Лөкөчөөн «Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотун толорорун көрүҥ - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Исполнение / Лөкөчөөн «Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотун толорорун көрүҥ

Лөкөчөөн «Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотун толорорун көрүҥ

Бу дьыл олунньу 22 күнүгэр олоҥхоһут, алгысчыт, мас оҥоһуктарга норуот маастара, чэпчэки атлетикаҕа Саха АССР 29 төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна рекордсмена, марафонец, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, «Душа России» национальнай бириэмийэ лауреата, Саха Сирин ытык кырдьаҕаһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Кирилл Никонович Никифоров-Лөкөчөөн 86 сааһыгар олохтон туораата.

Кини Айах Ууһа диэн ааттанар удьуор ойууттар, алгысчыттар, олоҥхоһуттар утумнарын салҕааччы этэ. Эбээтэ Оппуруоса эмээхсин, кини инилэрэ Петр Кириллович Иванов, Марк Гаврильевич Иванов-Табаһыт олоҥхолорун истэ улааппыт буолан, устар ууну сомоҕолуур уран тыллааҕа, сахалыы ырыаны-тойугу бэркэ билэрэ, айар дьоҕура күүскэ сайдыбыт этэ. Өссө кини Т.П. Гоголев, А.Д. Ксенофонтов – Аманааскы Өлөксөй курдук олоҥхоһуттары эт кулгааҕынан истибит дьоллоох. Ол билиитин барытын аныгы кэм ыччатыгар ыллаан-туойан иһитиннэрбитэ, олоҥхобутун сэбиэскэй да кэмҥэ өрө тутан, өлбөт тыыннаабыта махталлаах.


«Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» диэн бастакы олоҥхотун толорорун көрүҥ.

Поделитесь этой страницей