Эр дьон толорооччу элбиирэ буоллар…
“Урут наар тура-тура, бары “Дьулуруйар Ньургун Боотуртан” быһа тардан ааҕар эбит буоллахтарына, кэлиҥҥи кэмҥэ репертуардара кэҥээн иһэрэ хайҕаллаах. Ити сылын аайы олоҥхо кинигэлэрин бэчээттэтэн таһаартарарбыт үтүө түмүгэ: үйэтитии үлэтин көдьүүһэ көһүннэ”, — диэн этилиннэ кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай киинигэр ыытыллыбыт “Уруйдан, улуу олоҥхобут” күрэс-бэстибээлгэ.
Чахчыта да, быйыл түөлбэ олоҥхотун толоруу элбээбит. Ол эрээри дьүүллүүр сүбэ кыттааччы эр дьон аҕыйаҕын бэлиэтээтэ. “Уол аймаҕы тардыахха наада. Атын омуктарга эпоһы толорууга дьахталлары букатын чугаһаппаттар ээ. Биһиэхэ бухатыыр оруолун кытта дьахтар толорор буолла”, — диэн оруннаахтык эттэ бэрэпиэссэр Василий Илларионов. Кини олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу холобурдарын билиһиннэрэр анал мобильнай сыһыарыы баар буолбутун кэпсээтэ. Ону бу сигэнэн киирэн, төлөпүөҥҥүтүгэр туруоран, туһаныаххытын сөп : https://play.google.com/store/apps/details?id=com.alaas.olonkhosamples
-Мин ким хайдах кыттыбытын барытын сурунан иһэбин. Бэлиэтээһиннэрим маҥнайгы күрэхтэртэн саҕалаан бааллар. Быйылгыга этиэм этэ, ырыаны-тойугу наһаа биир күдьүс тэҥ тэтимнээхтик толороҕут диэн. Куолаһы оонньотуҥ. Олоҥхо 60 бырыһыана – ырыа-тойук, 40%-на – сэһэн-кэпсээн. Эһиэнэ Айыы Умсуургут барыгыт киэнэ олох марш курдук. Дьиҥэр, налыччы ылланыахтаах. Биитэр абааһыларгытын ылан көрүөххэ. Кинилэр да киэнэ сыыйа “дьалкыйан” барыахтаах.
Бу күрэх ыытыллыбыта ыраатта. Онон эр киһи персонаһын эр киһи толороро уолдьаста. Эһиил, холобура, Айыы бухатыырын дьахтар толордоҕуна, тута баал көҕүрэтиэхпит. Уонна ким тугу саҥарарын-туойарын үллэстии тэҥ кээмэйдээх буолара ордук. Толоруу пропорциятын этэбин. Сорохторго сүрүн дьоруой 1-2 этиилээх, ол оннугар абааһылара күннүүллэр.
Аны туран, дьоһуннук туттан олоруҥ. Үксүгүт бүк түһэн олорор. Онно туох тойуга тахсыай? Бу чааһыгар дьохсоҕоттору холобур оҥостуҥ. Салайааччылара Афанасий Попов бэйэтэ вокалист буолан, дьонун тыын ылалларын истэ-көрө олорор. Көнөтүк туттан олорон туойар буоланнар, дорҕоонноро киэҥ, чуолкай, эҥээркэй.
Бу этиилэрбин Олоҥхо ыһыаҕар диэри учуоттуургут буоллар, — диэн ытык киһибит, култуура эйгэтин тыыннаах номоҕо Надежда Толбонова итэҕэһи-быһаҕаһы көннөрөргө туһаайда.
Оттон Артем Тарабукин бөлөҕүнэн толоруу диэн ансаамбыл буоларын санатта. “Бэйэ икки ардыгар хардарыта сибээс баар буолуохтаах. Тылбын эрэ умнубатах киһи диэн, олох атыны саныы олороргут биллэр. Дьиҥэр, бэйэ-бэйэҕитин истиһэ, сэҥээрэ олоруохтаах этигит”, — диэтэ.
Биллэн турар, сылтан сыл ахсын таһым үрдүү турар, ол сиэринэн ирдэбил да кытаатар. Онон ити этиилэр, нууччалыы эттэххэ, конструктивнай кириитикэ быһыытынан ылыныллан, кэлэр күрэхтэһиигэ өссө сайдан-тупсан иһиэхтэрэ.
Оттон уопсай саба быраҕан көрдөххө, бары да бэртээхэйдик кытыннылар. Ол эрээри уопуттаах дьүүллүүр сүбэ, күнү быһа болҕойон истэн, бастыҥнары бу курдук быһаарда:
Бөлөҕүнэн кыттыгас толорууга :
I үрдэл – «Дьолуо» бөлөх (Таатта, сал. Л.К. Цой. Бирииһэ – 20 тыһ. солк. сэртипикээт);
II үрдэл – «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» (Таатта, сал. А.Н. Попов);
III үрдэл – «Утум» (Сунтаар, сал. М . А. Тараярова).
Быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар Амма улууһун Сатаҕайыттан Орловтар дьиэ кэргэн куолаан толорууга холонон көрбүттэрэ хайҕаллаах. Кинилэргэ «Олоҥхоһут дьиэ кэргэн» диэн анал аат иҥэрилиннэ.
Биирдиилээн толорууга:
I үрдэл – Кириллина Анна (Амма);
II үрдэл – Цыпандина Вера (Нам);
II үрдэл – Эконова Наталия (Сунтаар);
III үрдэл – Харлампьева Каролина (Бүлүү);
III үрдэл – Спиридонов Гаврил (Мэҥэ Хаҥалас);
III үрдэл – Толстоухов Петр (Чурапчы).
“Кылаан Чыпчаал” үрдүк ааты Чурапчы Мырылатыттан Христофоров Анатолий Николаевич ылла уонна Олоҥхо ассоциацията туруорбут 40 тыһыынча суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна.
Анал ааттар:
“Олоҥхону бэйэ айыыта” – Макарова Изабелла;
“Дьүрүскэн куолас” – Яковлева Александра (Сунтаар);
“Көрөөччү биһирэбилэ” – Романова Александра (Дьокуускай);
“Саҥа аат” – Софронеева Анастасия (Хатас).
“Түөлбэ олоҥхотун толорооччу” – Степанова Аксинья (Мэҥэ Хаҥалас);
“Бастыҥ уһуйааччы” – Алексеева Дария (Горнай);
“Эдэр толорооччу” – Шестаков Альберт (Таатта);
“Ытык олоҥхоһут” – Попов Афанасий (Таатта);
“Түөлбэ олоҥхотун толорооччу” – Кладкин Сергей (Таатта);
“Уран тыллаах толорооччу” –Цой Людмила (Таатта);
“Олоҥхо ырыатын бастыҥ толорооччу” – Егорова Мария ( Таатта);
“Эдэр толорооччулар” – “Ай-тыл” бөлөх (Нам);
“Ыллам ырыалаах толорооччу” – Соколова Валентина (Дьокуускай);
“Кэрэхсэтэр толорооччу” – Борисова Вера (Амма);
“Олоҥхону бастыҥ айыы” – Дьячковскай Николай (Чурапчы). Бирииһэ – 10 тыһ. солк. сэртипикээт.
Олоҥхоһут Ноорой сиэнэ Аксинья Степанова эһэтин “Алаатыыр Ала Туйгунун” толорон, биирдиилээн толорууга 25 кыттааччыттан “Түөлбэ олоҥхотун толорооччу” ааты ылла. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин иһинэн “Айыллыы” фольклорнай ансаамбылы салайар. Бу күрэххэ «айыллыылар» Ноорой “Күн Эрэли” олоҥхотунан «сүрэхтэннилэр».
“Бастыҥ уһуйааччы” ааты ылбыт Дария Егоровна Алексеева 17 сыл Бүлүү Тааһаҕарыгар үлэлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр Стас Иванов курдук “Дархан этээччини”, “Олоҥхо-баттл” кыайыылааҕын иитэн таһаарбыт. Онтон дойдутугар Горнай Бэрдьигэстээҕэр көһөн кэлэн, “Алгыс” фольклорнай түмсүүнү тэрийэн, уонча сыл үлэлэтэн кэллэ.
-Наһаа үчүгэй дьүөгэлиилэргэ таба тайанаммын, түөлбэ олоҥхоһуттарбыт Сэмэн Алексеев-Уустарабыс уонна Николай Тарасов олоҥхолорун толоробут. Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ миигин Ил Дархан стипендиятыгар түһэрэн, махталым бэлиэтигэр баҕабынан куруһуок ыытабын. Ону сэргэ оскуолаҕа оҕолорго оһуокайы үөрэтэргэ аҕыйах чаастаахпын, — диир үтүөлээх этээччи, бастыҥ уһуйааччы Дария Алексеева.
Сунтаардааҕы Норуот айымньытын дьиэтигэр фольклор исписэлииһинэн үлэлиир Александра Яковлева, оҕо эрдэҕиттэн Никандр Тимофеев курдук улахан уһуйааччыларга дьарыктаммыт буолан, 2014 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕар ыччакка “Кылаан чыпчаал” буолары ситиспит. Бу күрэххэ биирдиилээн толорууга «Дьүрүскэн куолас“ аакка тигистэ, итиэннэ “Утум” бөлөҕүн кытта үһүс миэстэни ыллылар (салайааччы — Мария Афанасьевна Тараярова).
Биһирэммиттэр сайын Олоҥхо ыһыаҕар кыттарга ыҥырыы туттулар. Бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа ох курдук оҥостон, күүскэ бэлэмнэнэн, ситиһиилээхтик кыттар соруктаах тарҕастылар.