Олоҥхону чинчийэр оҕолор
Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Аммаҕа кулун тутар 21-22 күннэригэр «Ысыах олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» диэн научнай-методическай XIV кэмпириэнсийэ ыытыллар.
Бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтаах 17 оҕо, Амма улууһун Мээндиги, Бөтүҥ, Өнньүөс, Болугур, Эмис, Соморсун, Сулҕаччы, Абаҕа оскуолаларыттан түмүллэн, чинчийэр эспэдииссийэни тэринэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үлэлээтилэр.
-Аммалар “Айыы намыһын ырыаһыттар” диэн бырайыактаахпыт. Ол чэрчитинэн сыл аайы улууспут оһуохайдьыт, олоҥхоһут, тойуксут оҕолорун Дьокуускайга маастар-кылаастарга сырытыннарабыт. Быйыл улууспутугар Олоҥхо сылынан, итиэннэ кэмпириэнсийэ буоларынан, олоҥхону чинчийэргэ холонон эрэр VII-VIII кылаас үөрэнээччилэрин аҕаллыбыт. Эспэдииссийэбитин Бөтүҥ оскуолатын завуһа Мария Денисовна Солдатова салайар. Киниэхэ саха тылын учууталлара Анастасия Николаевна Лазарева уонна мин көмөлөһөбүт, – диэн кэпсээтэ Мээндигиттэн сылдьар Сааскылаана Семеновна Павлова.
Оҕолор бары олоҥхо тиэмэтигэр дакылаат суруйа сылдьаллар эбит. Ол туһунан кэпсээтилэр.
Эрчим Николаев, VIII кылааc (Эмис):
– Биир дойдулаахпыт Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотугар бухатыыр дьиэтин ойуулаабытын Олом Күөлгэ олорон ааспыт Додор кулуба дьиэтин кытта тэҥнээн, майгыннаһар өрүттэрин быһаарбыппыт. Быйыл ол үлэбин кэҥэтээри, бу Национальнай бибилэтиэкэттэн наадыйар кинигэлэрбин булан кэниспиэктээтим. Чинчийэр үлэм салайааччыта – Анетта Николаевна Гаврильева, биһиэхэ саха тылын үөрэтэр.
Яна Егорова, VIII кылаас (Амма-Наахара):
-Оскуолабытыгар Надежда Аркадьевна Григорьева “Аартык” диэн медиа-киини үлэлэтэр. Онно дьарыктанар эдэр кэрэспэдьиэннэр оскуолабыт сонунун, нэһилиэкпит олоҕун сырдатабыт, дьонтон интервью ылан, хаһыаттарга матырыйаал суруйабыт, холобур, “Кэскилгэ”, итиэннэ видеоҕа сюжет устабыт. Ону “Аартык” ютуб ханаалыгар таһаарабыт. Онно “Амма оҕолоро олоҥхолууллар” диэн бырайыактаахпыт. Ол туһунан кэмпириэнсийэҕэ кэпсиэхтээхпит.
Сандал Макаров, VII кылаас (Болугур):
– Болугурдар “Океан” лааҕырга ыытыллыбыт куонкуруска олоҥхо испэктээгинэн кыттан кэллибит. Юрий Борисов “Кэскил Боотурун” оонньоотубут. 20 оҕо буолан. Алтыс уонна сэттис кылаастар. Быраактыкаҕа кэлбит икки устудьуоҥка туруорбута. Сэттистэр уолаттара төрдүөн “Дуолан” ансаамбылга дьарыктанабыт, онон үчүгэйдик ыллыыллар-туойаллар, оттон мин олоҥхоҕо сэһэнньит буолбутум.
Сайаан Павлов, VII кылаас (Мээндиги):
– Валерия Васильевна Тарабукина салайар “Тыл баайа” куруһуокка VII-IX кылаастар сылдьабыт. Быйыл Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр “тыл баайдара” уонча буолан баһылыкпыт Илья Владимирович Семенов суруйбут “Харама Боотур уонна Амма Куо” диэн олоҥхотун куолаан толорбуппут. Аммалар түөрт биллэр олоҥхоһуппут – Чээбий, Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап уонна Екатерина Иванова – тустарынан сэһэргиир халандаары оҥоро сылдьабыт. Бу эспэдииссэйэҕэ кэлсэн, матырыйаал хомуйдубут.
Айсена Борисова, Нария Иванова, Сайнаара Яковлева, VII кылаас үөрэнээччилэрэ (Бөтүҥ):
-Биһиги үһүөн иккис кылаастан ыла оҕо көрдөрүүлээх “Оллоон” фольклорнай бөлөҕөр сылдьабыт. Бу бөлөҕү төрүттээбит Анисия Даниловна Софронова кэриэһигэр олунньу 15 күнүгэр “Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!” диэн күөн күрэс ыытыллыбыта. Онно бөлөҕүнэн “Тойон Дьаҕарыманы” толорон, “оллооннор” оҕолорго Гран-при буолбуппут. Салайааччыбыт – София Олеговна Иванова. Кини биһигини тохсунньуга Москубаҕа “Ороһуоспатааҕы сулус” бэстибээлгэ илдьэ бара сылдьыбыта. Артемьева Арина, Иванова Айылаана, Степанова Лена, Обутова Нарыйаана, Яковлева Сайнаара, Назарова Настя, Борисова Айсена, Борисова Нарияна буолан кыттан, I истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүппүт.
Нэһилиэкпитигэр Юрий Борисов “Кэскил Боотурун” куукуланан көрдөрбүппүт. Ол туһунан Сайнаара кэмпириэнсийэҕэ кэпсиэхтээх. Айсена олоҥхоҕо уот бэлиэлэрин этнографическай ырытыытын оҥоруохтаах. Салайааччыта – история учуутала, олоҥхону толорооччу Егор Трофимович Никифоров.
Дьэ, ити курдук олоҥхоҕо сыһыаннаах, чинчийэргэ баҕалаах оҕолор эспэдииссэйэҕэ талыллан кэлбиттэр эбит. Кинилэри Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ Ольга Бандерова экскурсиялатта, хайдах үлэлиирбитин билиһиннэрдэ уонна бу өҥөлөрүнэн туһаналларын туһугар ааҕааччы билиэттэрин туттарда. Ол бэриллибит нүөмэринэн https://new.nlrs.ru/ сайтка хайдах киирэргэ, “Илим” сирдьит көмөтүнэн наадыйар докумуоннарын көрдүүргэ үөрэттэ. Оттон “Олоҥхо” портал туһунан Анисия Иевлева сырдатта, тутулун билиһиннэрдэ, оҕолордуун кэпсэттэ.
Саҥа ааҕааччыларбыт аны мантан антах Национальнай бибилэтиэкэ оҥорор өҥөлөрүн үөрэхтэригэр, чинчийиилэригэр туһаныахтара диэн эрэнэбит.