Аммаҕа олоҥхолооһун үгэһэ уонна суолтата
Хайа да улууска Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы туһааннаах улуус олоҕор-дьаһаҕар, култууратыгар, эпическэй нэһилиэстибэтин – олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын, кинилэр үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин — сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ улахан тирэх буолар.
Уус Алдантан саҕаланан
Олоҥхо ыһыахтарын чэрчитинэн улуустар бэйэлэрин түөлбэлэрин олоҥхолорун уонна олоҥхоһуттарын үйэтитиигэ араас өрүттээх үлэни көхтөөхтүк ыыталлара биһигини үөрдэр. Маҥнайгы ыһыахтарга маннык улуустар олоҥхоҕо аналлаах кинигэлэри таһаарыы соччо ыытыллыбатахтара диэххэ сөп. Онтон 2009 с. Уус Алдаҥҥа Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата Александр Жирков тэрийбит маҥнайгы сэминээригэр (кэлин «кэмпириэнсийэ» диэн буолбута) Олоҥхо ыһыаҕын регламена чопчуламмыта.
Сэминээр матырыйаалларынан «Олоҥхо ыһыаҕын сиэрэ-туома» диэн хомуруунньугу оҥорон таһаарбыппыт. Дьэ, бу кэмтэн ыла улуустарга олорон ааспыт олоҥхоһуттар албан ааттарын дорҕоонноохтук ааттыыр буолбуппут.
Уус Алдаҥҥа култуура үтүөлээх үлэһитэ Мария Сивцева улуус нэһилиэктэринэн баай матырыйаалы хомуйбута биэс кинигэҕэ түмүллэн тахсыбыттара, поэт Сергей Васильев-Борогонскай аатынан түмэлгэ улуус олоҥхоһуттарын галереята арыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ хайыһарга чөмпүйүөнэ Семен Черноградскай биир дойдулааҕа Дмитрий Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун толорбутун Америкаттан кэлэ сылдьар бэрэпиэссэр Робин Харрис видеоҕа устан, үөрэнэр бособуойа быһыытынан тарҕатта.
Горнайдар улуустарын олоҥхоһуттарыттан суруллубут олоҥхолору барытын түмэн, 2010 с. «Олоҥхо ытык эйгэтэ» диэн кинигэни таһаарбыттара. Мэҥэ хаҥаластар улуустарын ыһыаҕар олоҥхоҕо аналлаах 23 кинигэни таһааран тураллар. Өлүөхүмэлэр айанньыт олоҥхоһуттар тохтоон ааспыттарын, ол түмүгэр олоҥхолооһун ураты эйгэтэ баар буола сылдьыбытын туһунан кинигэни 2020 с. таһаарбыттара. Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Дьааҥы, Чурапчы уонна Нам улуустара түөлбэлэригэр төрөөн-үөскээн ааспыт олоҥхоһуттар антологияларын таһаарбыттара. Олоҥхо институтун фольклористара олохтоох кыраайы үөрэтээччилэри кытары бииргэ үлэлээбиттэрэ ити курдук үтүө түмүктэрдээх буолбута.
Онон Олоҥхо ыһыахтара буолан ааспыт улуустарыгар олоҥхолооһун үгэстэрин үйэтитии, сөргүтүү үлэлэрэ ыытыллыбыттара уонна билигин да бу хайысханан үлэ бара турар.
118 сыл анараа өттүттэн
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһугар ыһылларынан, бу улууска туох үлэ барбытын уонна кэлэр өттүгэр барыахтааҕын анааран көрөр тоҕоостоох.
Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар 118 сыл аннараа өттүгэр бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыттар. Амматтан төрүттээх-уустаах, төһө да омугунан тоҥ нуучча буоллар, саха эйгэтигэр төрөөбүт-үөскээбит киһи, бэйэтин кэмигэр биллэр-көстөр этнограф уонна фольклорист Виктор Николаевич Васильев (1877-1931) 1906 сыллаахха Арассыыйа Наукаларын Академиятын Антропология уонна этнография мусуойун командировкатынан дойдутугар кэлэ сылдьан, оччотооҕу Боотуруускай улуус (Амма улууһа 1912 с. тэриллибитэ) олоҥхоһуттара Иннокентий Тимофеев Теплоухов, Тимофей Захаров- Чээбий, Михаил Новиков-Мэлэх Мэхээлэ, Филипп Егоров балачча бөдөҥ олоҥхолорун суруйан ылан, Эдуард Пекарскайга бэчээттэтэригэр тиксэрбитэ.
Кини Чурапчы олоҥхоһута Иннокентий Тимофеев-Теплоухов «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун өссө өрөбөлүүссүйэ иннигэр бэчээккэ бэлэмнээбитэ олох уларыйыыта, кырастааныскай сэрии дьалхаана мэһэйдээн, бэчээттэммэккэ хаалбыта. Букатын кэлин саха фольклористикатын аҕата Николай Емельянов үөрэнээччилэрин кытары 1994 с. Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун Э.К.Пекарскай «Образцы народной литературы якутов» сиэрийэтин салгыытын курдук былааннаан таһаарбыта.
Онон аммалар олоҥхолорун аан бастаан үйэтиппит, сурукка тиспит фольклорист, этнограф Виктор Васильев албан аатыгар хоолдьуктаах бэйэбит сүгүрүйэбит. Кини баар буолан, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии оччоттон саҕаламмыт диэн санааҕа кэлэбит.
Чээбий оскуолата
Амма аатырбыт олоҥхоһута Чээбий талба талаанынан, уустаан-ураннаан, хомоҕойдук этэринэн сөхтөрөрө. Ол да иһин Былатыан Ойуунускай «Эмис Түмэппийин курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» диэбитэ кини толорор майгытын бэргэнник арыйан көрдөрөр.
Норуот суруйааччыта Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап биир дойдулааҕын, олоҥхолуур идэҕэ уһуйбут учууталын Эмис Түмэппийин туһунан суруйбута кинини олоҥхоһут быһыытынан үрдэтэр. Чээбий төрөөбүтэ 150 сылыгар «Ала Булкун» олоҥхону икки тылынан, киирии ыстатыйалаан, быһаарыылардаан таһаарбыппыт. Ону таһынан, суруналыыс Прокопий Караканов «Аммабын Чээбийдии туойдахпына», кыраайы үөрэтээччи Екатерина Уварова «Улуу олоҥхоһут Чээбий» диэн ахтыы кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Анкеталартан да, ахтыылартан да көрдөххө, Чээбийтэн олоҥхолуур идэҕэ уһуйуллубуттар Аммаҕа эрэ буолбакка, ыаллыы улуустарга элбэх этилэр. Холобур, Николай Абрамов-Кынат, Иннокентий Бурнашев-Тоҥ Суорун, Евдокия Иванова, Устин Нохсоороп уо.д.а. Чээбийи умсугуйан истибиттэрин, олоҥхолуурга уһуйуллубуттарын анкеталарыгар бэлиэтээбиттэр, ахтыылар да бааллар. Дьэ, ол иһин мин Аммаҕа Чээбий оскуолата баар этэ диибин.
Устин Нохсоороп оруола
Күннүк Уурастыырап ахтарынан, кини Устин Нохсоороптуун бииргэ үөрэнэ сылдьан, Чээбий олоҥхолуурун умсугуйа истибиттэр, «Сылгы уола Дыырай» олоҥхотун кэрэхсээбиттэр. Биһиэхэ биллэринэн, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Устин Нохсоороп бу олоҥхону Былатыан Ойуунускай тус сүбэтинэн сурукка-бичиккэ тиспитэ. Ону Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Светлана Мухоплева бэчээккэ бэлэмнээбитэ 2008 с. «Саха боотурдара» сиэрийэ алтыс туомугар тахсыбыта.
Устин Нохсоороп олоҥхоһут быһыытынан кимтэн уһуйуллубутун, ханнык олоҥхолордооҕун табылыыссаларынан доҕуһуоллаан көрдөрөн турар. Кини кыыһа Люция Нохсооробо уонна сиэн балта бэрэпиэссэр Мария Прокопьева 1997 сыллаахха Устин Нохсоороп олорон ааспыт олоҕун, кини эйгэтин туһунан кинигэлэри бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара.
Устин Нохсоороп норуот музыкальнай култуурата сайдыытыгар, олоҥхо опера быһыытынан сайдыытыгар ураты оруоллаах. Бу өттүнэн кини талба талаанын сырдатыыга искусствоведение кандидата Виктория Григорьева таһаарыылаахтык үлэлиир. Кини Устин Гаврильевиһынан сирэйдээн, саха олоҥхоһуттарын ыллыыр-туойар ускуустубаларын, маастарыстыбаларын сиһилии үөрэтэр. Устин Нохсоороп олоҥхоһут быһыытынан олоҥхо ырыатын-тойугун, матыыптарын толоруутунан киэҥник биллэр. Этномузыковед Эдуард Алексеев бэлиэтээбитин курдук, кини толоруутун уонна истиилин билиҥҥи олоҥхоһуттар үгүстэрэ сүһэн ылан толорор буоллулар. Ол — Амма олоҥхоһуттарын үгэстэрэ Саха Сиригэр ордук киэҥник тарҕаммытын кэрэһилиир.
Олоҥхону үйэтитиигэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии иннигэр тэриллэн ыытыллыбыт, олоҥхону сурукка-бичиккэ түһэриигэ куонкурус биллэриллибитэ улахан оруолу ылбыта. Саха АССР Бырабыыталыстыбатыгар анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ. Тыл уонна култуура института оройуоннарга үөрэхтээх, сахалыы тылы-өһү үчүгэйдик билэр, төрүт үгэстэргэ сыһыаннаах дьонтон сүүмэрдээн, штаты таһынан кэрэспэдьиэн быһыытынан кэпсэтэн, олоҥхону сурукка-бичиккэ түһэриигэ үлэлэппитэ. Ол түмүгэр, баара-суоҕа аҕыйах сыл иһигэр 126 толору олоҥхо сурукка тиһиллэн, институт архыыбыгар туттарыллыбыта.
Аммалар бу хамсааһынтан туора турбатахтара, бэйэлэрин түөлбэлэрин олоҥхоһуттарын айар үлэлэрин үйэтиппиттэрэ. Ол курдук, Соморсун олоҥхоһута Иван Саввич Скрыбыкин «Кыыс Туйгун» диэн олоҥхотун 1940 сыллаахха Семенов, «Тойон Ньургун» олоҥхотун 1941 сыллаахха Е.И. Говоров суруйбуттар. Эмиэ ити нэһилиэк олоҥхоһута Николай Саввич Скрыбыкин «Эр Соҕотох» диэн олоҥхотун 1940 сыллаахха С.П. Федоров суруйбут. Бу барыта 616 илиистээх балачча улахан олоҥхо эбит. Соловьев Егор Иннокентьевич «Аҕыс айыы аймаҕа Харылы сүүрүк» диэн, 156 илиистээх тэттик олоҥхотун И.Е. Говоров сурукка киллэрбит.
Амма-Наахара оскуолатын үлэһиттэрэ эдэр учуутал Лаврентий Лаврентьевич Александров көҕүлээһининэн, 1940 сыллаахха Амма-Наахара нэһилиэгин олоҥхоһута Василий Прокопьевич Филиппов-Амыырыскай «Баһымньылаан бухатыыр» диэн балачча улахан олоҥхотун суруйан архыыпка туттарбыттар. Бу Амыырыскайтан икки сыл устата дьаныһан туран, «Үөмэстэй Бэргэн» диэн олоҥхону суруйбут Василий Васильевич Ефремов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр бэбиэскэ тутан барбыта уонна сураҕа суох сүппүтун туһунан биллэриитэ кэлбитэ, олоҥхону сурукка тиһэн хаалларбыта кини сырдык аатын үйэтиппитэ.
Амма олоҥхотун сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитиигэ биллиилээх норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Екатерина Егоровна Иванова (1891-1964) фольклористары кытары айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини тылыттан фольклорист Алексей Алексеевич Дэхсилээхэп-Семенов «Аландаайы-Куландаайы бухатыыр» диэн олоҥхону 1940 сыллаахха суруйбут.
Эмиэ кини Николай Саввич Скрыбыкин «Кыыс Туйгун» диэн олоҥхотун суруйбута буолуо диэн таайабыт. Рукописка суруйбут киһи аата «Семенов» диэн эрэ суруллубут. Оттон Алексей Алексеевич Дэхсилээхэп дьиҥнээх араспаанньата Семенов диэн этэ уонна сорох докумуоннарга Семенов диэн сурунар эбит. Норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Петр Никифорович Попов эмиэ ити сыл «Молуо Даадар» диэн олоҥхону суруйан ылбыт. Ол эрээри, олоҥхо ис хоһоонуттан көрдөххө, «Аландаайы-Куландаайы» салгыытын курдук буолуон сөп курдук.
Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн
Олоҥхолору сурукка-бичиккэ тиһии үлэтигэр сөп түбэһиннэрэн, эмиэ сэрии иннинээҕи сылларга Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн, олоҥхо түмүллүбүт тиэкиһин оҥорор тускуллаах бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа тэриллэн үлэлии сылдьыбыта.
Ол кэнниттэн күттүөннээх үлэ ыытыллыбатах. Бэл, Георгий Устинович Эргис уонна Иннокентий Васильевич Пухов тус бэйэлэринэн кыттыбыт фольклорнай эспэдииссийэлэрин кыттыылаахтара биир да толору олоҥхону суруйбатахтар, быстах олоҥхоттон быһа тардыылары уонна сюжеттары ТЛНЧИ үлэһиттэрэ Анастасия Лаврентьевна Новгородова уонна Валентина Дмитриевна Кривошапкина суруйбуттар. Музыкавед Эдуард Ефремович Алексеев Алексей Григорьевич Агапов «Алтан Сабарай» олоҥхотун магнитофоҥҥа устубута кини сайтыгар баарын кытта билсиэххэ сөп.
Ити курдук, Амма олоҥхотун сурукка-бичиккэ түһэриигэ ааспыт үйэ 40-с сылларыгар эрэ туруулаһан дьарыктаммыттар. Ордук олоҥхолору сурукка-бичиккэ түһэриигэ балачча таһаарыылаахтык үлэлээбиттэр, олортон бэрт дуона суоҕа бэчээттэммит.
Кэлиҥҥи сылларга
Амма патриота Сардаана Павловна Онуфриева-Амгинская дойдутун олоҥхотун үйэтитиигэ элбэҕи үлэлээбитин билинэр сиэрдээх. Кини салалтатынан, «Амма олоҥхото уонна олоҥхоһуттара» диэн кинигэ бэчээккэ бэлэмнэнэн, 2008 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар күн сирин көрбүтэ.
Сардаана Амгинская чулуу олоҥхоһут Амыырыскай «Үөмэстэй Бэргэн» диэн олоҥхотун судургу соҕустук бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Мария Дмитриевна Ноговицына үөрэнээччилэрин кытта фольклорнай эспэдииссийэни тэрийэн, Амма олоҥхоһуттарын тустарынан матырыйааллары, ахтыылары хомуйбуттара. Сорох матырыйаалларын Олоҥхо ыһыаҕар, олоҥхоһуттар тустарынан киллэриэххэ сөп.
Екатерина Иванова тылыттан Дэхсилээхэп суруйбут «Аландаайы-Куландаайы бухатыыр» диэн олоҥхотун биһиги Бөтүҥ уонна Сулҕаччы нэһилиэктэр баһылыктара көҕүлээннэр уонна үбүлээннэр, 2022 сыллаахха туспа кинигэнэн таһааран турабыт. Киирии ыстатыйаҕа Екатерина Егоровна олоҥхоһут быһыытынан эйгэтин, олоҥхотун сюжетнай-композиционнай тутулун, дьүһүлгэнин ситимин балачча киэҥник сырдаппыппыт.
Билигин
Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэринэн, атын улуустар, холобур, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы курдук, аммалар олоҥхоһуттарын тустарынан баар матырыйааллары түмэргэ, сааһылыырга үлэлиэхтэрин наада. Олоҥхо институтун сиэктэрин сэбиэдиссэйэ, бэйэтэ олоҥхону толоруунан утумнаахтык дьарыктанар Юрий Петрович Борисов Аммаҕа 50-ча олоҥхоһут төрөөн-үөскээн ааспытын быһааран турар. Кини билигин «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык олоҥхоһуттар ыырдарынан» диэн бырайыак чэрчитинэн, Аммаҕа нэһилиэктэринэн сылдьан олоҥхолуур уонна олоҥхоһуттар тустарынан эбии матырыйааллары хомуйар былааннаах үлэлиир.
Онон бэйэҕит улуускутуттан тахсыбыт учуонайдар кыахтарын туһаныҥ. Искусствовед, учуонай Ньургуйаана Ивановна Илларионова Ил Түмэҥҥэ үлэлии сылдьан, Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэн ыытыыга улахан, баай уопуттаах, кини улуус баһылыгын солбуйааччынан үлэлиирэ Олоҥхо ыһыаҕын тэрийсиигэ тирэх буолуоҕа.
Урукку да өттүгэр Амма баһылыктара: билигин норуот суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумовтан саҕалаан, Василий Алексеевич Пахомов, Александр Еремеевич Артемьев, Николай Архипович Архипов баһылыктыылларын саҕана бэртээхэй салайааччы Прасковья Ивановна Емельянова олоҥхону үйэтитиигэ сөҕүмэр үлэни ыыппытын сөҕө саныыбын. Кинилэр Амма аатырбыт олоҥхоһуттара Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий, Устин Гаврильевич Нохсоороп, Екатерина Егоровна Иванова курдук киин улуустарга биллэр олоҥхоһуттар уонна олоҥхоһут-суруйааччы Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап олоҥхолоро бэчээттэнэн, дойдуларыгар даҕаны, бүтүн Саха сиригэр даҕаны тарҕаммыттара, сорохторо тылбаастанан нуучча ааҕааччыларыгар тиийбиттэрэ. Итиэннэ Аксиния Даниловна Софронова тэрийбит «Оллоон олоҥхото» диэн көрдөрүүлээх оҕо ансаамбыла оҕолорго уонна эдэр ыччакка үтүө холобур буолар.
Мин төрүт култуура төлкөлөөх түөрэҕэ түһүөҕүттэн аммалары кытары отучча сыл бииргэ алтыһан үлэлээтим, Чээбий Түмэппий уонна Екатерина Иванова олоҥхолорун бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыыга, кинилэргэ аналлаах кэмпириэнсийэлэри тэрийиигэ, ыһыахтары ыһыыга фольклорист быһыытынан кыттыспыппыттан киэн туттабын. Эмис нэһилиэгин баһылыга Илья Ильич Пестерев, Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Николаевич Никитин бэйэлэрин түөлбэлэрин олоҥхолоро күн сирин көрөрүгэр күүскэ көмөлөспүттэригэр махтабын.
Түмүктээн эттэххэ
Амма олоҥхото биллиилээх фольклорист уонна этнограф Виктор Николаевич Васильев саҕаттан сурукка-бичиккэ тиһиллэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийэн, тарҕанан, күн бүгүн араас ныманан тылынан, суругунан, туспа кинигэлэринэн, аныгы тиэхиньиичэскэй ньымаларынан, араадьыйанан, «күөх» экраанынан киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Итиэннэ талааннаах дьон ону салгыы сайыннарар, үйэтитэр кыахтаахтар. Бу өттүнэн ыллахха, Олоҥхо ыһыаҕын билиҥҥи кэмҥэ суолтата, дьайар күүһэ туох да ураты күүстээх, дьайыылаах. Ону аммалар Олоҥхо ыһыаҕар дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник көрдөрүөхтэрэ, кэрээбэккэ кэпсиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Василий ИЛЛАРИОНОВ, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин чилиэнэ, тыл билимин дуоктора, бэрэпиэссэр .
«Ил Түмэн» хаһыакка бэчээттэммититтэн.