Нам устудьуоннара олоҥхо иһиттилэр
Эҥсиэли хочотун биир киэн туттар олоҥхону толорооччута, оҕолору фольклорнай куруһуокка утумнаахтык дьарыктыыр Елена Маркова Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ ыытылла турар Саха тылын нэдиэлэтигэр ыҥырыллан кэлэн, бэйэтин биир дойдулааҕа П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ.
Кини устудьуоннарга олоҥхоҕо толоруллар тойуктары туойууга маастар-кылаас көрдөрдө.
Күндү ыалдьыппытыгар Махтал суругу, оҕолор бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорбут үлэлэрин бэлэхтээн ыыттыбыт.
Поделитесь этой страницей