"Оллоонноон олорон олоҥхолуох" күрэс кыайыылааҕа - Александра Яковлева - Сайт Олонхо
Главная / События / "Оллоонноон олорон олоҥхолуох" күрэс кыайыылааҕа - Александра Яковлева

«Оллоонноон олорон олоҥхолуох» күрэс кыайыылааҕа — Александра Яковлева

Саха ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн-битиитин, оһуокайын ХХ үйэҕэ киэҥник тарҕаппыт, саҥа кэмҥэ сүтэн хаалбатыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит   С.А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылы көрсө, сунтаардар «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһин Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.

Күрэс Кыыл Уолун тоҕус дьоҕурун билиһиннэрэр түһүлгэлэринэн хайысхаланан барда: “Тойон ымыйа тула мустан” – тойук,  “Оллоонноон олорон олоҥхолуох” – олоҥхо, “Оһуокай – саха алгыстаах үҥкүүтэ” – оһуокай, “Саха ыллыыр ырыата” –  норуот ырыата, “Тыл сүмэтэ” – үгэ, чабырҕах, уус-уран ааҕыы, “Төрүт дорҕоон” – саха доҕуһуоллуур үстүрүмүөннэригэр оонньооһун, “Саха үҥкүүтүн сарсыҥҥыта” – бөлөҕүнэн төрүт үҥкүү,  “Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ” – ат симэҕэ, “Дэгиттэр быһах” – саха быһаҕын көрүү.

Сыл аайы кыттааччы ахсаана үксүү турара үөрдэр. Ону кытта толоруу таһыма эмиэ үрдээн иһэр. Быйылгы кыайыылаах Мэҥэ Хаҥаластан уус Василий Макаров 300 тыһ. солк. сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Оҕолорго Сунтаартан төрүттээх Томпо чабырҕахсыта Эрхаан Степанов бастаан, 100 солк. ылла. Оттон оһуокайга Ньурбаттан «Далбар этээччи» Розалия Тихонова 100 тыһ. солк. тутта.

 «Оллоонноон олорон олоҥхолуох» күрэскэ олоҥхону 22 толорооччу кытынна. Олор истэригэр бөлөхтөр эмиэ бааллар.

Ону кытта ааттаах-суоллаах толорооччулар эмиэ: Олоҥхо ыһыаҕар “Кылаан чыпчаал” ааты ылбыт Афанасий Попов, “Олоҥхо-баттл” телевизионнай күрэх кыайыылааҕа Стас Иванов, “Куйуур олоҥхото” күрэскэ бастаабыт Арчыман Номоҕон уо.д.а. сураҕырбыт толорооччулар бааллар.  

 Икки күннээх олоҥхо күрэһин Сунтаартан олоҥхо хайсыхатын сүрүннүүр Екатерина Григорьева ыытта.

 Дьүүллүүр сүбэҕэ эпосовед бэрэпиэссэрбит Василий Илларионов, тойукка-кылыһахха уһуйааччы Лена Егорова,  СӨ үтүөлээх учуутала, аммалары олоҥхоҕо уһуйар Александра Артемьева үлэлээтилэр.  Лена Митрофановна ырыаларын-тойуктарын болҕойон истэн, хас биирдиилэригэр сүбэлээн эттэ, сыыһаларын ыйда.

Бу толоруулары барытын сайтпытыгар таһаарыахпыт. Оттон күрэс түмүгэ маннык буолла:

Аатырбыт олоҥхоһут Ноорой сиэнэ Степанова Аксиния Николаевна (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас) «Үгэһи утумнааччы» анал ааты ылла.

«Түөлбэ олоҥхоһута» – Амма култууратын үлэһитэ, “Олоҥхо- батталга” көрөөччү биһирэбилин ылбыт Кириллина Анна Михайловна.

Сунтаартан Яковлева Александра Аркадьевна бастаата.

Тааттаттан Попов Афанасий Николаевич иккистээтэ.

 Иванов Станислав Александрович  үһүс буолла.

Поделитесь этой страницей