Олоҥхо кэмпириэнсийэтэ элбэх учуонайы, тыл үөрэхтээҕин түмтэ
Амма улууһугар икки күннээх «Олоҥхо ыһыаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-методическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии биир сүрүн тэрээһинин панельнай мунньаҕар кыттааччылар норуот тылынан уус-уран айымньытын тылы-өһүн, суолтататын, сайдыытын эрэ буолбакка, бэл диэтэр, физикаҕа, экэниэмикэҕэ сыһыанын ырыттылар.
-Мин бу сыллар тухары элбэх кэмпириэнсийэлэргэ, научнай-чинчийэр ааҕыыларга кыттан, дьүүллүр сүбэҕэ даҕаны үлэлээн кэллэҕим. Онно улуус-улуус ыытар тэрээһиннэрэ бэйэлэрин историяларыгар, сайдыытын хайысхаларыгар, олохторун укулаатыгар ханыылыы уратылардаах буолалларын бэлиэтии көрөбүн. Чуолаан бүгүҥҥү Амма тэрээһинин ылан көрөр буоллахха, олус элбэх учуонайдар, дуоктардар, наука хандьыдааттара кыттыыны ыллылар. Бэлиэтии көрбүтүм баар, физиктэр наһаа элбэхтэр — учуонайдар, учууталлар. Аны туран, бөлүһүөктэр үгүстэр. Бэйэлэрин көрүүлэрин эттилэр-тыыннылар. Онон олоҥхо саха норуотун философията буоларын өссө төгүл көрөн, истэн итэҕэйдибит. Наһаа интэриэһинэй, киһини толкуйдатар кэпсэтиилэр таҕыстылар,- диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина сыана быста.
18 улуус бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах улахан мунньах «Олоҥхо — саха омугун философията», «Олоҥхо икки Уон сыла Саха сирин сайдыытыгар кылаата» уонна «Олоҥхо ыһыаҕа креативнай экономика сайдыытыгар» диэн үс боппуруоһу көрдө.
Мунньах үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов, улуус баһылыга Степан Кузьмин, улуус култуураҕа управлениетын салайааччы Иван Иванов кыттааччылары уруйдуу көрүстүлэр.
Олоҥхону чинчийэр, тарҕатар мунньахха ХИФУ тыл билимин салаатын суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ, СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, тыл билимин кандидата Олег Сидоров, СӨ «Олоҥхо тыйаатыра» автономнай тэрилтэ Олоҥхо киинин салайааччыта, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, тыл билимин кандидата Агафья Захарова, ХИФУ математикаҕа научнай чинчийэр институтун сүрүн специалиһа, физика уонна математическай наука доктора Ньургун Лазарев, ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ, профессор, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, философия билимин доктора Андрей Саввинов, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийэр уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар пробемаларын үөрэтэр институт сүрүн научнай үлэһитэ, СӨ наукаҕа уонна техникаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, историческай наука доктора Розалия Бравина, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо общественнай ассоциациятын президенэ Февронья Шишигина, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы судаарыстыбаннай интитутун профессора. циркумполярнай цивилизация билим чинчийэр киинин салайааччыта, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, социологическай наука доктора Ульяна Винокурова, А.А.Черемных аатынан Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, искусствоведение кандидата Виктория Григорьева, ХИФУ Олоҥхо билим – чинчийэр институтун лингвофольклористикаҕа салаатын салайааччыта, тыл билимин кандидата Юрий Борисов, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, искусство билимин кандидата Нюргуяна Илларионова, Саха Сиринээҕи култуура уонна искусство колледжын дириэктэрэ, педагогика билимин кандидата, СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын норуот депутата Захар Никитин, АГИКИ профессора, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ Зинаида Иванова-Унарова, ХИФУ омук дойдуларын уонна регионнар филологияларын инстутун дириэктэрэ, педагогика билимин кандидата Владлен Кугунуров, СӨ норуотун маастара, СӨ «Тимир Уустара» общественнай тэрилтэ толорооччу дириэктэрэ Александр Терентьев, Ханкук омук тылын университетын уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора Ким Бонгчуль, ХИФУ уонна Ханкук омук тылын университетын профессора Канг Дуксу курдук ааттаах-суоллаах модератордар, спикердэр кытыннылар. Онон оллоонноон олорон сэргэх сэһэргэһии, киэҥ анаарыылаах кэпсэтии таҕыста.
«Панельнай мунньахха этиллибит этиилэр, кэпсэтиилэр үйэтитиллэннэр, кэнэҕэһин хомуурунньук буолан тахсара буоллар», — диэн Олег Гаврильевич Сидоров баҕа санаатын эттэ.
Олоҥхо ыһыахтара улуустарын көһө сылдьар буолбуттара улахан толкуйтан тахсыбыт. Ыһыах ыытыллар улууһа 4-5 сыл инниттэн бэлэмнэнэн, суол-иис, сибээс, уот оҥоһуутуттан, социальнай эбийиэктэри тупсарыыттан саҕалаан, хас биирдии ыал хамнастанарыгар тиийэ үлэ барар. Уонна оҕону, ыччаты иитиигэ, дьон өйүн-санаатын түмүүгэ, улуус түмсүүтүгэр улахан суолталаах. Улуус төһө ис кыахтааҕа, сайдар кыахтааҕа, дьонун түмэр кыахтааҕа барыта көстөр.
«Амма олоҕо» хаһыат.