Олоҥхоһуттар түһүлгэлэрэ түстэниэ
Олоҥхону үгэс быһыытынан биирдиилээн уонна куолаан толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи IX аһаҕас бэстибээл кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай
киинигэр ыытыллар.
Тэрийээччилэр:
- Дьокуускай к. “Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ” МБТ;
- Дьокуускай куораттааҕы «Арчы Дьиэтэ» култуура духуобунай киинэ.
Тэрээһини өйөөччүлэр: - “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ;
- Научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинэ;
- СӨ «Олоҥхо» тыйаатыра
Бэстибээл сыала-соруга:
Саха норуотун духуобунай баайа – олоҥхо — толоруллуутун үйэтитии,
киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, тарҕатыы;
Саха духуобунай баайа олоҥхо үгэс буолбут ньыматынан толорууну
ситиһии;
Олоҥхону биирдиилээн уонна куолаан толоруу ньыматын баһылааһын,
таһымнарын үрдэтии;
Олоҥхоһуттар түһүлгэлэрин видеоҕа устуу, сурукка тиһэн үйэтитии;
Олоҥхону айар талааннаахтары өйөөһүн.
Күрэс ирдэбиллэрэ: - Улахан дьоҥҥо аналлаах “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” бэстибээлгэ
биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорооччулар кытталлар. - Сайаапкалары уонна төлөбүрдэри эрдэттэн биирдиилээн
толорооччулар: 89627379618 (Петр Петрович), бөлөхтөр 89290529987
(Сандал Иванович ) ватсап нүөмэрдэргэ.
Күрэскэ кыттыыга киирии: - Биирдиилээн толорууга 500 солк., бөлөххө биирдии кыттааччыттан
200 солк. усунуос ирдэнэр. - Күрэскэ кыттыы төлөбүрүн кулун тутар 27 күнүгэр диэри ыытаргыт
булгуччулаах. Сайаапкаҕа кыттааччы (бөлөх) аата-суола, сааһа,
хантан сылдьара, толоруллар олоҥхо аата, ааптара, салайааччытын
аата, төлөпүөнүн нүөмэрэ ыйыллар.
Олоҥхону толоруу бириэмэтэ 30 мүн. уһаабат. Дьүүллүүр сүбэ
быһаарыыта бүтэһиктээх.
Кыттааччыттан паспорт куопуйата ирдэнэр.
Сыаналааһын сүрүн ирдэбиллэрэ:
Олоҥхону толорууга үгэс буолбут ньыманы тутуһуу;
Түөлбэ олоҥхотун уратытын толоруу;
Олоҥхону толорооччу тылын-өһүн баайа, тэтимэ, олоҥхо тутулун,
оҥкулун тутуута;
Олоҥхо ырыатын — тойугун арааһын толоруу, куолаһын кэрэтэ;
Олоҥхо ис хоһоонун дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, истээччи болҕомтотун
тардыы.
Түмүгү таһаарыы: - Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук
туттарыллар. Кыайыылаахтарга биир Кылаан бириис, I, II, III Үрдэллэр
олохтоноллор (биирдиилээн, бөлөҕүнэн толорууга тус-туспа) , анал ааттар
иҥэриллэллэр, сэмэй бириистэринэн наҕараадаланыахтара. - Кыайыылаахтар Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар уонна Туймаада ыһыаҕар
ыҥырыллаллар.
Бэстибээл тосхоло:
10.00 ч. – Бэлиэтэнии.
10.30 ч. – Бэстибээл үөрүүлээх арыллыыта, алгыс сиэрэ-туома.
11.00 ч. – Олоҥхону чинчийээччи, Олоҥхо киинин салайааччыта, филология
билимин хандьыдаата Агафия Еремеевна Захарованы эҕэрдэлээһин;
- Олоҥхоһут, тойуксут, норуот ырыаһыта, СӨ үтүөлээх артыыһа,
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, 2020c. Үөһээ Дьааҥы улууһугар ыытыллыбыт
«Олоҥхо ыһыаҕа” Кылаан Чыпчаал хаһаайынын В.Г. Исаковы 75-с сааһынан
үбүлүөйүн чиэстээһин.
11.15 ч. – Олоҥхону биирдиилээн уонна куолаан толорууну истии.
13.00-13.30 – Эбиэт.
13.30 — Олоҥхо күрэһин салгыы истии
– Бэстибээл сабыллыыта, наҕараадалааһын.
Киирбит видео-матырыйааллар СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр уонна Арчы дьиэтин пуондаларыгар хаалаллар.
Поделитесь этой страницей