“Оҕо уонна олоҥхо үөрэҕэ” сэминээр
Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо саас уонна Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан “Оҕо уонна олоҥхо үөрэҕэ” улуустааҕы сэминээр-практикум ыытылынна. Бу сэминээр Сунтаардааҕы 3№-дээх оскуолаҕа “Оҕо уонна олоҥхо” бырайыак чэрчитинэн, тыйаатыр эйгэтигэр олоҥхо ырыатыгар-тойугар олоҕуран буолла.
Бырайыак ааптара Туяра Алексеева, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК сүрүннүүр исписэлииһэ, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта, Өрөспүблүкэтээҕи, улуустааҕы тойук, оһуокай, олоҥхо күрэхтэрин кыайыылааҕа, «Эйгэ», «Айылгы», «Дьүрүскэн» оҕо фольклорнай бөлөхтөр салайааччыта, СӨ култуураҕа туйгуна үрдүк таһымнаахтык ыытта.
Авторскай сэминээргэ Сунтаар, Элгээйи, Хоро, Түбэй Дьаархан, Арыылаах оскуолаларыттан 20-чэ муусука учуутала, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта, төрөөбүт тыл, литература үөрэтээччитэ, оҕо театрын устуудьуйатын салайааччыта кытынна. Туяра Аркадьевна тойугунан туойан доллоһутан, уохтаах кымыһынан айах тутан, алгыстаах алаадьынан күндүлээн сэминээр кыттааччыларын айхаллаата. Олоҥхо үрдүктүк тутуллуохтааҕын, оҕо саха буолан сандаарарыгар суолталааҕын, фольклор туһунан туһалаах иһитиннэриилэри оскуола дириэктэрэ А.Н.Николаев, үөрэҕирии салаатын методиһа Т.Т.Жиркова, М.А.Тараярова эттилэр.
Туяра Аркадьевна алын сүһүөх учууталларын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Дьарыктыыр үөрэнээччилэрэ туойан, олоҥхолоон, хомустаан көрдөрөн биһирэбил ыллылар.
Олоҥхону үөрэтиигэ учуутал оруолун туһунан С.М.Иванова, алын кылаас учуутала, Сунтаардааҕы 3-с №-дээх орто оскуола “Үүтээн” тыйаатыр устуудьуйатын салайааччыта, К.М.Сергеева олоҥхо дьоруойдарын куукуланан дьүһүйүүнү билиһиннэрии, эбии үөрэхтээһин бэтэрээн учуутала олус кэрэхсэбиллээхтик уопуттарын үллэһиннилэр.
Салҕыы сэминээр кыттааччылара олоҥхо уобарастарын үтүктэн ырыа-тойук толордулар, сэргээн, кэрэхсээн туран дьарыкка ылыстылар. Эбиэккэ оскуола повардара астаабыт сахалыы астаах чалбараҥҥа: ис миинэ, үтэһэлээх эт, алаадьы, баахыла тото-хана аһаатылар.
Ураты хайысхалаах, олус туһалаах сэминээр ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр, махталларын тириэртилэр. Кыттааччылар туоһу сурук тутан, өрө көтөҕүллэн тарҕастылар.
Анна АЛЕКСЕЕВА,
Сунтаардааҕы 3-с №-дээх оскуола саха тылын учуутала