ОЛОҤХО. ОҺУОР. ОЙУУ. - Сайт Олонхо
Главная / События / ОЛОҤХО. ОҺУОР. ОЙУУ.

ОЛОҤХО. ОҺУОР. ОЙУУ.

Угуттаан таһымныыр үрэх кэриэтэ уус-уран тыллаах олоҥхоһуттар уутуйан, уран тарбахтаахтар төбүрүөннээн үөскээбит талыы-талба Тааттабытыгар Олоҥхо күнэ кулун тутар 2-с күнүгэр буолан ааста.


Өбүгэлэрбит кичэйэн-харыстаан хаалларбыт духуобунай баайдарын — Олоҥхо этигэн тылын-өһүн, баай-талым ис хоһоонун — билиҥҥи көлүөнэ хайдах ылынарын, олох бары эйгэтигэр, күннээҕи олохпутугар, сүрүннээн айар үлэҕэ, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа оһуор-мандар оҥорон, хайдах көрөрүн бүгүҥҥү быыстапкаҕа көрдүбүт.

Ойууһут, графика дизайнера, цифровой худуоһунньук Петр Доргуев «Олоҥхо. Оһуор. Ойуу» айар быыстапката алгыстаах үтүө-мааны күҥҥэ Иван Иванов доллоһутар тойугунан саҕаланна.
Уол оҕо барахсан уолугунан тыынан, атаҕынан дугуйданан, илиитин иминэн, өркөн өйүнэн, оһуор-ойуу умсулҕаныгар умса түспүт иэйиитин, сатабылын, дьоҕурун таайа Борис Федорович Неустроевы- Мандар Ууһу кытта ситимниир.

Мэник-тэник ойор күннээх оҕо сааһыгар уруһуйдаан бооччойо олорорун дьоно көрдөхтөрүнэ: «Оҕобут таайын курдук уруһуйдьут буолуо», — дииллэрэ эбитэ үһү.
Ытык киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус Петр айар быыстапкатыгар бэлэм буолбутун туһунан былырыын киниэхэ эппитин, үлэлэрэ чахчы да сиппитин-хоппутун, хомуурунньук альбом буолан тахсыан сөптөөҕүн, сиэн быраатын түбүгүн көрөн, сүрэҕэ үөрбүтүн, дууһата манньыйбытын эттэ, үтүө тылларын анаата.

Улуус дьаһалтатын аатыттан Дьахтар сэбиэтин салайааччыта Варвара Будикина Махтал суругу, оттон Таатта нэһилиэгин сүрүн исписэлииһэ Туйаара Куприянова көрүөхтэн кэрэ үлэлэри айбыт чаҕылхай ыччакка Эҕэрдэ суругу туттардылар. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин үөлээннээҕэ Петр Доргуевы аныгы үйэ тэтимигэр тэҥҥэ хардыылаһан иһэрин, буолаары турар Манчаары оонньууларыгар брендбукка үлэлэһэрин сэгэтэн сэһэргээтэ.

Баһаары кытта охсуһар 32-с нүөмэрдээх этэрээт салайааччытын солбуйааччы, биир дойдулааҕа Иван Рахлеев өрөспүүбүлүкэ баһаарынай чаастара Петр оҥорбут логотибын туһаналларын киэн тутта кэпсээтэ. Тааттатааҕы лицей дириэктэрэ Изабелла Сивцева Петр ойууларыгар тимиргэ туттуллар оһуордары хото уруһуйдуурун чорботто, хаан тамайыыта тахсан, чахчы да, тимир ууһугар чугаһын бэлиэтээтэ.

Худуоһунньук учууталлар «Таатта-Арт» түмсүүлэрин салайааччыта Марианна Степанова айар умсулҕан үөһүгэр сылдьар Петр дьикти кэрэ үлэлэрин худуоһунньук хараҕынан хайҕаата, түмсүүгэ аан маҥнайгынан айар быыстапкатын тэрийбитин үрдүктүк сыаналаата.

Быыстапкалааччы эдьиийдэрэ бырааттара бачча сиэдэрэй үлэлээҕиттэн сөхтүлэр-махтайдылар. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо Петя наар харандааһын, уруһуйдуур альбомун кыбына сылдьарын, уруһуйун кэрэхсии көрөллөрүн эттилэр.


Ити курдук, Петр Сергеевич ойууһут быһыытынан сиппит-хоппут, бэйэтин анал суолун булуммут дьикти кэрэ түһүлгэтин түстээтэ. Хартыыналарын олоҥхо оһуорунан сиэдэрэйдик симэммит багетынан таҥастаан, көрүөхтэн кэрэ үлэлэри бар дьон дьүүлүгэр туруорда.
Таатта Олоҥхо дойдута буоларын туоһулуурдуу, олоҥхо тылынан саҥарар-иҥэрэр, олоҥхо оһуорунан ойуулуур-дьүһүннүүр ыччаттаахпытын тухары дойдубут аата ааттана, суон сураҕа иһиллэ туруоҕа!
Быыстапка кулун тутар 11 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

Тэрээһини сырдатта Наталья Григорьева, Ытык Күөл.

Хаартыскалары социальнай ситимтэн ыллыбыт

Петр Доргуев цифровой худуоһунньуктар «Олонхо-фэнтези» быыстапкаларыгар анаан ойуулаабыт хартыыналарын «Олоҥхо» саайтан туһанныбыт.

Поделитесь этой страницей