Олоҥхолоох айаммыт Илимнииргэ тиэртэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхолоох айаммыт Илимнииргэ тиэртэ

Олоҥхолоох айаммыт Илимнииргэ тиэртэ

“Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан” бырайыагынан Илиминиир нэһилиэгэр сырыттыбыт.

Сунтаардааҕы С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ Мария Афанасьевна Тараярова, Туяра Аркадьевна Алексеева  Илимниир ситэтэ суох орто оскуолатыгар “Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан” бырайыагынан үөрэнээччилэри кытта  көрсүһүү  тэрийдилэр.

  Көрсүһүүгэ 36 оҕо сырытта. Манна олоҥхо, оһуокай, тойук  туһунан өйдөбүллэринэн киирии тыллаах  олоҥхо истиитэ буолла. 

Девид Васильев Сунтаардааҕы 3-с №дээх орто оскуола үөрэнээччитэ П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан толоруутун оҕолор олус сэргээн  иһиттилэр, оһуокайдаан тэйдилэр. 

“Мин нэһилиэгим олоҥхоһута” (тойуксута, оһуокайдьыта) диэн үйэтитиигэ матырыйаал хомуйан  үлэлээри хааллылар.

Илимниир оскуолата  төрүт култууратын сайыннарыыга  утумнаахтык үлэлииргэ турунан сылдьаллар.  Учууталларыгар Анна Егоровнаҕа, Татьяна Илиничнаҕа  улахан махталбытын тиэрдэбит.

Суруйда Мария Тараярова, Сунтаар

Поделитесь этой страницей