Таатталар Андросова-Ионова олоҥхолоруттан Дьиэ кэргэн быһаарыылаах тылдьытын оҥоруохтара
Таатта улууһугар сыл ахсын кулун тутар 2 күнүгэр Олоҥхо күнэ ыытыллар буолбута үтүө үгэскэ кубулуйда.
Быйылгы Олоҥхо күнэ олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, этнограф, чинчийээччи, айанньыт, фольклорист Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160, Ийэ олоҥхоһут П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылларыгар ананар.
Билэрбит курдук, быйыл дойдуга Дьиэ кэргэн сыла. Онон таатталар М. Андросова-Ионова “Күл-Күл Бөҕө оҕонньор, Силирикээн эмээхсин икки” уонна “Үүс аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччата” диэн олоҥхолоругар дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах сүбэлэри, өйдөбүллэри, оҥкуллары, сиэри, үгэһи тиэкистэн булан ылан, ыал быһаарыылаах тылдьытын оҥоруохтаахтар, ол тула ырытан кэпсэтиэхтээхтэр.
Аны туран, бу күн эрдэ биллэриллибит «Олоҥхо дойдутунуу Кэрэ олоҕу баҕарабын…» диэн өйтөн суруйуу улуустааҕы күрэҕин түмүгүн таһаарыахтара. Ону сэргэ олоҥхо туһунан төһө билэллэрин тургутар блиц-оонньууга кыттыахтара. Улуус күн 14 нэһилиэгиттэн түөлбэ олоҥхотун куолаан толоруохтара. Ону “Олоҥхо” саайка анаан устуохпут. Итиэннэ графика дизайнера, худуоһунньук Петр Доргуев «Олоҥхо. Оһуор. Ойуу» айар быыстапката көрдөрүүгэ туруоҕа.
Быйыл күһүн таатталар Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан, «Иис. Уус. Ас.» бэстибээл чэрчитинэн, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону куолаан толорууга хомуур олоҥхону тэрийбиттэрэ. Бырайыак ааптара, улуус фольклорга үлэтин сүрүннүүр методист М.Г. Егорова ол тэрээһини сырдатар фотоальбому бэлэмнээн таһаартарбыт.
Оттон биһиги саайпыт хомуур олоҥхону устубутуттан быһа тардан көрдөрөбүт.