«Дыырай Бэргэн» олоҥхону толордубут
Тыл — омук тыына.
Мин сахабын-
Мин ырыам
Сахалыы сатарыыр.
ТЫЛ БААР БУОЛЛАҔЫНА — НОРУОТ БААР
Төрөөбүт төрүт тыл — норуот кэскилэ. «Тыл баар буоллаҕына, норуот баар буолар». Бу этиини кытта мин сөбүлэһэбин. Биһиги норуоппут бэйэтэ тыллаах, төрүт тылбытын өрө тутар буоламмыт, култуурабыт, ускуустубабыт, олохпут бары өттүнэн күүскэ сайдар дии саныыбын.
Саха бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев саха тылын үрдүктүк тутан, элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Ол курдук, саха лингвист учуонайа Семён Андреевич Новгородов төрөөбүт олунньу 13 күнүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн биллэрбитэ.
Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата бу күнү олус тэрээһиннээх көрүстэ.
Сахалыы таҥныбыт оҕолор, өрө көтөҕүллэн туран, төрөөбүт тылга аналлаах линейкаҕа сэлэлии муһуннубут. Бу линейкаҕа сэттистэр Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» олоҥхотун кылааһынан толордубут.
Сайыына Захарова, VII кылаас.
Салайааччы В.К. Ефимова.
Игидэй, Таатта.