Кыралыын-улаханныын олоҥхо долгунугар уйдардыбыт
Сулҕаччылар сандал сааһы, өбүгэ үтүө үгэһинэн, олоҥхо истэн, олоҥхо тула мустан көрүстүбүт. Биллэрин курдук, Амма улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар, бэлэмнэнии чэрчитинэн, олунньу ый 27 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри Олоҥхо тыйаатыра гастроллаата.
Олунньу 29 уонна кулун тутар 1 күннэригэр биһиги нэһилиэкпитигэр бары билэр, сэргиир Олоҥхо тыйаатыра Амма киэн туттар олоҥхоһуттарыттан биирдэстэрэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Екатерина Иванова төрөөбүт-үөскээбит төрүт түөлбэтигэр — Сулҕаччыга — ыалдьыттаатылар. Хаһан да буоларын курдук, күүтүүлээх ыалдьыттарбытын Х. Максимов аатынан Култуура киинин үлэһиттэрэ үөрэ-көтө, олоҥхоҕо кэпсэнэр 9–с хаттыгастаах халлаан айыыһыттарын сахалыы-мандар астарынан айах тутан көрсөн, артыыстары соһуттулар, үөртүлэр. Киэһэтин элбэх киһи мустубут саалатыгар Эмис нэһилиэгин аатырбыт олоҥхоһута Т.В. Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотунан Гаврил Менкяров туруорбут бастакы көрдөөх олоҥхо-испэктээгин астына көрдүбүт.
Онтон кулун тутар 1 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан оҕо аймах толору мустубут саалатыгар Николай Калинович Шамаев-Чопчухаан “Дьорҕостой Бэргэн” олоҥхотунан Гаврил Менкяров туруорбут кукольнай испиктээгин көрдүбүт. Оруолларга Андрей Соловьев, Дмитрий Захаров, Алиса Ларионова, Күннэй Николаева, Петр Иванов, Алена Пинигина оонньоотулар. Оҕолор олох биир тыынынан көрдүлэр: “Наһаа-наһаа үчүгэй, күллүбүт аҕай, ол эрээри сороҕор куттанан да ыллыбыт, олоҥхо диэн астык эбит көрөргө”,– диэн кэпсээн-ипсээн буолан тарҕастылар.
Оттон тыйаатыр кэлэктиибин артыыстара икки күнү супту итии чэй иһэрдэн, толору астаах остуол тардан аһатан, Амма кытылын эмтээх отторун уонна эмтээх тааһын бэлэх ууммут, ыалдьытымсах Сулҕаччы нэһилиэгин олохтоохторугар, нэһилиэк дьаһалтатыгар, бары тэрийбит, тэрийсибит дьоҥҥо итии-истиҥ көрсүһүүлэрин бэлиэтээн, барҕа махтал тылларын эттилэр.
Елена Попова, Амма.