэрин туһунан сүбэлиибин. Папанин аатынан этэрээккэ председателинэн үлэлиибин. Биһиги этэрээппит үөрэх качествотын үрдэтэр иһин, бэйэтин холобурдарынан уонна мөлтөхтүк үөрэнэр оҕолорго күн аайы көмө тэрийиинэн охсуһар.
Владимир Ильич кыра сааһыгар оскуолаҕа сылдьан. бэйэтин табаарыстарыгар греческэй, латинскай тыллартан нууччалыы тылбаастааһыҥҥа, сочинение суруйуутугар уо.д.а. көмөлөһөрө, ону биһиги этэрээппит пионердара бары билэллэр уонна ол курдук буолар иһин кыһаналлар.
“Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө үөрэниэххэ” диэн Владимир Ильич этиитин мин өйдөөбүт бэлиэм – туйгуннук үөрэнэрим буолар.
Ленин баҕарбытын курдук уонна Сталин баҕарарын курдук биһиги дьаныардаахтык үөрэнэн, үчүгэй дисциплиинэлээх буолан, бэйэбит табаарыстарбытыгар көмөлөһөн, аҥаардас туйгун эрэ сыаналары ылар курдук үөрэниэхтээхпит.
Зоя Ксенофонтова, 2 №-дээх орто оскуола
5 “а” кылааһын туйгун үөрэнээччитэ”.
Саха норуотугар умнуллубат суолу хаалларбыт Ксенофонтовтар оҕолоро үөрэхтээх буоланнар, төһө да былаас былдьаһыытын ыар кэмигэр кытаанах дьылҕаланналлар, кинилэр сэбиэскэй былаас саҥардыы сүһүөҕэр туран эрэрин саҕана, үтүөҕэ, сырдыкка, сайдыыга-үүнүүгэ, норуот өйө-санаата уһуктуутугар киллэрбит кылааттара хаһан да сүтүө-симэлийиэ суоҕа.
Оттон Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ эрэ аҕай, 5-с кылаас үөрэнээччитэ Зоя Саха сирин оҕолоругар анаан “ … үчүгэй дисциплиинэлээх буолан, бэйэбит табаарыстарбытыгар көмөлөһөн, аҥаардас туйгун сыаналары ылар курдук үөрэниэхтээхпит” диэбитэ билиҥҥи үөрэнээччилэргэ алгыс курдук.
Василий Алексеев, бэтэрээн суруналыыс.
Бэрдьигэстээх, Горнай