Мээндигилэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр
СӨ ситэриилээх былааһын отчуота бүгүн Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгиттэн саҕаланна. Нэһилиэк «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр арыый эрдэлээн тиийбиччэ нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэбин.
Кулууп дириэктэрэ Светлана Попова мээндигилэр туох сонуннааххыт диэн сахалыы сиэринэн туоһулаһыыбар: «Олоҥхо ыһыаҕынан олоробут», — диэтэ. «Миигин батыс», -диэт ,сыана кэтэҕин диэки сабыыны арыйан ыҥырар. Киирбитим — сиргэ кыл бөҕө тэлгэммит.
«Быйыл Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онон сибээстээн хас биирдии нэһилиэк 500 миэтэрэ ситии хатан туттарыахтаахпыт, 214 олбох тигиэхтээхпит. Манна барытыгар нэһилиэк уопсастыбанньыктара, түөлбэ салайааччылара, кулууп үлэһиттэрэ бары кыттабыт. Олус элбэх үлэлээх, үгүс бириэмэни эрэйэр эбит. Күн бүгүн 100 миэтэрэ бэлэм буолла. Сорохтор манна кэлэллэр, кыайан кэлбэт дьон дьиэтигэр хатар, »- диэн кэпсиир.
Бу кэпсэтэ турдахпытына, социальнай үлэһит Инесса Степанова киирэн: «Кыл ыла кэллим», — диэт, саҥата суох бакыатын ороон тэниппитинэн барар. «Саастаах дьон Олоҥхо ыһыаҕар ситии хатарга «кылла аҕал» диэн көрдөспүттэрэ. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ нэһилиэнньэ барыта кыттар» ,- кылгастык эттэ.
Ити курдук Мээндиги нэһилиэгин олохтоохторо аҕыйахпыт дэспэттэр (үс сүүс киһини кыайбат), бэйэлэрин кыахтарынан Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр.
Людмила Попова, ааптар түһэриитэ
sakha-sire.ru/meendigiler-olonho-yhyagar-belemneneller/