Норуот күүһүнэн турбут олоҥхо-опера
2022 сыллаахха САССР 100, итиэннэ композитор Марк Жирков төрөөбүтэ 130 сылларынан бүлүүлэр, сыанаҕа оонньоммотоҕо 75 сыл буолбут “Сыгый Кырынаастыыр” операны толору туруоран, Москубаҕа тиийэ көрдөрбүттэрэ.
Норуот күүһүнэн турбут испэктээк бэркэ табыллан, онтон кынаттанан, аны “Ньургун Боотур” олоҥхону ылсарга соруммуттара.
Өскөтүн “Сыгый Кырынаастыырга” үлэлэспит, оонньообут дьон ахсаана быһа холуйан 150-ча эбит буоллаҕына, бу “Ньургун Боотурга” 200-чэкэ киһи кыттыста. Нэһилиэктэртэн ыллыыр-туойар дьоҕурдаахтара түмсэн, үлэлэриттэн быыс булан, хаһан да аахпатах ноталарын тутуһан, тыыннаах доҕуһуолунан ыллыырга үөрэнэн, кылгас кэм иһигэр опера эйгэтигэр бастакы хардыыларын оҥордулар.
Бүлүүгэ премьералара муус устар 10 күнүгэр, Марк Жирков төрөөбүт күнүгэр, ситиһиилээхтик буолан ааспыта. Ол туһунан “Саха” НКИХ ханаалыгар көстүбүт сонуну көрүҥ:
Көрбүккүт курдук, Ньургун Боотур оруолун Халбаакы баһылыга Алексей Васильев толордо. Үрүҥ Уолан – Василий Николаев, Туйаарыма Куо — Наталия Иванова, Уот Уһутаакы – Сергей Саввинов, Сорук Боллур – Алан Мунхасытов, Кыыс Кыскыйдаан — Анна Черкашина.
“Норуот күүһүнэн турар испэктээк истиҥ тыыннаах буолар эбит. Итиэннэ сомоҕолоһууга туһаайар уратылаах. Күннэтэ көрөр туруу үлэһит дьоммут, сыанаҕа чыҥха уларыйан, кистэлэҥ талааннарын көрдөрөн, айылҕаттан баар куоластарын таһааран, барыбытын долгуттулар уонна киэн туттуу санаатын сахтылар, киһи кыаҕа муҥура суоҕар өссө төгүл итэҕэттилэр”, — диэтилэр көрөөччүлэр.
Маннык норуодунай операны туруорар санаа улуус баһылыга Сергей Винокуровка 2021 сыллаахха Чайковскай аатынан судаарыстыбаннай консерваторияҕа Марк Жирков аатынан пианистар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарыгар бара сырыттаҕына саҕыллыбыт эбит. Онно ити үөрэх кыһатын проректора В.А. Катков эппит: “Бүлүүлэр абытайдаах дьоҥҥут ээ, маннык улахан таһымнаах күрэҕи тэрийэҕит. Аны эһиил опера аҕаларгыт буолуо”, — диэн. Ити дьээбэ аҥаардаах этии идиэйэҕэ кубулуйан, номнуо 2-с операларын көмүс куоластаахтарынан биллэр бүлүүлэр туруордулар.
“Сыгый Кырынаастыырга” курдук, бу да сырыыга эмиэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай оркестрын салайар дирижер Николай Петров доҕуһуолун барытын сүрүннээтэ. Бүлүүтээҕи Оҕо ускуустубатын кытта алтыһыннаран, бэркэ дьүрүһүтэн-дуораһытын оонньоотулар.
Оттон туруорааччы режиссерунан эмиэ иккис төгүлүн Прокопий Неустроев буолла.
Бу опера Бүлүү куоратын 390, итиэннэ бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл С.М Аржаков төрөөбүтэ 125 сылларыгар ананна.
Операҕа идэтийбэтэх дьону дьаныһан туран дьарыктаан, дьиҥнээх опера курдук буоларын ситиспит айар бөлөх сыралаах үлэтин Дьокуускай куорат олохтоохторугар билиһиннэрэ кэлэллэр.
Онон муус устар 21 күнүгэр барыгытын Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар киэһэ 17.00 чаастан ыҥырабыт.
Хаартыскалар куйаар аһаҕас ситимиттэн.