Олоҥхоһуттар Айыыһыт туомнарын туһунан кэпсиэхтэрэ
Ытыктабыллаах эдэр дьоммут, төрөппүттэр, уһуйааччылар, төрүт үгэһи сэҥээрээччилэр!
Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай киинэ, Дьокуускай куорат «Айыы итэҕэлэ» олохтоох итэҕэл тэрилтэтэ «МУУС УСТАР — КЭРЭНИ, ТАПТАЛЫ ТҮСТҮҮР АЙЫЫҺЫТ ЫЙА» диэн сэһэҥҥэ ыҥыраллар.
Сэһэннэри ыыталлар:
«‘АЙЫЫҺЫТ ҮӨРЭҔЭ» — Попова Г.С.- Санаайа, педагогическай билим кандидата, культуролог.
«ЫАЛ БАРҔАТА» — олоҥхоһут, алгысчыт П.М. Тихонов-Тэрчи,
«АЙЫЫҺЫТ ЫЙЫН ТУОМНАРА» — Нам улууһун Олоҥхо ассоциациятын кыттыылааҕа С.Н. Лукина.
БУОЛАР СИРЭ: Дьокуускай к. «Арчы дьиэтэ» ДКК, Чернышевскай уул. 24
БУОЛАР КЭМЭ: муус устар 17 күнэ, 16.00 ч.
Поделитесь этой страницей