«Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» Дьокуускайга ыытыллыаҕа
Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн, 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө, «ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһэ Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр ыытыллар.
Сунтаар улууһугар 2018 сылтан муус устар 9 күнүгэр улуу ырыаһыт, оһуохайдьыт, үҥкүүһүт Сергей Зверев-Кыыл Уолун күнэ бэлиэтэнэр. Бу кини төрөөбүт бэлиэ күнэ буолбатах, аар тайҕа ырыаһыта бастакы улахан хайҕалын – САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатын — ылбыт күнэ.
Бу күн Сунтаарга хаһыс да төгүлүн “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” диэн норуот айымньытын 9 көрүҥэр күрэс ыытыллар буолбута. Кыыл Уола 9 көрүҥҥэ дэгиттэр дьоҕурдаах киһи этэ. Онтон бу сырыыга улуу киһи үбүлүөйүн көрсө, өрөспүүбүлүкэ килбэйэр киинигэр, долгуйар Дьокуускай куоракка ыытыллар буолла.
Күрэс үөрүүлээх арыллыыта П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар муус устар 4 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан буолуоҕа. Маны тэҥэ, тэрээһиннэр “Арчы дьиэтэ” култуура духуобунай киинигэр, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыахтара.
Фольклор күрэһэр икки бөлөҕүнэн кытталлар: 1 бөлөх — 17-гэр диэри саастаах оҕолор; 2 бөлөх — 18-тан үөһэ саастаах улахан дьон.
Күрэс 9 көрүҥүнэн ыытыллар:
“Тойон ымыйа тула мустан” тойук күрэһэ;
“Оллоонноон олорон олоҥхолуох” олоҥхо күрэһэ;
“Оһуокай – саха алгыстаах үҥкүүтэ” оһуокай күрэһэ;
“Саха ыллыыр ырыата” норуот ырыатын күрэһэ;
“Тыл сүмэтэ” үгэ, чабырҕах, уус-уран ааҕыы күрэһэ;
“Төрүт дорҕоон” саха музыкальнай үнүстүрүмүөннэригэр оонньооһун күрэһэ;
“Саха үҥкүүтүн сарсыҥҥыта” бөлөҕүнэн төрүт үҥкүү күрэһэ;
“Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ” ат симэҕин оҥорооччулар көрүү-күрэстэрэ;
“Дэгиттэр быһах” саха быһаҕын көрүү-күрэс.
Кыттааччы кэлэр-барар, аһыыр, хонор ороскуотун бэйэтэ уйунар. Сайаапканы муус устар 1 күнүгэр диэри туталлар. Кыттааччы пааспарын, ИНН, СНИЛС куопуйаларын күрэс буолар күннэригэр илдьэ сылдьара ирдэнэр. Бары көрүҥҥэ сахалыы таҥас булгуччулаах.
КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХТАРГА:
— улахан дьоҥҥо — 300 000 (үс сүүс тыһыынча) солкуобай;
— оҕолорго – 100 000 (сүүс тыһыынча) солкуобай;
• оһуокай Дархан этээччитигэр – 100 000 (сүүс тыһыынча) солкуобай;
• хас биирдии көрүҥҥэ I, II, III үрдэллэр, анал ааттар олохтонуохтара;
• хас биирдии кыттааччыга туоһу суруктар туттарыллыахтара.
Сайаапкалары электроннай аадырыска: suncul1980@mail.ru ыытыаххытын сөп. Билсэр нүөмэргит: 89141153503.
Ангелина Васильева.